Олоҥхо тыйаатыра мантан ыла Уруу алгыһын түстүөҕэ, сүктэр кыыһы таҥыннарыаҕа

Ааптар: 
10.03.2017
Бөлөххө киир:

Былыр өбүгэлэрбит туохха барытыгар сиэри-туому тутуһан олорбуттара. Олортон биирдэстэринэн сүктэр кыыһы таҥыннарыы, Уруу алгыһын ылыы сиэрэ-туома этэ. Бу умнуллубута быданнаабыт үтүө үгэһи Олоҥхо тыйаатыра сөргүтэн дьон-сэргэ болҕомтотугар таһааран көрдөрбүтэ олус кэрэхсэбиллээх. 
Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/


Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат килбэйэр киинигэр турар Степной Дума балаҕаныгар, аан маҥнайгытын Уруу алгыһын этии сиэрин-туомун оҥордулар. Тэрээһини сахалыы куту-сүрү иҥэринэ сылдьар, саханы аан дойдуга аатырдыбыт олоҥхобутун өрө тутар, устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах, өбүгэлэрбит үгэстэрин дириҥэтэн үөрэтэр, билэргэ-көрөргө дьулуһар Олоҥхо тыйаатырын артыыстара толордулар.
Урутаан эттэххэ, бу Олоҥхо тыйаатырын саҥа бырайыага буолар. Бырайыак маҥнайгы кыттааччыларынан, арааһа, Үрдүк Айыылартан ыйдарыы эбитэ дуу, анаан-минээн толкуйдаабыт курдук, «Мисс Виртуальная Якутия» кыайыылааҕа Мария Заровняева уонна кини сүрэҕин аҥара, олоҕун холбообут эр хоһууна Владимир Никитин буоллулар. Мариялаах Владимир өссө сэтинньигэ кэлэн алгыс ылыахпыт этэ диэн санааларын биллэрбиттэр.
Алгыс ылыы, сүктэр кыыһы таҥыннарыы сиэрэ-туома хайдах үөскээн тахсыбытын туһунан Олоҥхо тыйаатырын толорооччу дириэктэрэ Мария Турантаеваттан туоһуластым:
Дьон-сэргэ кэлин уруу тэринэригэр, оҕо төрөөтөҕүнэ, оҕотун үөрэххэ ыытарыгар алгыс ыларын улаханнык сэргиир буолла. Бу барыта сиэри-туому тутуһан оҥоһуллуохтаах. Алгыс сыыһа этилиннэҕинэ, тиэрэ өттүнэн эргийэн тахсыан эмиэ сөп. Барыта этэҥҥэ буоларыгар, сахалыы итэҕэли төнүннэрэр, эргэ барар кыыс, ойох ылар уол эппиэтинэһи сүгэн эрэллэрин өйдүүллэрин туһугар туһалаатар диэн санааттан үөскээн тахсыбыта. Биир үксүн кыыс сулумах сылдьан бүппүтүн, ыал буолан, аал уоту оттунан эрэрин туоһулаан итиэннэ саҥа хардыыны оҥороругар алгыс тыллар киниэхэ күүс-көмө буолалларын туһугар толкуйдаммыта.

"Мисс Виртуальная Якутия" Мария Заровняева уонна кини анала Владимир Никитин

Олоҥхо тыйаатырын тустаах бырайыага сайдан иһиэхтээх. Итиннэ тойугунан алгыһы киллэрдибит. Дьиҥэр, сүктэр кыыһы таҥыннарыыны элбэх киһи оҥорор. Атын омуктарга, норуот маастардарыгар эмиэ баар көстүү. Ол эрээри, биһиги сүрүннээн алгыска болҕомто уурабыт уонна туойар кыргыттар бары оҕолоохтор-уруулаахтар, олохторугар тугу эрэ ситиспит дьон. Онон сүктэр кыыс ыал буолан баран кэнэҕэскитин оҕолонорун, сирдээҕи олоххо бэйэтин миэстэтин булан ситиһиилэнэрин курдук алгыс ырыаларын ыллыыллар. Хас биирдии бөҕөҕүн, үрүҥ көмүс киэргэллэрин, ырбаахытын, сонун кэтэрдэллэригэр барытыгар уус-уран тыл этэ-этэ, туойа-туойа таҥыннараллар.
Ити үгэс былыр сахаларга хайдах толорулларын научнай кинигэлэртэн үөрэтэн, чинчийэн көрөн баран оҥордубут. Өбүгэлэрбитигэр ити сиэр-туом быһыытынан олус элбэх түһүмэхтэрдээх эбит. Холобур, сүктэр кыыс эрин дьиэтигэр киирэригэр чуорааннаах (кыабака симэхтээх) буолар. Онто хайдах кылыргыырын болҕойон истэллэр. Киириэҕиттэн барытын көрөн-истэн, хайдах майгылаах кийиит кэлбитин билгэлииллэр. Киирэн иһэн чуораана тыаһаабатаҕына кыыһынан кэлбэтэх, эбэтэр олус күүскэ оҕустаҕына абытайдаах кийиит кэлбитин туоһулуур дииллэр эбит.
Атын омуктары хайдаҕын этэр кыаҕым суох эрээри, ыстааны (сыалыйа) кэтии сахаларга баар. Саха кыыһа буутун, тобугун кимиэхэ да көрдөрүө суохтаах. Ол иһин, халадаайдарын иһинэн хайаан даҕаны кыабака ыстааны кэтэллэр үһү. Уопсайынан, итиниэхэ ханыылыы ымпык-чымпык үгүс. Биһиги аа-дьуо ол сиэрин-туомун үөрэтэн, салгыы сайыннаран иһэр толкуйдаахпыт.
Сүктэр кыыс икки сонноох буолар: оноолоох уонна бууктаах. Таҥаһын-сабын, илин, кэлин кэбиһэрин, бөҕөҕүн, бастыҥатын букатын эрдэттэн бэлэмнииллэр. Төһөнөн кыахтаах ыал оҕото буолар да, соччонон элбэх уонна улахан хопполоох, киэргэллээх, таҥастаах-саптаах буолар эбит.
Аныгы үйэҕэ сүктэр кыыс таҥаһын олоччу тиктэрэ уустук, ыарахан. Хас биирдии кэргэн тахсар кыыска барытыгар кыаллыбат. Онон уоллаах кыыс тас таҥастарын, кыыс киэргэлин уларсыахпытын сөп. Ону сэргэ, эрдэттэн сайаапка суруйдахтарына сиэри-туому толоробут.
Бастакы тэрээһиммит буолан, барыта сценарийынан, режиссер көрүүтүнэн барда. Хаартыскаҕа, видеоҕа түһэрэр анал дьонноох ыытылынна. Алгыһы СӨ култуура туйгуна, олоҥхоһут Валентин Гаврильевич Исаков эттэ. Олоҥхо тыйаатырын артыыстара Юлия Санникова, Василина Баланова, Лена Маркова туойа-туойа кыыһы таҥыннардылар. Кинилэргэ атын артыыстарбыт эмиэ көмөлөстүлэр. Сорук-боллур уолаттар көмүлүөккэ мас быраҕан биэрдилэр, ойох ылар уолу көрүстүлэр. Ити курдук, тэрээһини дьон-сэргэ олус сэргиир эбит. Киэҥник билиннэҕинэ, сүктэр кыыһы таҥыннарыы сиэрэ-туома биһирэнииһи. Улуустан сайаапка номнуо киирэн турар. Онон аны муус устарга эдэр ыалы көрсүөхтээхпит”, – диэн кэпсээтэ.
Тус бэйэм уруу алгыһын оҥорор буолбуттар үһү диэни истэн, улаханнык сэргээбитим. Биһиги ыал буоларбыт саҕана тоҕо итинник суоҕа эбитэ буолла диэн сонньуйбутум. Ол гынан баран, алгыһы хаһан баҕарар ылыаххын сөп эбээт. Киһи олоҕун ханнык баҕарар түгэнигэр, кэрчик кэмигэр устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах алгысчыттан ыраастыыр ыраас санаатын иҥэринии хайдахтаах үчүгэй буолуой.

Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0