Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков салалтатынан Олоҥхо уон сылын тэрийэн ыытар Национальнай кэмитиэт олоҥхо эйгэтин кэҥэтиигэ улахан болҕомтотун уурар.
Олоҥхо тыыныгар ыччаты иитии оскуолалартан саҕаланан, уһуйааннарга киирбитэ. Олоҥхо дьоруойдарын уобарастарыгар олоҕурбут оонньуурдарынан оҕо саадтарын хааччыйар туһунан боппуруоһу Национальнай кэмитиэт өссө 2011 с. көҕүлээбитэ. Онон бүддьүөккэ үп көрүллэн, Үөрэх министиэристибэтэ «Олоҥхо эйгэтэ – оҕо оонньуутугар» бырайыагы олоххо киллэрдэ. Бу үлэҕэ бастакы хардыы 2011 с. Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн ыытыллыбыт семинарга иитээччилэри кытта Александр Жирков көрсүһүүтүттэн саҕаламмыта. Олоҥхо персонажтарынан куукула таҥаһын тигии уонна тыйаатырга анаан оҕо көстүүмүн оҥорууга өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус буолбута. Куукулалары сэргэ кинилэргэ анаан сахалыы таҥас киэптээх альбом-каталог таһаарыллан оҕо саадтарыгар тарҕаммыта.
Сэтинньи 8 күнүгэр Александр Жирков салайан ыыппыт мунньаҕар «Олоҥхо эйгэтэ – оҕо оонньуутугар» бырайыагынан ыытыллыбыт үлэ туһунан кэпсэттилэр. Мунньахха филологическай наука дуоктара, ХИФУ профессора Василий Илларионов, Үөрэх министиэристибэтин уопсай үөрэхтээһиҥҥэ уонна тыл бэлиитикэтигэр отделын салайааччытын солбуйааччы Туйаара Абрамова, министиэристибэ оскуола ининээҕи үөрэхтээһинин отделын салайааччы Елена Томтосова, Национальнай оскуолалар институттарын үлэһитэ Диана Ефимова, «Чороон ХХI үйэ» ХЭУо дириэктэрэ Софья Попова, кини солбуйааччыта Петр Константинов кытыннылар.
Үөрэх министиэристибэтин бэрэстэбиитэлэ Туйаара Абрамова иһитиннэрбитинэн, олоҥхо персонажтарын кэмпилиэгэ 1 тыһ. ахсаанынан оҥоһуллубут. Онтон сороҕо бу күннэргэ Дьокуускайга кэлэн, Олоҥхо дэкээдэтин аһыллыытыгар, сэтинньи 25 күнүгэр, олоҥхо педагогикатынан дьарыктанар оҕо саадтарыгар туттарыллыахтара. Кэмпилиэккэ Туйаарыма Куо, Үрүҥ Уолан, Ньургун Боотур, Кыыс Ньургун, Айыы Умсуур Удаҕан уобарастарын көрдөрөр биэс куукула баар. Иккис түһүмэххэ үбүлээһин боппуруоһа быһаарылыннаҕына, атын персонажтар оҥоһуллуохтара. Силигэ ситтэҕинэ, кэмпилиэк барыта уон персонажтан турар буолуохтаах. Билиҥҥи кэмпилиэк ахсынньыга Дьокуускайга кэллэҕинэ, өрөспүүбүлүкэ олоҥхонон дьарыктанар уһуйааннарыгар тарҕаныахтара.
Куукулалары оҥорууга үлэлээбит «Чороон ХХI үйэ» тэрилтэ дириэктэрэ Софья Попова бэлиэтээбитинэн, сонун хайысхаҕа ылсыбыттара кинилэргэ биир өттүнэн уустук, ол эрээри интэриэһинэй буолбут. Анал куонкуруска кыайан, олоҥхо куукулаларын оҥорууга аан бастаан холоммуттар, Кытайга куукуларынан дьарыктанар фабрикалары кытта бииргэ үлэлэспиттэр. Софья Трофимовна оҥоһуктарын аҕалбытын мунньах кыттыылаахтара табыллыбыт диэн сыаналаатылар. Александр Жирков кэмпилиэги уһуйааннарга тарҕатарга, иитээччилэри методика-дидактика матырыйаалларынан хааччыйарга уонна аны остуоруйа персонажтарынан оонньуурдары оҥорууну саҕалыырга эттэ.
Кыра оҕо оонньуур көмөтүнэн төрүт култуураҕа, норуотун үгэстэригэр сыстара, уһуйуллара киһи быһыытынан үүнэн-сайдан тахсарыгар улахан оруоллаах, сабыдыаллаах. Оҕону иитиигэ бэйэ омугунан киэн туттар, бэйэ историятын, төрүт үгэстэрин, духуобунай нэһилиэстибэтин өрө туттахха, норуоппут инникилээҕэр уонна сайдар кэскиллээҕэр саарбахтыа суох этибит. Барыта оҕо туһугар оҥоһуллар диэн этиини бу үөһээ этиллибит кэпсэтии толору кэрэһилиир.
Ил Түмэн пресс-сулууспата, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru сайтыгар анаан