Олоҥхоһут электромонтер

Бөлөххө киир:

Урукку өттүгэр бырамыысыланнас хампаанньаларыгар кэлии эрэ дьон үлэлииллэрэ. Киин эрэгийиэннэртэн Уһук Хоту кэлэн хас да сыл үлэлээн баран, төттөрү дойдуларыгар көһөн бараллара. “АЛРОСА” хампаанньаҕа балаһыанньа эмиэ оннук этэ. Тарбахха баттанар ахсааннаах олохтоохтор үлэлииллэрэ. Сунтаар улууһун Маар Күөлүттэн  төрүттээх Семен Саввинов ааспыт үйэ 80-с сылларын ортолоругар Мииринэйгэ көһөн, холбоһук­таах  авиа-этэрээккэ үлэлии киирбитэ.

 edersaas.ru

Сунтаартан алмаастаах Мииринэйгэ

Семен Саввинов номнуо отучча сыл “АЛРОСА” АХ иһинэн үлэлиир Мииринэйдээҕи авиационнай предприятиеҕа электромонтерунан үлэлиир. Семен Семенович оскуола кэнниттэн биир сыл сопхуоска үлэлээн баран, 1978-80 сылларга аармыйаҕа сулууспалаан ытык иэһин төлөөн,  дойдутугар кэлбитэ. Ити сыл Иркутскай куоракка политехническай институт бэлэмнэнии куурсугар үөрэнэ киирбитэ. Геолого-разведочнай факультекка киирэн үөрэнэ сылдьан, иккис сылыгар дойдутугар ахтылҕана күүһүрэн төннөргө санаммыта. “Дойдубар хайдах идэтэ суох төннүөхпүнүй диэн, ТУ-6 училищеҕа уустук бытовой тиэхиньикэни өрөмүөннүүр идэҕэ үөрэммитим уонна баҕам хоту төрөөбүт Сунтаарбар кэлбитим. Мин дьолбор, Олоҕу-дьаһаҕы хааччы­йар кэмбинээт аһыллан, онно старшай маастарынан 1983 сыл­лаахха үлэҕэ анаммытым. Ити сыл Иркутскайга билсибит кыыспыныын холбоһон, Маар Күөлгэ  сыбаайба ньиргитэн кэбиспиппит”, — диэн Семен Семенович кэпсиир.

1986 сыллаахха алмаастаах куоракка көһөн,  Мииринэйдээҕи холбоһуктаах авиаэтэрээккэ электромонтёрунан үлэҕэ киирбитэ.  Билиилээх-көрүүлээх туруу үлэһити бэлиэтии көрөннөр, биригэ­дьииринэн анаабыттара. Оччолорго кэлэктииптэригэр 22 электромонтёр этилэр. Семен Семенович эбии разряд туттаран, 2002 сылтан билиҥҥээҥҥэ диэри энергоблокка дьуһуурунай электромонтёрунан үтүө суобастаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар. Билигин “АЛРОСА”, авиапредприятие, үлэ бэтэрээнин быһыытынан, биэнсийэлээх.

Соҕотох саха

— Үлэлии киириэхпиттэн, энергосулууспаҕа соҕотох сахабын. Атын  сулууспаларга эмиэ аҕы­йах саха баара даҕаны, биэнси­йэҕэ тахсан уурайбыттара. Билигин эдэр авиатиэхиньиктэр  элбээтилэр. Урут үөрэхтээх буоллаххына туох да  харгыһа суох “АЛРОСА-ҕа” үлэҕэ киириэххэ сөбө. Кылаабынайа, үлэһит, тулуурдаах эрэ буолуохха наада. Үгүс эдэр дьон үлэ эрэсиимин кыа­йан тутуспакка, ­ыарырҕатан, уура­йан хаалаллара баар суол. Билигин хампаанньаҕа үлэҕэ киирии аһара куонкурустаах курдук. Эбиитин сыл аайы сарбыйыы ыытыллар. Ол  эрээри Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты бүтэрбит исписэлиистэр син үлэнэн хааччыллаллар, — диэн этэр.

Кырдьык, билигин хайа да үлэҕэ сарбыйыы, үлэ ­миэстэтин аҕыйатыы бара турар. Бырамыысыланнас хампаанньаларыгар үгүс өттүгэр үлэһиттэри баахта ньыматынан эрэ ылаллар.

Семен Семенович идэтигэр бэриниилээх, туруу үлэһит буолан, авиапредприятие биир бастыҥнарын ахсааннарыгар сылдьар.

Олоҥхоһут, алгысчыт, тойуксут

Саввиновтар дьиэ кэргэн уоллаах кыыс оҕолоохтор. Уоллара үрдүк тиэхиньиичэскэй үөрэхтээх, “Интернациональнай” шахтаҕа шахтёр. Кыыстара икки үрдүк үөрэхтээх. Иккиэннэрин кыһыл дипломунан бүтэрбит. Ульяновскайдааҕы үрдүкү авиационнай институту бүтэрэн, уонтан тахса сыл аҕата үлэлиир тэрилтэтигэр авиационнай куттал суол буолуутун сулууспатыгар инис­пиэктэрдээбитэ. Билигин “Алмазик» кэмиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэҕэ үлэ харыстабылын инженеринэн үлэлиир. Семен Семенович кэргэнэ оҕо уһуйааныгар иитээччинэн үлэлээн, билигин биэнсийэҕэ олорор. “АЛРОСА” хампаанньа, үлэ бэтэрээнэ.

— Иллэҥ кэммэр саас буолла да, оҕуруотунан дьарыктанабын. Малинаны, моонньоҕону, хаптаҕаһы  уо.д.а. олордобун. Күһүн Сунтаар улууһун кэрийэн умнастарын атыылыыбын. 2009 сыллаахха оройуон бастыҥ оҕуруотчута ааты ылбытым. Үгүс хаһыаттарга суруйбуттара, тэлэбиидэнньэҕэ устубуттара.

50 сааспын туолан баран, дойдубуттан тэйбитим ­ыраатан, итиэннэ Мииринэйгэ сахалар, устудьуоннар элбээннэр, саха фольклорун көрдөрөр-иһитиннэрэр, дьоҥҥо-­сэргэҕэ тарҕатар са­­нааттан, олоҥхолуур, туойар ­буолбутум, — диэн Семен Семенович үлэтин быыһыгар иллэҥ кэмигэр “Арчы” бэтэрээннэр кулууптарыгар дьарыктанан, араас тэрээһиннэргэ ал­­гыстыырын, туойарын, олоҥхолуурун, оһуохай тылын этэрин, өссө  хомустуурун туһунан кэпсээтэ.

Семен Саввинов  «Сардаҥа» сахалар түмсүүлэрин чилиэнэ, уопсастыбаннай тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар. Кини куруук ыҥырыыга сылдьар алгысчыт, ­оһуохайдьыт. Самаан сайын кэ­­лиитэ, оскуола, оҕо уһуйааннарын ыҥырыытынан ыһыахтарын аһар, арчылыыр, алгыстыыр. Оройуон иһигэр ыытыллар күрэхтэргэ тиһигин быспакка кыттар.

— Мииринэй куоракка “Арчы Дьиэтэ” тутуллара буоллар диэн ыра санаалаахпыт. Дьарыктанар, түмсэр  сирбит суох. Куруук онно-манна кыбылла-үтүрүллэ сылдьабыт. Түгэнинэн туһанан, Ил Дархан Айсен Николаевтан, Култуура министиэристибэтиттэн “Арчы” дьиэтин тутарга ылсаргыт буоллар, Мииринэй куоракка саха итэҕэлин, фольклорун тарҕатыа этибит диэн көрдөһүүлээхпин, — диэн кэпсээнин түмүктээтэ.

Анивера Акимова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0