«Олоҥхо киэһэтэ» ыһыах ахтылҕаныттан үөскээбит тэрээһин

Ааптар: 
20.06.2021
Бөлөххө киир:

Иккис сылын илэ көрсөн алтыспакка, тоҕонохпутуттан ылсан оһуохайдаабакка, тыыннаах дорҕоонунан алгыстаммакка, интэриниэт нөҥүө ыһыахтыыр дьон буоллубут. Хайыахпытый, дьаҥы ааһыннахпытына эрэ уруккубут курдук быр-бааччы олорон, көҥүл-босхо бодоруһан барыахпыт турдаҕа. Былырыын буолбатах ыһыаҕы дьон араастаан ылыммыта. Дьон үксэ саҥа үйэ өҥөтүн туһанан, интэриниэт нөҥүө буолар тэрээһиннэрин сэргээбитэ, урукку ыһыахтары ахтан кэпсэппиттэрэ.

Бүгүҥҥү ыалдьыппыт СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин үлэһитэ, “Культура Якутии” айар бөлөх кыттыылааҕа Татьяна Павлова доҕотторун кытта күүстэрин холбоон ыһыах ахтылҕанын айар, үөрэтэр хайысхаҕа салайбыттарын туһунан кэпсиэҕэ.

Төрүт култуурабын улаатан баран сэргээбитим

Оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр төрүт култуураҕа сыһыан дьикти соҕус этэ. Баҕар, ити кылгас кэмнээх быһыы-майгы эбитэ буолуо, ол эрэн, 2000-с сыллар бүтүүлэрэ, үөрэнэр оскуолабар оҕолору нууччалыы тылга үөрэтии олус күүркэтиллэр этэ быһыылааҕа. Араас оскуола тэрээһиннэрин нууччалыы ыыта сатыыр этилэр. Иитэн таһаарбыт, киһи оҥорбут оскуолабын холуннарыахпын баҕарбаппын, кырдьык, ити сыһыан элбэх оҕо үрдүк үөрэхтэнэригэр төһүү күүс буолбута буолуо. Саха тылыгар уонна литературатыгар олус талааннаах учуутал Фекла Николаевна Болдовская үөрэппитэ. Ол эрээри, нэдиэлэҕэ аҕыйах чаас бэриллэр уруоктарынан саха култууратын толору иҥэринэр сатаммат буоллаҕа.

ХИФУ нуучча тылын салаатын үөрэнэн бүтэрбитим, АГИКиИ үөрэх кыһатыгар биир кэмҥэ үлэлээбитим. Дьэ онно төрүт култуурабар чугаһаан барбыт эбиппин. Институт иһинээҕи тэрээһиннэр, оҕолор дьупулуом туттарар үлэлэрэ, атын араас хамсааһыннар барыта сахалыы тыыннаах этилэр. Ордук ымсыыра, сөҕө санаабытым, саҥа туттарса кэлэр оҕолор төрүт култуураҕа дириҥ билиилээхтэрэ, чугастара этэ. Саҥа кэм оҕолоро биһиги көлүөнэттэн туспа ­иитиилээхтэрэ, сахалыы санаа­лаахтара олуһун үөрдэр этэ. Дьиҥэр, биһиги институппутугар сүүмэрдэнэн, ити салааҕа ордук талааннаахтара кэлэр буоллахтара дии, хомойуох иһин, билиҥҥи оҕо барыта итинник буолбатаҕа чахчы. Ол да буоллар, билигин даҕаны эдэр ыччат туойарын, оһуохайдыырын көрөн ымсыырабын даҕаны, үөрэбин даҕаны.

Ыһыах ахтылҕанын аһарынан

Дьаҥ бүрүүкээн, дьиэҕэ бүгэн олоруу саҕаламмытыгар, аралдьыйа таарыйа диэбит курдук, доҕотторбунуун саха култууратыгар сыһыаннаах саайт оҥорорго санаммыппыт. Интэриниэт ку­­йаарыгар балай эмэ элбэх информация баар эрээри, тус туһунан сылдьар эбит диэн көрбүтүм. Дьүөгэлэрим Сардаана Сыромятникованы, Анисия Иевлеваны, Зоя Стрекаловскаяны уонна да атын билсэр дьоммутун кытта холбоһон, биир сиргэ ыһыах, оһуохай туһунан билиилэри түмэр (culture-yakutia.com) сир оҥорбуппут.

Саайты оҥорууга доҕотторбут өйөөбүттэрэ. Холобур, Стас Ноев саайты оҥорон, таҥан биэрбитэ, оннооҕор хостинг төлөбүрүн бэйэтэ уйуммута. АГИКиИ устудьуоннара араас улуустар оһуохайдарын көрүҥүн ыллаан, устан биэрбиттэрэ. Баччааҥҥа диэри улуус-­улуус тус-туһунан оһуохайдыыр үгэстээҕин билбэт этим ээ. Ити курдук, ыһыах ахтылҕанын аһарынартан ааһан, тус бэйэм билиим лаппа кэҥээбитэ, тойукка, олоҥхоҕо тапталым күүһүрбүтэ. Уонна биир санаалаахтар түмсэн, айар санаа күүһэ биир сүүрээҥҥэ мунньуллубута диэххэ сөп. «Культура Якутии» диэн инстаграм-страницабыт аатынан түмсүүбүтүн эмиэ итинник ааттыыбыт, элбээтибит, тэнийдибит. Ыһыахха анаммыт саайтпыт быйыл бибилэтиэкэ  өйөбүлүн ылла, салгыы сайдыа диэн эрэнэбин, салайааччыбар Саргылаана Васильевна Максимоваҕа махталбын тиэрдэбин.

“Сэһэн балаҕаныттан” саҕаламмыта

Бу кыһын ортотун ааһыыта, дьиэҕэ олорууттан дьон сыла­йыыта муҥутаан турар кэмигэр, утары көрсөн олорон кэпсэтиини сөргүтэр тэрээһини саҕалаабыппыт. Маҥнай, ааспыт күһүн “Сэһэн балаҕана” диэн ааттаан көрсүһүүлэри тэрийэр санаалаах этибит. Сүрүн санаата маннык: былыргы үгэһинэн, көмүлүөк оһох таһыгар олорон сахалыы үһүйээннэри кэпсэтии. Кэпсиир дьоҕур­даах дьону ыҥыран, кинилэр кэп­сээннэриттэн сиэттэрэн, сэһэнтэн сэһэн таһааран, тыыннаах саха тылынан сэлэһии диэн. Биир-икки бэрт иччилээх түмсүүнү тэрийбиппитин кэнниттэн, дьаҥ хааччахтара саҥаттан күүһүрэн, тохтоторго быһаарыммыппыт.

Билсиһииттэн билсиһии

Ааспыт сыл өссө биир бөлөх чугас доҕоттордоммутум. Айаал Акимов кытай чэйин тула биир санаалаахтарын түмэн, “Отшельник” диэн ааттаах кулууп тэрийбит этэ. Онно араас дьарыктаах дьон түмсэн, эриэккэс чэйдэри амсайа-амсайа, сонун дьарыктаах дьону кытта билсэллэр. Бу кулууп туһунан кэпсээтэххэ, туһунан ыстатыйа буолан тахсар, онон биир онно көрсүбүт киһим туһунан эрэ кэпсиим (Айаал Акимов кулуубун туһунан “Чэй тула түмсэн саҥаны айабыт” диэн ыстаты­йаҕа суруйбутум). Олоҥхо тыйаатырын эдэр артыыската Настя Алексеева “Отшельник” кулуупка олоҥхо туһунан кэпсии кэлэрин истэн дьүөгэм, коллегам Сардаана Сыромятниковалыын тиийбиппит. Онно олоҥхону дьоҥҥо чугаһатар туһугар “умайар” санаалаах киһини кытта сөҕө-махтайа билсибиппит. Тутатына онно “Сэһэн балаҕаныгар” ыҥыран, олоҥхо туһунан кэпсииригэр көрдөспүппүт. Дьэ уонна кини кэпсээнигэр олоччу ылларан кэбиспиппит.

“Сэһэн балаҕана” “Олоҥхо киэһэтигэр” кубулуйбута

Ити курдук, эрдэтээҥҥи быра­йыакпыт тутула уларыйан хаалбыта. Көннөрү сэһэргэһии ­буолбакка, олоҥхону ырытыыга, өйдөөһүҥҥэ, олоҥхоҕо үөрэниигэ кубулуйбута. Онно сөп түбэһиннэрэн, “Олоҥхо киэһэтэ” диэн саҥа аат биэрбиппит.

Хомойуох иһин, билигин ах­­сааннаах саха олоҥхо ис дьиҥин өйдүүр. Ким эрэ кылыһахтаах то­­йугу арааран истэри ыарырҕатар, ким эрэ кыра эрдэҕиттэн үөрү­йэҕэ суох буолан, билэ да сатаабат. Настя бэйэтэ биэс сааһыттан олоҥхолообут, оҕо сылдьан «Кыыс Урсун Удаҕан» олоҥхотун айбыт, соторутааҕыта “Кыыс Дэбилийэ” олоҥхо-испэктээккэ сүрүн оруолу оонньообут уһулуччулаах киһи. Кинини кытта олоҥхону кинигэттэн ааҕан, аттыгар олорон тойугу истэн, уустук олоҥхолор ис хоһоон­норун ырытан, грампластинка нөҥүө урукку кэм олоҥхоһуттарын истэн, олоҥхо эйгэтин кытта бэрт чу­­гастык билсибиппит.

Онтон олунньуга Олоҥхо тыйаатырын артыыстара Гаврил Менкяров, Павел Колесов, Иванида Бугулова, Вероника Лыткина, Ньургуйаана Маркова, Валерий Саввинов, режиссер Роман Дорофеев, тыйаатыр литературнай-драматическэй салаатын салайааччыта Майя Власьева кэлэн, «Үс күн» испэктээк туһунан кэпсээбиттэрэ.

Итинтэн сиэттэрэн, олоҥхоҕо сыһыаннаах саҥаттан саҥа дьону ыҥыран, уонтан тахса көрсүһүүнү тэрийдибит. Виталий Никифоров, Яна Нюргусова, Июлия Чирикова кэлэн олоҥхолообуттара, Юлия Васильева дьааҥылыы хабарҕа ырыатын туойбута, Оля Дорофеева тойуктаабыта.

Бэс ыйын саҥатыгар Алтайтан кэлэн үөрэнэ сылдьар Эркул Чулуновтыын билсиһэн, «Алтан Буучай» алтай омук эпоһын истибиппит. Ону таһынан, урукку кэм улуу олоҥхоһуттарын туһунан илэ көрсүбүт дьон кэпсээбиттэрэ. Холобур, чугас доҕорбут, бэйиэт, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Елизавета Мигалкина кыра оҕо эрдэҕиттэн билэр Дьааҥы ийэ олоҥхоһутун Дарья Томская-Чаайка туһунан кэпсээн турардаах. Бу көрсүһүүлэрбит анал инстаграм-сирэйгэ мунньуллан сыталлар, @culture_yakutia киирэн сэргиэххитин сөп.

Тэрээһиммит өйөбүлэ суох табыллыа суоҕа этэ. Ол курдук, бастаан Ем.Ярославскай аатынан түмэл балаҕаныгар мустарбыт, онтон бу саастан Арчы ­дьиэтигэр көспүппүт. Ону таһынан, Фольклор уонна муусука түмэлэ, Литература түмэлэ миэстэ биэрэн, эмиэ хаста да абыраабыттара. СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ саҕалааһыннарбытын куруутун өйүүр. Онон, култуура тэрилтэлэрэ уоп­састыбанньыктары кытта ыкса үлэлэһэр, өйүүр диэн үөрэн бэлиэ­тиэхпин баҕарабын.

Олоҥхо — сүдү күүс

Сорох дьон “олоҥхону истиэм этэ да, тылын өйдөөбөппүн” диэн муҥатыйааччылар. Кистээбэккэ эттэххэ, бэйэм да оннук санаа­лаах этим. Билигин даҕаны олоҥхо саҕаланыыта уустуктук киирэр, онтон иккис-үһүс сырыыттан хас биирдии тылын олоччу өйдүүр ­буолбатаргын да сүрүн ис хо­­һоонун, тутулун өйдүөххэ сөп эбит. Саҥа тылы үөрэтэр курдук, олоҥхону истии мэйии үлэтин сайыннарар эбит диэн санааҕа кэллим. Ону таһынан, олоҥхо саха омугун туругун уһугуннарар сүдү күүстээх эбит. Онон саха дьоно бары даҕаны олоҥхоҕо чугаһыахтаах, олоҥхону таптыахтаах дии саныыбын.

Туох барыта кэмнээх-кэр­диистээх, дьаҥ даҕаны ааһар кэмэ кэлиэҕэ. Ыһыахпытыгар илэ тиийэн алгыс ылыныахпыт, оһуохай тэ­биэхпит. Оттон “Олоҥхо киэһэтигэр” үтүмэн элбэх киһи сахалар улуу айымньыбытын кытта билсэ кэ­­лиэхтэрэ диэн эрэллээхпин.

Хаартыскалар Татьяна Павлова тус архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0