Сунтаар – олоҥхо дойдута диэн биир дойдулаахтарбыт бары да кэриэтэ түөскэ охсунабыт уонна киэн туттабыт. Биһиги дойдубут айылҕатын мааныта, дьоно-сэргэтэ ыалдьытымсаҕа, ырыата-тойуга кэрэтэ, айылҕаттан айдарыылаах дьоно элбэҕэ, ону барытын туоһулуур.
Олоҥхо диэн баран уһуктар уонна утуйар киһибит биһиэнэ Саха сирин бастыҥ олоҥхоһута, уһуйааччытта Никандр Тимофеев буолар. Кини үтүө сүбэтинэн Олоҥхо түмсүүтэ саҥардыллан, нэһилиэк бары хабыллан үлэлиэхтээх диэн санаата өрө көтөҕүллэн бу күһүн Олоҥхо тула иккитэ түмүстүбүт. Бастакы түмсүүгэ саҥа састаап талыллыбыта, ытык киһибит сүбэтин ылыммыппыт. Оттон иккис мунньах бар дьону түмэн улахан айымньы сайдарын туһугар туох-ханнык үлэлэр барыахтаахтарын сүбэлэһии уонна аһаҕастык кэпсэтии олохтонно.
Тэрээһиҥҥэ 80-тан тахса култуура уонна үөрэҕирии салаатын дьоно-сэргэтэ, ону кытта олоҥхо тула үлэлии-хамныы сылдьар дьоммут түмсэннэр кэпсэтии сэргэхтик барда. Ол иһигэр, олоҥхону толорооччулар Роман Иванов-Ырыа Арамаан, Михаил Евсеев-Кураһаай Мэхээлэ бааллара тэрээһин таһымын үрдэттэ. Бу сүбэ-мунньахха саҥа састаабы билиһиннэрдибит. Ол курдук бэрэссэдээтэлинэн култуура салалтатын салайааччыта Мария Кобельянова, кураторынан улуус дьаһалтатыттан Ульяна Попова, үөрэҕирииттэн эппиэтинэстээх Гаврил Еремеев, Ангелина Антонова, Татьяна Жиркова буоллулар уонна Күүкэй баһылыга Федор Федоров, Элгээйи баһылыга Гаврил Яковлев састаапка киирдилэр. Маны таһынан нэһилиэк аайы биирдии-иккилии бу эйгэҕэ үлэлэһэр дьоннор талылыннылар. Көрсүһүү торумунан маннык үлэлэр барыахтаахтара бэлиэтэннэ:
— Чинчийии көмөтүнэн урукку кэмтэн бу билиҥҥээҥҥэ диэри 185 олоҥхоһуттаахпыт. Билиҥҥи сайдыылаах олоххо олоҥхоһуттары элбэтэр сыал турда. Билигин айа-тута, ыллыы-толоро сылдьар дьоммутун үйэтитэн пуонданы хаҥатыахха, кинигэлэри электроннай көрүҥүнэн элбэтиэххэ диэн буолла;
— Эһиилги сылтан «Олоҥхо дойдутун оһуордаах оонньуута» С.А.Зверев- Кыыл Уолун аатынан нэһилиэктэринэн тэриллэр айар күрэҕи, хайысхатын уларытан аны биирдиилээн дьоҥҥо, хаачыстыбалаах толорууга болҕомтону ууран олоҥхоҕо, тойукка, чабырҕахха, үгэҕэ, норуот ырыатыгар, оһуокайга, ол эбэтэр фольклор араас жанрдарынан улуустааҕы, оттон Бүлүү бөлөх улуустарын икки ардыгар уонна сүдү киһибит үбүлүөйүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах күөн-күрэһи олохтуохха дэһистибит. Балаһыанньа быһыытынан хас биирдии нэһилиэк оҕоҕо уонна улахан дьоҥҥо бөлөхтөрү уонна биирдиилээн дьону бэлэмниэхтээх уонна толорор айымньылара Сунтаар олоҥхото буолуохтаах. Бастаан бэйэбит олоҥхобутун сайыннарыахха, оттон атын олоҥхоһуттар айымньыларын кыайа-хото тутуохха. Ону кытта саҥа саҕалыыр уонна уруккуттан толорор дьону арааран тэрийиэххэ диэн эмиэ этилиннэ;
— Сунтаар улууһун чиэһин көмүскүүр чопчу үс бөлөҕүнэн толорор хамаандаланыахха, ол иһигэр эдэр олоҥхону толорооччулар, нэһилиэктэринэн сүүмэрдээн бастыҥнары талан бөлөх тэрийии уонна тэрилтэ салайааччыларын бөлөҕүн өссө сайыннарыы;
— Олоҥхону суруйар уонна суруйуон сөптөөх дьоҥҥо улахан болҕомтону ууруохха, маннык диэн эттэххэ Сунтаар олоҥхото диэн уон иһинэн эрэ ахсааннааҕын билэбит, ону элбэтэр сыал турда;
— Олоҥхону үөрэтэр уһуйааннары уонна уһуйааччылары элбэтэн бэйэбит улууспут олоҥхолорун тилиннэриэххэ, саҥа саҕахтары арыйыахха диэн алгыс мааныта иһилиннэ;
— Билигин олоҥхону биир, балтараа эрэ чаас толоруллар ньыма баар буоллаҕына уруккуну утумнаан 5-6 чааһынан этэр дьону баар гыныахха диэн кэскиллээх этии оҥоһулунна;
— Салгыы өрөспүүблүкэҕэ тэриллэр олоҥхо тула ыытыллар улахан тэрээһиннэргэ Сунтаар баарын биллэриэххэ, холобур «Олоҥхо дойдутун оҕотобун», «Олоҥхо ыһыаҕа» о.д.а. тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ылыахтаахпыт ыйылынна;
— Сылын аайы олоҥхо декадатыгар сэтинньигэа олоҥхо тула туох-ханнык сыллааҕы үлэлэр барбыттарын туоһулаһар буолуохпут уонна бу айымньыны сайыннарыыга бастыҥ көрдөрүүлээх үлэлээх дьону гран быһыытынан бэлиэтиэхпит, ону кытта үс буола-буола бастыҥ олоҥхоһуттарга «Сунтаар олоҥхоһута» диэн ытык бэлиэ туттарыллар буолуоҕа!
Ити курдук, аһаҕас кэпсэтиигэ уон сыллаах үлэ түмүгүн, Олоҥхо дьиэтин салайааччыта Мария Тараярова билиһиннэрдэ, Олоҥхо түмсүүтүн салайааччыта саҥа көрүүлэрин иһиттибит уонна бу ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ чопчу үлэбит хайысхата быһаарылынна. Онон кэпсэтии олохтонно, аны үлэ кэтэһэр уонна элбэҕи эрэйэр. Саҥа састаап бастакы үлэтэ бу кэлэр сэтинньи ыйга өрөспүүблүкэ иннигэр Олоҥхо күннэрин тэрийии соруга турар.
ОЛОҤХО – ОЛОХХО, ОЛОХХО – ОЛОҤХО! Кытаатыахха, Сунтаар – олоҥхо дойдута буоларбытын туоһулуохха!
Мария КОБЕЛЬЯНОВА — ТУСКУЛААНА, edersaas.ru сайтка анаан