“Олоҥхо мин олохпор” — “Бэс Чагда” эдэркээн олоҥхоһуттары түмтэ
Дьокуускайга “Бэс Чагда” өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо доруобуйатын чэбдигирдэр уонна сынньатар кииҥҥэ “Олоҥхо мин олохпор” айар симиэнэ быйыл бэһис төгүлүн үлэтин саҕалаата.
Үөрэх министиэристибэтэ уонна Олоҥхо киинэ бу курдук, дьоҕурдаах оҕолору уонна үөрэнээччилэри кытта утумнаахтык үлэлиир уһуйааччылары, биллиилээх олоҥхоһуттары сыллата бииргэ түмэр.
Бу симиэнэҕэ Саха сирин араас улуустарыттан кэлбит, олоҥхону толорор 70-тан тахса оҕо, биллэр-көстөр олоҥхоһуттар Василий Иванов-Чиллэ Баһылай (Ньурба), Татьяна Томская, Анисья Софронова (Амма), Сусанна Лазарева (Чурапчы), Айсен Федоров (Сунтаар), Антонина Лугинова (Уус Алдан), Тамара Федорова (Ньурба), Вера Старкова (Дьокуускай) маастар-кылаастарыгар сылдьыахтара.
Чулуу педагогтарга оҕолор икки нэдиэлэ кэриҥэ уһуйуллуохтара, олоҥхону толорор маастарыстыбаларын чочуйуохтара, араас дискуссияларга кыттыахтара, интэриэһинэй дьоннордуун көрсүөхтэрэ, киин куорат кэрэ-бэлиэ сирдэринэн экскурсиялыахтара, сынньаныахтара, доруобуйаларын чэбдигирдиэхтэрэ.
Талааннаах оҕолор сэтинньи 25 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үгэс буолбут Олоҥхо декадатын үөрүүлээх аһыллыытыгар кыттыыны ылыахтара.
Татьяна МАРКОВА,«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru