Олоҥхо тыйаатырын саҥа бырайыага кэрэхсэттэ

23.05.2017
Бөлөххө киир:

Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Виталий Власов П.А.Ойуунускай  “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун бэйэтэ суруйбут муусукатынан доҕуһуоллаан, улуустартан Тааттаттан, Уус Алдантан, Чурапчыттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Дьааҥыттан, Дьокуускай куораттан ыллыыр-туойар дьоҕурдаах олоҥхону толорор кыахтаах талааннаах дьону кытыннаран, Саха академическай тыйаатырыгар толорон иһитиннэрдилэр.

Туруоруу сүрүн сыала-соруга — улуу Ойуунускай суруйан хаалларбыт олоҥхотун тылын-өһүн уларыппакка, ырыатын-тойугун тыыннаах муусуканан доҕуһуоллаан билиҥҥи көрөөччүгэ сыа-сым курдук тиэрдии буолар. Дьэ ол да иһин, аныгы информационнай технологиянан  киэҥник реклаламмыт уонна киириитэ босхо да буолан, тыйаатырга көрөөччү көхтөөхтүк кэлбит.

Олоҥхобут ЮНЕСКО-ҕа аан дойду кылаан чыпчаалынан билиниллиэҕиттэн  кэрэхсэбил биллэрдик улаатта. Мин үлэбэр тардыллан, алта чаас саҕана кэлиибэр, тыйаатыр аана сабыллыбыт, таһыгар бэрт элбэх киһи кыайан киирбэккэ хаамса сылдьаллара. Олоҥхо тыйаатырын аанынан киирбитим саала толору, мин курдук хойутаабыттар  туран эрэ көрөргө тиийбиппит. Кэлин, хата, А.С.Борисов таба көрөн олоппос аҕалан биэрэн, дуоһуйа көрдүм.

Туох-ханнык иннинэ олоҥхону олохсуйбут ньыманан толоруу ситиһиллибитин кэрэхсээтим. Былыр-былыргыттан биирдиилээн уонна кыттыгас толоруу диэннэр бааллара. Олоҥхоһут олоҥхотун саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри соҕотоҕун толоруута, нууччалыы эттэххэ, сольнай толоруу диэн ааттанар. Биһиги талааннаах олоҥхоһуттарбыт күн бүгүҥҥэ диэри бэйэлэрэ олоҥхо кэпсээнин, персонажтар ырыаларын араас матыыбынан толороллор. Дьэ ол иһин олоҥхону маннык толорууну “театр одного артиста” диэн ааттыыллар. Оттон В.Л. Серошевскай олоҥхоһуттар кыттыһан толорууларын “драматизированное исполнение” диэн ааттаабыта уонна истэргэ олус кэрэхсэбиллээх диэбитэ. Биһиги, “Мин – олоҥхо дойдутун оҕотобун» бэстибээлгэ хара маҥнайгыттан олоҥхону олохсуйбут ньыманан толорууну ирдэбил быһыытынан туруорбуппутун уһуйааччылар уонна үөрэнээччилэр ылынан, билигин эдэрдэрбит балачча олоҥхону толорор буолбуттара киһини үөрдэр. «Уруйдан, улуу олоҥхобут» бэстибээлгэ эмиэ ити ирдэбили туруорабыт. Ол түмүгэр кырдьаҕастарбыт соруннахтарына, олоҥхону толору  толорор кыахтаннылар.

Кыттыгас толоруу умнулла быһыытыйбыта. Ааспыт үйэ аҕыс уонус сылларыгар  тэриллэн ыытыллыбыт фольклор бэстибээллэригэр К.Д.Уткин көҕүлээһининэн, С.С.Егоров бэйэтин олоҥхотун кыттыгас толорууну тэрийэн толорбута биһирэммитэ. Кэлин биллиилээх олоҥхоһут В.О.Каратаев “Модун Эр Соҕотох” олоҥхотун Дьокуускайга олоҥхоһуттар түмсүүлэригэр кыттыгас толорууну тэрийбитэ. Народнай суруйааччы Суорун Омоллоон толорууну истэн баран, амтаһыйан эрэ хааллым, диэн үрдүктүк сыаналаабытыттан эр ылан, Василий Осипович “Аар Дьаҕыл» ансаамбыл тэринэн, Бүлүү тойуксуттарын кытта кыттыгас толорууну тэрийбитэ билигин да олоҥхолооһуну сөргүтүүгэ уонна тарҕатыыга бүлүүлэр атыттарга холобур буолар курдук үлэлии сылдьаллар.

Онон В.Г.Власов кыттыгас толоруу көрүҥүн сөргүтэн, билиҥҥи кэм сиэринэн тыыннаах муусуканан доҕуһуоллаан тыйаатыр сценатыгар таһаарыыта кэрэхсэниэн сөп. Маныаха кини С.А.Зверев аатынан үҥкүү ансаамбылын иһинэн үлэлиир национальнай оркестры (дирижер СӨ үтүөлээх деятелэ Н.Петров) кытта үлэлэспит. Муусука сахалыы тыыннаах буоларын хомусчуттар бөлөхтөрө уонна Руслан Баишев бэйэтэ айбыт кыл саҕар кырыымпатынан доҕуһуоллаатылар. Кинилэр хомуска сыыйа тардыы ньыматынан оонньообуттара саха киһитин сүрэҕэр-быарыгар ордук тиийимтиэ буолар эбит. Кэлэр өттүгэр маннык төрүт үгэспитин сөргүтэрбит наадалааҕа көстөр. Аҥаардас хомуһунан уонна кырыымпанан доҕуһуоллаабыт буоллар өссө ордук буолуо эбит дии санаатым. Чэ, ону музыковедтар быһаарыахтара, сыаналыахтара, сүбэ-ама буолуохтара диэн эрэнэ саныыбын.

Толорооччулар араас улуустартан кэлбит буоланнар, бэйэлэрин түөлбэлэрин матыыптарын, тойуктарын биэрдилэр, онон истэргэ ордук кэрэхсэбиллээх буолла. Олоҥхо маҥнайгы ырыата аан дойду айыллыыта, сир дойду үөскээһинэ, урааҥхай саха ууһаан-сайдан барыыта кэпсэнэр буолан, кэпсээнэ (речетатива), эбэтэр чабырҕаҕа баһыйар. Ону барытын олоҥхоһут курдук биир киһи эппитэ-тыыммыта буоллар, баҕар, сорохторго салгымтыалаах да курдук көстүөн сөп этэ. Дьэ ол иһин олоҥхолооһуҥҥа кыттааччылар уочаратынан түһүмэхтэринэн үллэстэн толорбуттара ордук табылынна. Хас биирдиилэрэ олоҥхо тиэкиһин көрөн олорон да буоллар, ааҕан доллоһуттулар. Арай, дьиҥ ийэ олоҥхоһуттар курдук түргэн тэтиминэн, чабырҕах киэбинэн толорон куйуһуппуттара буоллар, истэргэ өссө ордук сүүйүүлээх буолуо этэ. Муҥар, микрофоҥҥа олус чугас олорон дуу, эбэтэр сатаан туруорбаккалар дуу, ол үөһэ муусука доҕуһуолун баһыйа сатаан дуу, сорох-сорох түгэннэргэ киһи кулгааҕын кулукута уһулу ойуох курдук тыас-уус буолан иһиллэр. Маны кэнники туруорууларга учуоттуохха наада.

Олоҥхо ырыатын-тойугун сөптөөхтүк  биэриигэ дьулуһуу баар эбит. Университет профессора Л.С.Ефимова, сиэр-туом алгыстарын анаан үөрэппит киһи сиэринэн, төрөөһүнү-ууһааһыны доҕуһуоллуур айыыһыт алгыһын олус бэркэ биэрдэ. Оттон А.Николаев (Таатта), А.Мойтохонова тойуктарын тэтимэ, кылыһахтарын кылаана чахчы да табылыннылар, кинилэр толорууларыгар олоҥхо тыына, энергетикэтэ истээччилэри улаханнык өрө көтөхтө. Эдэрдэр Анатолий Захаров (Чурапчы), Д.Бястинов (Боотуруускай) толорууларын бары да сэргээн иһиттибит. Анатолий Захаров оҕо эрдэҕиттэн бэстибээллэргэ кыттан, туойарга-ыллыырга, олоҥхо кэпсээнин тэтимнээхтик биэрэргэ уһуйуллан, уопутуран тахсыбыта улаханнык биллэр. Эдэрдэр олоҥхобутун салгыы өрө тута сылдьыахтарыгар эрэнэбин. Уопсайынан да, олоҥхону кыттыгас толорууга эдэрдэр уонна күөгэйэр күннэригэр сылдьар талааннаах дьон сүүмэрдэнэн киллэриллибиттэрэ киһини үөрдэр.

Олоҥхо, мин ааҕарбынан, икки чаастан ордук барда. Аныгы киһи онтон ордук истэрин ыарырҕатар. Былыр олоҥхону икки-үс түүннээх күн истэллэрэ диэн буолар. Билигин ол кыаллыбат. Арай, кыаллара буоллар, атын ырыаларын салгыы итинник толорор буоллар, хайдах буолар этэй, дии саныыбын. Бэйэм, бириэмэлээх эрэ буолларбын, кэлиэм этэ. Бу да толорууну биһирээтим. Дьоннор да бэркэ кэрэхсээбит, өрө көтөҕүллүбүт курдук буолбуттар этэ. Бэл сорохтор миэхэ махтаннылар, эһиги үөрэхтээхтэр баар буолан, олоҥхобут тилиннэ дэһэллэр. Истиэххэ үчүгэй, ол эрээри олоҥхону, буолаары буолан, П.А.Ойуунускай суруйбут чулуу олоҥхотун тыыннаах муусуканан доҕуһуоллаан туруорбут В.Г.Власовка махтал улахана буоллаҕа. Билиҥҥи олох сиэринэн, хаамыытынан олоҥхобутун сөргүтэн, тилиннэрэн норуоппутугар, ыччаттарбытыгар  тиэрдэр сорукка бары бииргэ, сомоҕолоһон үлэлиэҕиҥ, оччоҕо кыайыылаах буолуохпут.

Олоҥхо тыйаатыра кэнники сылларга олоҥхону сөргүтүүгэ, тарҕатыыга бэркэ ылсыһан үлэлиирин кэрэхсии көрөбүн. Дьэ ол да иһин бары тэрээһиннэригэр кыалларынан сылдьа сатыыбын, туруорууларын кэтээн көрөбүн, санаабын тиэрдэбин. Дьиҥэр, хаһан эрэ, олоҥхо Тус сыаллаах бырагырааматын оҥорсууга, Олоҥхо тыйаатырын тэриллиитин утарсыбыт аньыылаахпын-харалаахпын. Ол эрээри үлэлэрин-хамнастарын, туруорууларын көрө-истэ сылдьан, санаам уларыйан иһэр. Ордук бу кэнники сылларга Олоҥхо ыһыахтарын тэрийэн ыытыыга тыйаатыр салайааччылара уонна кэлэктиип барыта олус таһаарыылаахтык үлэлэһэр буолбуттарын биһириибин. Олоҥхо ыһыахтарын сценарийдарын оҥорууга, сиэрин-туомун тэрийэн ыытыыга, атын да тэрээһин үлэлэргэ Олоҥхо тыйаатырын кыттыыта сөҕүмэр. Аны биллэр-көстөр олоҥхоһуттары П.М.Тихоновы, В.И.Иванов-Чиллэни, В.Д.Даниловы, Н.И.Сафоновы, С.И.Ивановы, уһуйааччы Н.П.Тимофеевы үлэҕэ ылан, олоҥхону тарҕатыыга үлэлэтэр буоллулар. Быйыл саас Ньурбаҕа  В.И.Исаков салалтатынан олоҥхо дьоро киэһэлэрин тэрийэн ыыттылар. Кэлэр да өттүгэр Олоҥхо тыйаатыра олоҥхоһуттары улуустарынан сырытыннаран олоҥхолооһуну тэрийэн ыытар былааннаах. Олоҥхо тыйаатырын үлэһиттэрин уонна олоҥхоһуттары мин айымньылаах үлэҕэ алгыыбын.

                                  Василий Илларионов,

                                 филологическай наука

                                   доктора, профессор.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0