«Олоҥхо аартыгын сэгэтэн» диэн киинэ таҕыста

06.02.2019
Бөлөххө киир:

Былыр сахалар алаастарынан ыһыллан да олордоллор, дьону түмэн дьоро киэһэлэри ыытар үгэстээхтэрэ. Биир оннук киэһэ Наһаар кинээс ыҥырыытынан олоҥхоһут Лэгэнтэй кэлэн дьону сэргэхситэр. Олоҥхоҕо хоһуйуллааччылар уобарастара оччоттон баччаҕа диэри уос номоҕо буолан, киһиттэн киһиэхэ бэриллэн күн бүгүҥҥэ диэри кэллэҕэ. 

Саргылаана Егорова, сценарист уонна туруорааччы режиссер:

Бу киинэни саха омук уһулуччулаах уола Платон Алексеевич Слепцов – Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан » Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардан уһуллубут. «Махтал» диэн үнкүү уонна фольклор ансаамбылын иһинэн тэрийэн уһулбуппут. «Махтал» айар бөлөхпүтүгэр ону таһынан олоҥхоһуттар бөлөхтөрүттэн хомуйан киллэртээбиппит. Киинэбит сүрүн сыала кырдьаҕас дьону үйэтитии диэн этэ. Кинилэр оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр өйдөбүнньүк киинэ хаалларар сыалтан. Бу айар бөлөхпүтүгэр саамай эдэрдэрэ мин, Егорова Саргылана Семеновна диэммин, 53 саастаахпын. Бэйэм хаартыскаҕа түһэрэбин. Хаартысканан оҕо эрдэхпиттэн үлүһүйбүтум. Бу ааспыт сайын аны киинэ уһулуутугар холонон көрөргө санаммытым. Уонна бары 60- чалаахтар, саамай кырдьаҕастарбыт 81-82 саастаахтар. Бу киинэбитин бэйэбитигэр устубуппут, дьиҥэр. Онтон бастакы сүрэхтэниибит түмүгүнэн элбэх үчүгэй тыллар этиллибиттэринэн сибээстээн дьоҥҥо көрдөрүөххэ диэн сүбэлэстибит. Киинэбит аата «Олоҥхо аартыгын сэгэтэн» диэн буоллун диэн сүбэлэстибит.

Манна сүрүн оруолу толордо Иннокентий Иннокентьевич Птицын.

Кини:

Россия физкультураҕа уонна спорка туйгуна,

Россия Журналистарын союһун чилиэнэ,

Саха Республикатын үөрэхтээһинин систематын туйгуна,

Саха Республикатын орто анал үөрэхтээһинин туйгуна,

Дьокуускай куорат олоҥхоҕо ассоциациятын салайааччыта,

суруйааччы, спорт комментатора, фольклор уонна уус-уран айымньы аан дойдутааҕы хас да төгүллээх фестивалларын лауреата.

Олоҥхо геройдарын сүрүн оруолларыгар оонньоотулар:

Ньургун Боотур — Владимир Назаров

Туйаарыма Куо — Саргылана Егорова

Үрүҥ Уолан — Трофим Миронов

Сабыйа Баай Хотун эдэрэ — Октябрина Трофимова

Саха Саарын Тойон эдэрэ — Степан Кузьминов

Сабыйа Баай Хотун — Мария Константинова

Саха Саарын Тойон — Гавриил Жирков

Уот Уһутаакы — Иннокентий Птицын

Кыыс Кыскыйдаан — Елизавета Говорова

Симэхсин эмээхсин — Екатерина Новикова

Күн Дьирибинэ — Леонид Потапов

Киинэ ис хоһооно:

Киинэҕэ саха ыала дьиэ-уот тэринэн ньир-бааччы, бэрт чөллөөхтүк олороро көстөр. Биир киэһэ саха сэниэтик олорор баай ыала чугастааҕы ыалларын ыҥыртаан Олоҥхо дьоро киэһэтин тэрийэллэр. Дьоро киэһэҕэ Лэгэнтэй олоҥхоһут мааны ыалдьыт буолар.Сахалыы ас эгэлгэтэ остуол хотойорунан тардыллар. Саха дьоно үөрэ-көтө ыҥырыыны ылынан, күнүскү күүстээх үлэлэрин эрдэ үмүрүтэн, мааны таҥастарын таҥнан, олоҥхо истэ кэлэллэр, дьиэлээхтэр үөрэ-көтө көрсөллөр. Дьон бары мустубуттарын кэннэ, дьиэ эргиннээҕи сонуннарын кэпсэтэн баран, Лэгэнтэй көрдөһүннэрэ барбакка, тигинэччи оттуллубут көмүлүөк оһох иннигэр олорон, дьоһуннаахтык туттан-хаптан, олоҥхолоон киирэн барар. Олоҥхоһут кудуххайдык этэн-тыынан истэҕин аайы, истээччилэр умсугуйан, олоҥхоһут хас биирдии тылын сэҥээрэн, таттаран, хас биирдии көстүүнү харахтарыгар көрөн олорор курдук, олоҥхоһут талааныгар сүгүрүйэн истэллэрэ көстөр.Киинэҕэ толору ситэн турар кыыс кэрэ айылҕа, мааны саха ыалын эйгэтэ — дьиэтэ-уота, дьоно-сэргэтэ, сахалыы мааны таҥас-сап, ас-үөл барыта баар. Сахалыы сиэринэн дьиэлээхтэр астынаннар, олоҥхоһуту бэлэхтээн-туһахтаан атаараллара көстөр.

Сахалыы сурук бичик күнүгэр анаан бу киинэбитин сахабыт дьонугар көрдөрөбүт.

Киинэ ааптардара edersaas.ru сайтка анаан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0