Олоҥхо тыйаатыра саҥа сезонун арыйда

18.10.2017
Бөлөххө киир:

Олоҥхо тыйаатыра быйыл онус сезонун арыйан, “Куруһаала” атыы-эргиэн дьиэтигэр дьоро киэһэни бэлэхтээтэ. Манна тыйаатыры таптааччылар, фольклору, олоҥхону сэҥээрээччилэр, артыыстар, суруналыыстар – саха интэлигиэнсийэтэ муһунна. Бу дьоро киэһэ ытык ыалдьыттарынан олоҥхоһуттар буоллулар. Ону сэргэ, кытай худуоһунньуктара ыалдьыттаатылар. 

Кэлбит дьону хойуу сүөгэйдээх, барыанньалаах алаадьынан, дыргыл сыттаах кучу чэйинэн күндүлээн-маанылаан көрсүбүттэрэ ыалдьытымсах саха ыалын санатта. Былыр да маннык буоллаҕа – тоҥон-хатан, аччыктаан кэлбит дьон итии киллэрэн, истэрэ тотон, налыйан-наскыйан, манньыйан олорон олоҥхону истэн эрдэхтэрэ…

Кытайдар чэйдэрин церемонията аан дойдуга аатырар. Бу киэһэ аан бастаан Олоҥхо тыйаатырын артыыстара  киэҥ эйгэҕэ сахалыы чэй иһиитин сиэрин-туомун тойук туойан, алҕаан көрдөрдүлэр. Саха чэйин иһии сиэрэ-туома да дьоҥҥо-сэргэҕэ биһирэтэр кэриҥнээх.

Артыыстар сыанаҕа тахсыахтарын иннинэ, Ил Дархан сүбэһитэ, тыйаатыр уус-уран сүбэһитэ Андрей Борисов эҕэрдэлээтэ:

Тоҕус сыллаах түһүмэх бүтэн, саҥа түһүмэх саҕаланна. Биллэрин курдук, тоҕус — сахаҕа ытык суолталаах сыыппара. Олоҥхо тыйаатыра бу ааспыт кэм устата улахан тэрийэр үлэни ыытта, олоҥхону норуокка төнүннэрдэ. Бу “Куруһаала” уораҕайын курдук куупаллаах Олоҥхо дьиэлэрэ улуустарга тутуллан эрэллэр. Олорго Олоҥхо тыйаатыра тиийэн испэктээктэрин көрдөрөрүн дьон-сэргэ бэркэ биһирээтэ. Омук сирдэригэр тиийэн, саха искусствотын ситиһиилээхтик көрдөрдүлэр. Тоҕус сыл иһигэр 25 испэктээги туруоран көрдөрдүлэр.

Евразия норуоттарын эпостарын аан дойдутааҕы киинэ тутулларыгар куонкурус биллэрилиннэ. Бу бырайыагы ЮНЕСКО хотуна Ирина Бокова  өйөөн турар. Бу Евразия таһымнаах, норуоттары түмэр бырайыак Дьокуускайга тутуллара улахан суолталаах. Аҕыйах сылынан тутуллан киириэ диэн эрэнэбит. Олоҥхо тыйаатыра инникинэн кынаттанан, үгэстэргэ тирэҕирэн, күннэтэ айар-тутар, сайдар.

Култуура, духуобунас миниистирэ Владимир Тихонов оҕолорго, ыччакка олоҥхону тиэрдэр улахан үлэни ыыталларыгар махталын биллэрдэ.

Олоҥхобут кылгас кэм иһигэр сөргүтүллэн, норуокка тиийбитин, ЮНЕСКО кылаан чыпчаал айымньытынан буолбутун ситиһиинэн ааҕабын. Саҥа киин тутулуннаҕына, Евразия эпостарын, духуобунай баайдарын  уораҕайа буолуо диэн эрэнэбин. Тоҕус сыл – быыһык кэм, бу кэнниттэн саҥа таһымҥа тахсыы, саҥа саҕахтары арыйыы буолуохтаах.  Олоҥхо сурук-бичик суоҕуна тылы, философияны, култуураны тиэрдэн кэлбитэ. Сыллата Олоҥхо ыһыаҕын хайысхата кэҥээн иһэр. Ааспыт ыһыахха ох сааны таһаарбыппыт. Өссө да үүнэ-сайда, кэҥии, чэчирии турдун! — диэн кини эттэ.

Дьоро киэһэ ыалдьыттара — олоҥхоһуттар ытык бэлиэлэрин кэтэн олороллор. 

Бу кэнниттэн “Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур”, “Дьырыбына Дьырылыатта”, “Удаҕан кыргыттар”, о.д.а., барыта  аҕыс испэктээктэн быһа тардыылары көрдөрдүлэр. Манна удаҕан кыырыытын, уоллаах кыыс таптаһар имэҥнэрин, кийиит кыыһы таҥыннарыыны, бухатыырдар күөн көрсүүлэрин, уо.д.а. көрдүбүт. Бары кэриэтэ эдэр артыыстар оонньоотулар. Турукка киирэн, бэрт сэргэхтик туттан-хаптан, тас  дьүһүннүүн хараҕы сымнатар көстүүлээхтэр.

Олоҥхо тыйаатыра быйылгы онус сезонугар элбэх былааннардаах. Ол курдук, сотору кэминэн «Көмүс мааска» хамыыһыйата кэлэн, «Дьырыбына Дьырылыаттаны» көрүөхтээх. Ахсынньыга Эрилик Эристиин «Буура Дохсун» олоҥхотун туруоруохтара. Олоҥхо декадатын кэмигэр ыччакка анаан «Олоҥхо баттлын» тэрийиэхтэрэ. Ону тэҥэ, Былатыан Ойуунускай «Кыһыл ойуунун», Амма олоҥхоһута Чээбий төрөөбүтэ 150 сылыгар кини айымньытын туруорар былааннаахтар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0