Айыылартан айдарыылаах, ийэ сиртэн ситимнээх, Аар тайҕа алыптаах ырыаһыта, Саха тыллаах айгыр-силик алгысчыта, үйэлэри уҥуордаан бэйэтин норуотун үгэһин, төрүт култууратын билиҥҥи көлүөнэҕэ билэн, үөрэтэн аҕалбыт, норуот ырыаһытын, РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СССР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха АССР искусстволарын үтүөлээх деятелэ, Үлэ кыһыл знамя уордьанын икки төгүллээх кавалера, С.А.Зверев — Кыыл Уолун төрөөбүтэ 120 сылын көрсө: «ОЛОҤХО ДОЙДУТУН ОҺУОРДААХ ООННЬУУТА» күнүн чэрчитинэн Л.А.Попов аатынан киин библиотекаҕа СӨ култууратын туйгуна Төгүл Сергеевич Зверев, Арассыыйа худуоһунньуктарын уонна Суруналыыстар сойуустарын чилиэнэ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Анна Николаевна Зверева кинигэлэрин сүрэхтии, күндү мааны ыалдьыт буоллулар.
edersaas.ru, Камилла Афанасьева
Бу күн, «С.А.Зверев — Кыыл Уола олоҕо» диэн Ыгыаттатааҕы С.А.Зверев Кыыл Уолун музей уһаайбатын методиһа Любовь Николаевна Афанасьева оҥорбут слайдын экраҥҥа көрдөрөн, Төгүл Сергеевич Зверев бэйэтин олоҕун кэпсээбитин, үрдүкү кылаас оҕолоро интэриэстээхтик олорон иһиттилэр. Салгыы «С.А.Зверев. Сарсын, сарсын сарсыарда» кинигэтин С.А.Зверев-Кыыл Уола 1938 сылтан өлүөр диэри суруйтарбыт айымньыларын, тэттик драмалара хайдах суруллубуттарынан, уларыйыыта суох бэриллибиттэрин туһунан ырытта.
Людмила Степановна Ефимова «УЗОРЫ ЗЕМЛИ ОЛОНХО» Санкт-Петербург типографиятыгар 2015 сыллаахха, 255 сирэйинэн бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэтэ дириҥ ис хоһоонноох, үтүөнү-кэрэни эрэ түстүүр, ураты уйаҕас эйгэлээх араас техниканан толорбут талааннаах үлэлэригэр – иис, дьахтар көстүүмнэрэ, суумкалар, ат киэргэлэ, араас паннолар, көбүөрдэр, аппликация, саахымат, кыбытыылаах тигиилэрэ киирбиттэрин дьон интэриэһин тардан салгыы иккис кинигэҕэ киирдибит. Ол курдук «РОЛЬ С.А.ЗВЕРЕВА – КЫЫЛ УОЛА В ВОЗРОЖДЕНИИ КУЛЬТУРНОГО НАСЛЕДИЯ НАРОДА САХА» норуот ырыаһыта Сергей Афанасьевич Зверев — Кыыл Уолун олоҕун уонна айар үлэтин уонна аан бастакытын ырыаһыт араас өттүгэр дьоҕурдааҕын сырдатыытыгар болҕомто ууруллубут, саҥа докумуоннары көрдөрбүтүн туһунан Анна Зверева кинигэлэрин ырытыытын сиһилии интэриэстээхтик, киһи истэ эрэ олоруон курдук кэпсээтэ.
Сүдү киһибит С.А.Зверев-Кыыл Уолун айымньылара, кини туһунан ахтыылара уонна ону сэргэ Анна Зверева кинигэлэрэ, ыстатыйалара, афишалара быыстапкалара оҥоһуллан турдулар.
Көрсүһүү күммүтүгэр Төгүл Сергеевич Зверев биир дойдулаахтарын, Сунтаар улууһун культуратын уонна айылгытын салалтатын салайааччыта Мария Васильевна Кобельянова, Сунтаардааҕы С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан холбоһуктаах түмэлин салайааччыта Альбина Алексеевна Федорова, Ыгыаттатааҕы С.А.Зверев Кыыл Уолун музей уһаайбатын методиһа Любовь Николаевна Афанасьева, Л.П.Попов аатынан киин библиотека үлэһитэ Лидия Валентиновна Чирикова алгыс тылларын иҥэринэн, эҕэрдэлэрин долгуйа иһиттилэр, хаартыскаҕа түһэн, үөрэн-көтөн тарҕастыбыт.
Л.А.Попов аатынан киин библиотека үлэһитэ Камилла Афанасьева