Олоҥхо доҕуһуоллаах айан (ВИДЕО)

22.11.2019
Бөлөххө киир:

Олоҥхо күнүгэр таатталар быйыл эмиэ дьону-сэргэни сонурҕатары, болҕомтону тардары, сэргэхситэри, уратыны тобулан киллэрдилэр. 


Ол курдук,  Олоҥхо күнүгэр анаан, Тааттаттан Дьокуускайга уонна Дьокуускайтан Тааттаҕа айаннааччылары таһар таксилар, олоҥхо аргыстаах айаны биллэрдилэр. «Уһун, сылаалаах айан биллибэккэ, сэргэхтик ааһарыгар итиэннэ дьон-сэргэ саха норуотун тылынан айымньытын саамай куоҕайар чыпчаалын — олоҥхону  сүрэхтэригэр-быардарыгар чугастык ылыналларыгар анаан этии киллэрбиппитин таксилар өйөөтүлэр», — диэн улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Вырдылин иһитиннэрдэ.

Олоҥхо ис хоһооно олус дириҥин, киэҥин, ойуулуур-дьүһүннүүр баай, этигэн тылын-өһүн айанньыттар  истэн кэрэхсиэхтэрэ, сэргиэхтэрэ диэн таатталар эрэнэллэр. Маннык биир ураты ньыманан үлэлэһэн, кинилэр олоҥхону кэнчээри ыччат, оҕо-аймах өйүгэр-санаатыгар, сүрэҕэр-быарыгар ылыннарар, иҥэрэр баҕалаахтар.

Сүрүн хаартыска: travel.drom.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0