Олоҥхоҕо бастыҥнары чиэстээтибит

26.11.2018
Бөлөххө киир:

Ил Дархан  Айсен Николаев бастыҥ олоҥхоһуттарга, олоҥхоҕо уһуйааччыга, олоҥхону бастыҥ тарҕатааччыларга бириэмийэлэри туттарда.

edersaas.ru

Сэтинньи – үгэс быһыытынан, Cаха сиригэр – Олоҥхо ыйа! Бэҕэһээ, сэтинньи 25 күнүгэр – өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо күнүн үөрүүлээхтик бэлиэтээһин, Олоҥхо декадатын аһыы буолла. Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар тобус толору мустубут дьону Валентин Исаков “Эрбэхчэй Бэргэн” олоҥхону толоруунан көрүстэ.

Дьон фойеҕа  Саха сирин олоҥхоһуттарын туһунан кэпсиир быыстапканы эмиэ бэркэ сэргээтэ.

Олоҥхо Дьоро киэһэтигэр кыттыыны ылбыт СӨ Ил Дархана Айсен НИКОЛАЕВ:

Олоҥхо билигин Саха сиригэр эрэ буолбакка, аан дойду үрдүнэн барытынан дьиэрэйдэ. Бу хайдахтаах курдук улахан, аан дойду култууратыгар кылааты биһиги, саха омук, киллэрэ сылдьабытый?!  2005 сылга ЮНЕСКО олоҥхону киһи-аймах чыпчаал айымньытынан билиниэҕиттэн, биһиги иннибит диэки балай да улахан хардыыны оҥордубут. Ол гынан баран, билигин “Дьэ олоҥхобутун сайыннардыбыт, сөп буолуо”,  — дии саныа суохтаахпыт. Биһиги олоҥхобутун өссө өрө таһаарыахпытын наада. Оҕолорбутун, сиэннэрбитин, ыччаттарбытын оҕо эрдэхтэриттэн олоҥхоҕо үөрэтэммит, бу олоҥхо философиятын биһиги соҕотох култуураҕа эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар туттуохпутун наада. Мин санаабар, итини оҥорор кэммит кэллэ. Оҥоруохпут. Уонна мин үөрэрим баар – быйылгы Олоҥхо күнэ, биһиги Улуу киһибит Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээбиппит аҕыйах хонук буолтун кэннэ бэлиэтэнэн эрэр.  Итиэннэ, бу билигин Арассыыйа үрдүнэн аэропортарга улуу дьон ааттарын иҥэриигэ куоластааһын бара турар. Манна Саха сирин олохтоохторо бары хайдахтаах курдук Былатыан Ойуунускай аатын бастакынан туруоран, бу Туймаада аэропорда Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан ааттаныахтаах, диэн куоластаатылар! Өссө төгүл, олоҥхобутугар чугас дьоҥҥо, олоҥхону сэҥээрээччилэргэ, олоҥхону үөрэтэр ыччаттарбытыгар, оҕолорбутугар, манна мустубут бар дьоммутугар, бүгүҥҥү бырааһынньыгынан истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин. Олоҥхобут үйэлэртэн үйэлэргэ баар буоллун!, — диэн туран, 2018 сыл кыайыылаахтарыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр  Олоҥхо уон сылын бэлэмнээн ыытыыга Национальнай кэмитиэт бириэмийэлэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.

Ол курдук, «ЭПОҺЫ БАСТЫҤ ТОЛОРООЧЧУ» аат быйыл  Сусанна Васильевна Лазареваҕа (Чурапчы улууһа), «ОЛОҤХОНУ БАСТЫҤ ПРОПАГАНДАЛААЧЧЫ»Евдокия  Николаевна Ивановаҕа (Мэҥэ Хаҥалас), «БАСТЫҤ МААСТАР-ПЕДАГОГ» аат Зинаида Петровна Лугиноваҕа (Уус  Алдан), «ОЛОҤХО МЕЦЕНАТА» аат Олег Дмитриевич Осиповка (Таатта улууһа), «ОЛОҤХО МЕЦЕНАТА» аат  Петр Егорович Захаровка (Таатта улууһа), «ОЛОҤХО АССОЦИАЦИЯ БАСТЫҤ ФИЛИАЛА» аат  Сунтаар улууһунааҕы Олоҥхо ассоциациятыгар   (салайааччы Мария Кобельянова) иҥэрилиннилэр.

Маны таһынан, СӨ  Олоҥхо уон сылын бэлэмнээн ыытыыга Национальнай кэмитиэтин 2018 сыллааҕы бириэмийэлэрин олоҥхону эдэркээн толорооччулар Ваня Колодезников (Лөгөй орто оскуолата, Уус Алдан, сал.З.П.Лугинова) уонна Вася Егоров (Антоновка орто оскуолата, Ньурба улууһа, сал.Т.Ф.Федорова) тутар чиэстэннилэр.

Кыайыылаах

Сусанна ЛАЗАРЕВА – “Олоҥхону бастыҥ толорооччу” номинация хаһаайката:

— Мин Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгиттэн сылдьабын.  Дойдубар тойукка түөлбэнэн күрэхтэһии буолбутугар, 1993 сыллаахха аан бастаан кыттан, бастакы тойукпун туойбутум. Олоҥхо эйгэтигэр кэлин киирбитим, 2006 сыллаахха. Күннүк Уурастыырап “Тойон Дьаҕарыма” олоҥхотуттан саҕалаабытым. Бэйэм эдэрбиттэн тойукка, олоҥхоҕо ис-испиттэн тардыһар этим эрээри, тоҕо эрэ  кыбыстар, кэмчиэрийэр этим. Ол иһин хойутуу соҕус саҕалаатаҕым… Билигин Ойуунускай “Ньургун Боотур”  олоҥхотун 8-с ырыатын толоробун. Миэхэ, дьахтар киһиэхэ, бу түһүмэх ордук чугас курдук. Оҕолору олоҥхоҕо уһуйабын, төрөппүттэр көрдөстөхтөрүнэ. Бэйэм сиэн уолбун үөрэтэбин. Былырыын уһуйаан оҕолорун уонна оскуолаҕа үһүс кылаас уолаттарын дьарыктаабытым. Билигин биир сиэн кыыспын чабырҕахха үөрэтэ сылдьабын. Олоҥхо ыһыаҕын биири даҕаны көтүппэппин. Тааттаҕа Олоҥхо ыһыаҕар I истиэпэннээх лауреат буолбуппун, бастакы ситиһиим буолан, олус күндүтүк саныыбын. Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар чабырҕахха Гран-при тутан үөрбүтүм. “Уруйдан, Улуу Олоҥхобут!” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска саас аайы кыттабын. 2017 сыллаахха Гран-при буолбутум. Улууспутугар Мария Герасимова курдук чулуу чабырҕахсыттаахпыт, сөбүлээн истэбин. Инникитин чабырҕахпын, олоҥхобун өссө сайыннарыахпын баҕарабын.

Бу үөрүүлээх күн дьон-норуот Олоҥхо тыйаатырын артыыстарын толорууларыгар, биһиги сахалар барыбыт убайдаатар убайбыт Былатыан Ойуунускай  “Улуу Кудаҥса” айымньытын өссө төгүл сөҕө-махтайа көрдө.

Татьяна МАРКОВА, edersaas.ru

Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) уонна ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0