Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Гаврил Менкяров

Ааптар: 
04.11.2021
Бөлөххө киир:

Олоҥхо тыйаатырыттан тахсар премьералары көтүппэт сүгүрүйээччилэрэ саҥа айымньыга Гаврил Менкяров оонньуурун туһунан үөрэ истэллэр. “Удаҕан кыргыттара”, “Кыыс Дэбилийэ” олоҥхолорго кини “абааһылара” сүрүн дьоруой буолбатахтарын да иһин, ордук өйдөнөн хаалбыт, биһирэммит оруоллар. Гаврил Менкяров хайдах артыыс буолбутун, Олоҥхо тыйаатырыгар тиийбитин туһунан бэйэтэ кэпсиир.

Оҕо сааспыттан артыыс буолар баҕалаах этим

Артыыс буолар баҕа санаа бэрт кыра эрдэхпинэ үөскээбитэ. Үҥкүүлээн, ыллаан, хоһоон ааҕан, араас тэрээһиннэргэ кыттар этим. Сыдыбыл оскуолатыгар баар бары куруһуоктары кэрийбитим. Биэс саастаахпыттан сыанаҕа тахсан чабырҕахтыыр этим, онтон сэттэбин туолбут кэммэр аҕам оһуохай суруйан биэрбитэ. Аҕам улууспутугар биллэр ­оһуохайдьыт, Дархан этээччилэргэ киирсэр киһи, алгысчыт. Ити оһуохайбынан оҕолорго ыытыллар күрэстэргэ күннээбитим – нэһилиэккэ бастыыбын, ­улууска тахсан кыайабын. Ол аайы би­­риис тутан, санаа көтөҕүллүүтэ сүр – оҕоҕо бириис тутуу суолтата улахан буоллаҕа. Онон ­оһуохайбын сайыннарабын. Аҕам өссө уһун, уустук оһуохайдары суруйан биэрэр, мин куоласпын, тиэхиньикэбин тупсарабын. Элбэх күрэстэргэ кыттааччы буолан, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тиийбитим. Ол кэмнээҕи муҥуутуур ситиһиим – Бүлүүгэ биир үбүлүөйдээх, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ыһыахха иккистээбитим.

Кылыһах кыаллыбатаҕа

13 сааспын туолбут кэммэр, биирдэ, Каратаев аатынан олоҥхоһуттар, тойуксуттар түмсүүлэрин салайааччыта Светлана Иванова ыҥыран ылан “Чурапчыга улахан ыһыах буолар, онно барсаҕын дуо?” диэтэ. Мин ити кэпсэтииттэн “Докуускайга хонон ааһабыт” диэни өйдөөн, улахан куораты көрөр баҕаттан сөбүлэстим. Барсар усулуобуйам – олоҥхо үөрэтэн күрэскэ кыттыахтаахпын. Ити курдук олохпор маҥнайгы холонон көрбүт олоҥхобун «Дьоруо хоҥор аттаах Дьорҕостой Бэргэн» диэн айымньыны үөрэтэн киирэн бардым. Тылын аҥаарын кэриэтэ үөрэттим, ол эрээри дьиҥнээхтик олоҥхолуохпун үөрэтэр киһим суох буолан моһуогурдум. Сүрүн учууталым Гаврил Колесов буолла – кини “Ньургун Боотуру” ыл­­лаабыт CD-диискэлэрин истэ-истэ майгынната сатаан көрбүтүм. Этиитин син майгыннаппытым, оттон тойуга олох кыаллыбат. Кылыһахтыы сатаабытым, үөрэтэр киһитэ суох сатамматаҕа. Онтон санаам дэлби түстэ, “Чурапчыны, куораты көрбөт киһи буоллум” диэн бэрт улаханнык курутуйдум. Ону Светлана Тарасовна, “Чэ, бачча да ба­­һаам. Тиийэн кытын, олоҥхо күрэһэ хайдах буоларын көрүөҥ, дьону кытта билсиэҥ”, — диэн үөрдүбүтэ. Тиийэн кыттыбытым, Гаврил Гаврильевич толоруута билиҥҥи доҕутан этииттэн атын буоларын билбитим. Хата онтукам атын тойуксуттартан туспа толоруу буолан сонун соҕустук көстүбүт, түмүгэр “Көрөөччү биһирэбилэ” ханыыта бириистээх төннүбүтүм.

Туох ааттаах саллалларый?”

Дьиҥэр, баҕа санаам “Щепкаҕа” баран артыыс буолан эргиллиэм диэн этэ. Оскуоланы бүтэрээри сылдьар кэммэр Щепкин аатынан училищеттан кэлбит уолаттар “Кэскил” диэн киинэни устубуттара. Ити кэмҥэ куоракка үөрэнэ сылдьабын, Шамаев оскуолатыгар. Саха ты­­йаатырыгар сотору-сотору тии­­йэбин, “манна үлэлиэҕим, бу ис­­тиэнэҕэ мин мэтириэтим эмиэ ыйанан турар буолуоҕа!” диэн былаан баараҕайа. Биир дойдулааҕым, Бүлүүттэн төрүттээх Саха тыйаатырын кырдьаҕас артыыһын Дьарааһын Васильевы кытта билсэн, “Щепкиҥҥэ барыам этэ” диэн баҕа санаабын эппиппэр, “Бөлөҕүнэн ыытыы өтөрүнэн буолбата буолуо, бэйэҥ соҕотоҕун тиийэн туттарыстаххына эрэ кыаллара буолуо” диэн соһуппута. “Бу тыйаатыртан суол нөҥүө АГИКИ диэн үөрэх кыһата баар, онно холонон көр!” диэн сүбэлээбитэ. Онон, ол “суол нөҥүө” институкка туттарсар киһи буоллум. Эксээмэн тутааччыларбыт, бу санаатахха, “дьулаан дьон” эбиттэр – Андрей Саввич, Степанида Ильинична, Ефим Николаевич олороллор этэ, ону билбэтим бэрдиттэн, улаханнык саллыбатаҕым, бэрт холку этим. Абитуриеннартан дьиктиргиир этим, “туох аат­таах саллалларый?” диэн. Билбэт эмиэ абыраллаах эбит. Ити курдук ситиһиилээхтик туттарсан 17 устудьуон иһигэр киирэн, биэс сыл үөрэнэн кыһыл дьупулуом­наах түмүктээбитим.

«Үлэбит – күнү быһа олоҥхо ааҕыыта этэ”

Үөрэнэ сырыттахпытына, “Олоҥхо тыйаатыра аһыллыбыт” диэн буолбута эрээри, тастан көрөр киһиэхэ соччо өйдөммөт тэрилтэ этэ. Дьиэтэ, труппата суох, репертуара биллибэт… Онтон “Эллэй Боотур” турбутун көрбүппүт, “Куруубай хаан­наах Кулун Куллустуур” турбутугар биһиги, устудьуоннар, кытынныбыт. Хаҥалас улууһугар, Чапаайга аһаҕас куупал анныгар оон­ньоон баран, “бэртээхэй толкуйдаах тыйаатыр эбит” диэн ымсыыра санаабытым. Үөрэхпитин бүтэрэн баран сэттэбит Саха тыйаатырыгар ананар, оттон мин үс Олоҥхо тыйаатырыгар анаммыттарга киирэн, санаабар үөрэбин даҕаны, мунаахсыйабын даҕаны – “сөп суолга тайанным дуу, эрдэ баҕарбыт Саха тыйаатырбыттан маттым дуу?” диэн. Аны син биир Саха тыйаатырыгар тиийэбит, оҕолорбутун күн аайы көрсөбүт, үлэбит эрэ атын. Биһиги үлэбит – күн аайы олоҥхо ааҕыыта, истиитэ, ырытыыта буолла. Репертуарбыт ити кэмҥэ өссө даҕаны бэрт тутах.

Онтон “Удаҕан кыргыттар” эрэпэтииссийэлэрэ саҕаламмыттара. Степанида Ильинична бу туруоруутугар, мин тутатына Абааһы уолун оруолугар анаммытым. Түҥ былыргыттан кэлбитэ ис хоһоонуттан биллэр, Ньукулай Абрамов-Кынат айымньыта, билиҥҥи кэм сиэригэр-туомугар сигэннэххэ, сорохторго толоос курдук көстүөн сөп. Көрөөччү хайдах ылынара биллибэт этэ. Онон премьера кэнниттэн дьон биһирэбилэ, биһигини биир түгэн иһигэр ытыстарын үрдүгэр түһэрбиттэрэ соһуччу да, үөрүүлээх да этэ. Биир бэйэм улаханнык соһуйбутум – дойдубутугар эрэ буолбакка, Москуба куоракка, “Кыһыл көмүс мааскаҕа” номинацияланан тиийбиппитигэр, оннооҕу, элбэҕи көрбүт тыйаатыр көрөөччүлэрэ улаханнык биһирээн көрсүбүттэрэ буолбута. Нуучча аҕамсыйа барбыт мааны дьахталлара “великолепный бес!” дии-дии кууһаллара. Ити испэктээктэн саҕалаан тыйаатырбыт репертуарын хаҥатан, бэйэтин көрөөччүтүн булунан, хайысхатын тобулан барбыта дии саныыбын.

Ала Булкун” ис туругун өр көрдөөбүтүм”

Син элбэх туруорууга оонньоон баран, режиссер быһыытынан холонууга тиийэн кэлбитим. Чээбий “Ала Булкун” олоҥхотун бастаан ааҕан көрөн баран олох өйдөөбөтөҕүм диэххэ наада. Били бу иннинэ үөрэппит олоҥхолорбор бухатыыр наар “арҕаһыттан тэһииннээх, аһыныгас са­­наалаах, Айыы хаан аймаҕын араҥаччыллыыр” диэн хоһу­йуллар, көнө көстүүлээх, ­оруолун сайдыыта биир оруннаах буоларыгар үөрэнэн хаалбыппын. Оттон бу бухатыырым быһыыта-майгыта, туттара-хаптара барыта күөрэ-лаҥкы, үрүө-тараа буолан биэрдэ. Онон, испэр киллэриэхпин, сүрүн хараахтарын таайыыга иҥнэн хаалбытым. Аны инсценировка суруйтараары дьоҥҥо сыҥалыы сатаатым, ким даҕаны утары “суох” диэбэт эрээри, “ээх” диэн ылсааччы эмиэ суох, туой “бэйэҥ суруй” диэн ­иһэллэр. Онтон Юрий Борисов көрсөн “Дойдубар, Эмискэ, Чээбийи ырыппыт, билбит дьон бааллар. Кинилэри кытта сүбэ­лэс” диэн бэрт үчүгэй сүбэни биэрбитэ. Дьэ ол дьону кытта билсэн, төлөпүөннэһэн, олоҥхоһут бэйэтин туһунан матырыйаал булан аахтым. Ордук кини туһунан ахтыылар көмөлөспүттэрэ. Дьээбэлээх, бэрт көрдөөх киһи диэн ахтар эбиттэр. Ол кэнниттэн, олоҥхоһут уобараһын билэн-көрөн баран аахпыппар, дьэ “Ала Булкунум” орун оннугар түһэн, кэмиэдьийэ олоҥхо буоларын өйдөөбүппэр, үлэм харбыт сириттэн хамсаан барбыта. Ити курдук өйдөөн, бииргэ үөрэммит уолбар Байбал Колесовка инсценировка суруттаран, үлэлээн барбыппыт. Тутар хамыыһыйабыт тоҥуй соҕустук көрсүбүтэ “бу киһи “ДетСАТ-таан” олоҥхону туруорда” диэһин эҥин баара. Хата сүрүн “судьуйабыт” – көрөөччүбүт сөрү-сөпкө ылынан, “көрдөөх олоҥхо эмиэ баар буолуон сөп эбит” диэн санаа олоҕуран, күн бүгүнүгэр диэри көстө, оонньоно сылдьар.

Түмүккэ

Артыыс быһыытынан күн бүгүн сайда, үөрэнэ сатыы сылдьабын. Үлэлээбит сылларбын да аахтахха, бэрт кыра болдьох ааста. Кырата үйэ чиэппэрэ үлэлээтэхпинэ, “бу идэҕэ тугу эрэ бэйэм кыайдым, биллим” диир кэмим үөскүүрэ буолуо. Андрей Саввич көҕүлээһининэн нуучча классическай оонньуур ньыматын таһынан, Азия норуоттарын улуу тыйаатырдарын ньымаларын үөрэтэбит, Японияҕа, Кытайга баран стажировкаламмыппыт бэрт улахан эбии билиини биэрбитэ. Уонна бэйэбит норуоппут баайа – улуу олоҥхо өссө даҕаны дириҥник үөрэтиллэр, чинчиллэ туруо буоллаҕа. Олоҥхо тыйаатыра сайдарыгар, үүнэригэр тутуспут туһаайыыбыт хоту бэрт уһун, дьикти суол көстөр. Ол диэки сайдан иһиэхпит буоллаҕа.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0