Олоҥхо бэстибээлигэр Гавриил Колесов аатынан анал бириис туттарылынна

29.03.2017
Бөлөххө киир:

Норуоппут үтүө үгэстэрин өрө тутан, ону үйэтитиигэ, үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдиигэ тиһиктээх, кэскиллээх үлэни ыыта олорор «Арчы Дьиэтэ» Духуобунай култуура киинэ (сал. Бочонина В.И., Михайлов Б.Н.) быйыл 12-с төгүлүн «Уруйдан, улуу олоҥхобут» бэстибээли дьоһуннаахтык тэрийэн ыытта.

Бэстибээлгэ өрөспүүбүлүкэ 6 улууһуттан уонна Дьокуускай куораттан  142 толорооччу кыттыыны ылла. Дьүүллүүр сүбэҕэ А.Е. Захарова, ф.н.к., СӨ Норуоттарын  култуурунай нэһилиэстибэлэрин киинин салайааччы; А.П. Решетникова, Муусука уонна фольклор мусуойун дириэктэрэ; Н.С. Толбонова, СӨ култуура үтүөлээх үлэһитэ; Е.Н. Протодьяконова, СӨ Норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин киинин сүрүннүүр исписэлииһэ үлэлээтилэр.

Барыта 12 бөлөҕүнэн, 15 биирдиилээн толорууну иһиттибит. Айылҕаттан айдарыылаах ураты эйгэлээх толорооччуларбыт суолталаан, ис-истэриттэн иэйэн, бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Сыл аайы кыттааччы ахсаана элбээн, репертуардара кэҥээн,  толорооччулар таһымнара үрдээн иһэрэ бэлиэтэннэ. Репертуары таба талыыга,  ордук түөлбэ үгэстэрин тилиннэриигэ болҕомто ууруллар,  олоҥхо этэр тылын, ырыатын-тойугун тэҥҥэ тутан толоруу ирдэниллэр.  Хас биирдии толоруу кэнниттэн туһалаах сүбэлэр, баҕа санаалар этилиннилэр.

Ааттара-суоллара тарҕаммыт ытык дьоммут — олоҥхоһуттар, олоҥхону тарҕатааччылар фестиваль бочуоттаах ыалдьыттара буоллулар: Иванов С.И., Сафонов Н.И., Григорьев И.А., Тихонов П.М., Илларионов В.В. уонна Г.Г. Колесов кыыһа Оксана Гаврильевна. Бэстибээли Бочонина В.И. иилээн-саҕалаан ыытта.

Түмүккэ, биирдиилээн толорууга Гран-при хаһаайынынан  олоҥхону бастыҥ толорооччу Лазарева Сусанна Васильевна (Чурапчы улууһа) буолла. Быйыл саха норуодунай артыыһа Г.Г. Колесов төрөөбүтэ 85 сылынан, кини аатынан анал бирииһи  олоҥхону бастыҥ толорооччу, былырыыҥҥы «Уруйдан, улуу Олоҥхобут» фестиваль Гран-при хаһаайына, Григорьев Николай Никитич (Чурапчы улууһа) ылла. 1 ст. лауреат аатын 83 саастаах ытык кырдьаҕас Иванов Семен Иннокентьевич (Бүлүү улууһа), 2-с ст. лауреат аатын Цой Людмила Константиновна (Таатта улууһа), 3-с ст. лауреат аатын Соколова Валентина Николаевна (Дьокуускай к.) ыллылар.

Бөлөҕүнэн толорууга, У.Г. Нохсоров аатынан анал бирииһи «Дьолуо — Таатта» (Таатта, сал. Цой Л.К.) бөлөҕө ылла. 1 ст. лауреат аатын В.О. Каратаев аатынан олоҥхоһуттар норуодунай кэлэктииптэрэ (Бүлүү, сал. Иванова С.Т.), 2-с ст. лауреат аатын Таатта Дьохсоҕонуттан фольклор бөлөҕө (сал. Харайданова В.П.), 3-с ст. лауреат аатын «Күөгэйээнэ» бөлөх (Амма, сал. Артемьева А.Е.) ыллылар. Бастыҥнарга анал ааттар иҥэрилиннилэр. Ол курдук, «Олоҥхоҕо саҥа аат» — Егорова Мария Романовна (Уус Алдан), «Кэскиллээх толорооччу» —  Ефремов Александр (Амма), «Көрөөччү-истээччи биһирэбилэ» — «Дьэ-буо» фольклор бөлөҕө (Дьокуускай к., сал Птицын И.И.), «Түөлбэ уратытын утумнааччы» — «Көһөҥө-Ситим» фольклор бөлөҕө (Таатта, Чөркөөх, сал. Яковлева М.П.), «Олоҥхо үгэһин утумнааччы» — Спиридонов Гаврил Васильевич (Мэҥэ Хаҥалас), «Дорҕоон тойуктаах толорооччу» — Христофоров Анатолий Николаевич (Чурапчы ул., Мырыла сэл.) буоллулар. Маны таһынан, дьүүллүүр сүбэ бэлиэтээбит дьонугар грамоталар, сыаналаах бэлэхтэр туттарылыннылар. Кэлбит дьон бары астынан-дуоһуйан тарҕастылар.

Дьүүллүүр сүбэ бэстибээл түмүгүнэн, сайын бэс ыйыгар Олоҥхо Ыһыаҕар уонна от ыйыгар ыытыллыахтаах Аан дойдутааҕы  эпоһы толорооччулар бэстибээллэригэр кыттааччылары быһаарда.

Арчы Дьиэтэ тэрийэн ыытар «Уруйдан, улуу олоҥхобут» бэстибээлэ салгыы ис хоһооно өссө дириҥээн, сайдан, олоҥхону толорооччулары иитиигэ бигэ тирэх буола турарыгар эрэнэбит.

Елена ПРОТОДЬЯКОНОВА,

СӨ Норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин киинин сүрүннүүр исписэлииһэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0