Олоҥхо декадата “Бэрт киһи Бэриэт Бэргэн” премьеранан саҕаланна

28.11.2016
Бөлөххө киир:

Үтүө үгэс быһыытынан, сэтинньи 25-ахсынньы 5 күннэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо декадата ыытыллар. Декада кэмигэр киин куоракка Дьокуускайга уонна өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар, куораттарыгар Олоҥхо күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр тиһигин быспакка бараллар – Олоҥхо дьоро киэһэлэрэ, тыйаатырдарга премьералар, үөрэх кыһаларыгар, оскуолаларга, Култуура дьиэлэригэр араас көрсүһүүлэр, Олоҥхо киэһэлэрэ, быыстапкалар, презентациялар, “төгүрүк остуоллар” буолуталыыллар. Ыччаттар, устудьуоннар, учуонайдар научнай конференцияларга, семинардарга кытталар.

Декаданы үөрүүлээхтик аһыы  сиэрэ-туома Олоҥхо национальнай күнүгэр – сэтинньи 25-гэр Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар ыытылынна. Бу күн тыйаатырга мустубут дьон В.В. Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сылын итиэннэ Саха национальнай тыйаатыра төрүттэммитэ 110 сылын чэрчитинэн, “Бэрт киһи Бэриэт Бэргэн” олоҥхо-испэктээкил премьератын көрдүлэр.

Оттон тыйаатыр Олоҥхо саалатыгар фотограф Анатолий Макаров “Ытык Дьааҥы сиригэр Олоҥхо ыһыаҕын хаартысканан дьүһүйүү”  диэн персональнай быыстапката көрөөччү болҕомтотун тарта.

“Ыччат олоҥхото” уонна “Ийэ кут”

Сэтинньи 26 күнүгэр, субуотаҕа ХИФУ Олоҥхо институтун тупсаҕай оҥоһуулаах балаҕаныгар, сахалыы сиэринэн толору астаах сандалы тула олорон, олоҥхону таптааччылар дьоро киэһэҕэ кытыннылар. Бастатан туран, олоҥхоҕо Бүлүү бөлөх уонна илин эҥэр олоҥхоһуттарын толорор үгэстэрин истии буолла. Бары даҕаны бэрт көхтөөхтүк, өрө көтөҕүллэн толордулар. Ол курдук, “Бастыҥ олоҥхону толорооччу” анал ааттар Мэҥэ-Хаҥаластан Виталий Никифоровка уонна Сунтаартан Александра Яковлеваҕа иҥэрилиннилэр. Эдэр олоҥхоһуттарга   “Ыччат олоҥхоһут” түмсүү уонна Олоҥхо киинэ өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар.

olonho-1

Көрөөччүлэргэ “Олоҥхо олуктара”  интерактыыбынай оонньуу ыытылынна. Олоҥхо олук тылларынан чаҕылхай эппиэти биэрбит ыччаттар араас бириистэргэ  тигистилэр.

Санатан эттэххэ, Олоҥхо ассоциациятын көҕүлээһининэн Саха сиригэр соторутааҕыта “Ыччат олоҥхоһут” уопсастыбаннай түмсүү тэриллибитэ. Түмсүү хайыы-үйэҕэ үлэтэ көстөн эрэр. Ол курдук, түмсүү салайааччыта, Олоҥхо институтун эдэр сотруднига Юрий Борисов ыччат-олоҥхоһуттарга бу сылга туох үлэ ыытыллыбытын, инники былааннарын билиһиннэрдэ. Санаа атастаһыыта буолла.

Олоҥхо ассоциацията, Олоҥхо киинэ быйыл аны олоҥхоҕо уһуйааччыларга анаан “Ийэ кут” диэн саҥа уопсастыбаннай түмсүүнү тэрийдилэр.

Татьяна Маркова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0