Олоҥхо тыйаатыра сүр көтөҕүү сиэрин-туомун ыытта

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Биһиги өбүгэлэрбит чороччу улаатан эрэр уол оҕо, уолан киһи өйүн-санаатын түмүнэригэр, сиргэ бигэ тирэхтээх, бэйэтигэр эрэллээх буоларыгар, тулалыыр эйгэтин сөпкө ырыҥалыырыгар сүр улахан суолталаах диэн өйдүүллэрэ. Ол иһин былыр сүр көтөҕүү диэн сиэри-туому толороллоро.

Олоҥхо тыйаатыра быйылгы дьылга үктэнэн баран, өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин араас хайысхаҕа сөргүтэр соруктаах үлэлии-хамсыы сылдьар. Ол курдук олунньу 21 күнүгэр Дьокуускай куорат килбэйэр киинигэр турар Степной Дума балаҕаныгар, Олоҥхо тыйаатырын көҕүлээhининэн, уол оҕоҕо сүр көтөҕүү сиэрин-туомун биллэр олоҥхону толорооччу, Олоҥхо тыйаатырын Ытык киһитэ Петр Максимович Тихонов Айыы Кыһатын 3 «б» кылааһын үөрэнээччилэрин уолаттарыгар оҥордо. Бастаан уолаттарга уол оҕо бу орто дойдуга туох оруоллааҕын, кини ким буолуохтааҕын быһаарда, бу олох үтүө уонна омсолоох өрүттэригэр сүрэх этиитин истэ үөрэнэллэригэр ыҥырда. Онтон Петр Максимович аал уотун оттон, айах тутан күндүлээтэ уонна сүр көтөҕүү алгыһын уолаттарга анаата. Алгыс түстэммитин кэннэ, уолаттар сүүстэригэр күл аҕаата уонна өбүгэ аһын сырдьыгыныы көөнньүбүт сылгы кымыһынан, арыылаах алаадьынан, саламаатынан күндүлээтэ. Бу тэрээһиҥҥэ эмиэ Олоҥхо тыйаатырын Ытык дьоно, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр олоҥхоhуттар Никандр Прокопьевич Тимофеев уонна Валентин Гаврильевич Исаков кэлэннэр, көх-нэм буоллулар. Биир идэлээхтэригэр, Петр Максимовичка, махталларын биллэрдилэр.

Айыы Кыһатын үөрэнээччилэрэ биир ыра санаалаахтар, ол – саҥа оскуола. Оттон Олоҥхо тыйаатырын үлэһиттэрэ эмиэ ыра санаалара, сүрэхтэрин баҕата – Олоҥхо тыйаатырын дьиэтэ. Ол иһин буолуо, Айыы Кыһатын тоҕус саастаах тоҕус туруйа уола, ис сүрэхтэриттэн махтанан, бэйэлэрэ санааларыттан, “Олоҥхо тыйаатырын тутуллуутугар” диэн аан бастакынан 10-нуу солкуобайдаах алтан харчы биэрдилэр.

Майя Власьева, Олоҥхо тыйаатырын пресс-сэкирэтээрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0