«Махталлар» олоҥхо аартыгын сэгэтэллэр

11.02.2019
Бөлөххө киир:

Сахабыт тылын сүмэтэ-сүөгэйэ, баайа-талыма, кэрэтэ-дэгэтэ олоҥхоҕо баар диэн норуокка мээнэҕэ этиллибэт. Тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар эмиэ ону бигэргэтэллэр.

edersaas.ru

Олунньу 13 күнүгэр – Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр киэһэ 18:20 ч. “Лена” киинэ-тыйаатыра бэйэтин көрөөччүлэрин  «Олоҥхо аартыгын сэгэтэн» диэн киинэ премьератыгар ыҥырар.

Бу киинэ саха норуотун уһулуччулаах уола Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар ананар.

Сценарист уонна туруорааччы режиссер — Саргылаана Егорова.  Бу  киинэҕэ Ойуунускай  “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотуттан быһа тардан,  уһулбуттар.

Маныаха,  «Махтал» үҥкүү уонна фольклор ансаамбылын иһинэн тэриллэн, “Айылхан”, “Үһүс көлүөнэ”, “Күн дьоно” олоҥхоһуттар бөлөхтөрө кыттыыны ыллылар. Онон, режиссер кинилэргэ махтала улахан.

Мин  Саргылаана Семеновналыын, айар бөлөҕүн кытта Уус Алдаҥҥа кэнсиэртии, киинэлэрин көрдөрө бараары сырыттахтарына,  кыл түгэнэ кэпсэтэн ыллым. 

— Киинэ идиэйэтэ хайдах үөскээбитэй уонна сыала-соруга тугуй?

— Сүрүн сыалбыт – аҕа көлүөнэни, ытык кырдьаҕастарбытын үйэтитэн, кинилэр оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр өйдөбүнньүк оҥорон хаалларыы. Бу айар бөлөхпүт аҕам саастаах дьонтон турар. Саамай эдэрдэрэ мин 53 саастаахпын. Үгүспүт 60-чалаах. 81-82 саастаах ытык кырдьаҕастар бааллар. Маннык киинэни устуу — бэйэм идиэйэм.  Аан бастаан “Махтал” ансаамбылга кэлэрбин кытта, Иннокентийдаах Екатерина, олоҥхоҕо кытын диэбиттэрэ. Иннокентий олоҥхотун истэн баран, олус диэн сөхпүтүм уонна киинэ устуохха сөп эбит дии санаабытым. Идиэйэ итинник киирбитэ. Бэйэм кыралаан эмиэ олоҥхону толорууну, онон, “Махтал”-га саҕалаабытым. Ол иннинэ туойар этим.

“Ньургун Боотур” олоҥхоттон быһа тардан бөлөҕүнэн толорууга киирэр буолбутум. Ааспыт сайын Олоҥхо ыһыаҕар кыттан, номинация ылбыппыт.

Уопсайынан, олоҥхону толоруу диэн судургу буолбатаҕа чахчы. Күүстээх бэлэм наада.

“Олоҥхо аартыгын сэгэтэн” киинэҕэ сүрүн оруолу – олоҥхоһут Лэгэнтэйи Иннокентий Птицын толорор. “Махтал” ансаамбыл тутаах киһитэ Иннокентий Иннокентьевич – Дьокуускай куораттааҕы Олоҥхо ассоциациятын салайааччыта, Арассыыйа физкултуураҕа уонна спорка туйгуна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ. Кини олоҥхону, куолаһын араастаан уларытан толороро олус интэриэһинэй. Киһи эрэ барыта ону сатаабат.

Киинэҕэ саха ыала дьиэ-уот тэринэн, ньир-бааччы олороро көстөр. Биир киэһэ, сэниэтик олорор баай ыал чугастааҕы ыалларын ыҥыртаан, Олоҥхо дьоро киэһэтин тэрийэр. Дьоро киэһэҕэ Лэгэнтэй олоҥхоһут күндү ыалдьыт буолар. Сахалыы ас эгэлгэтэ остуол хотойорунан тардыллар, сонун-нуомас кэпсэнэр. Дьэ онтон, тигинэччи оттуллубут көмүлүөк оһох иннигэр олорон, дьоһуннаахтык туттан-хаптан, Лэгэнтэй олоҥхотун саҕалыыр…

— Бэйэҥ, этэргэ дылы,  “хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин”? Төрүттэргэр-уустаргар олоҥхоһуттар, айар куттаах дьон бааллар дуу? 

— Уус Алдантан төрүттээхпин. Бороҕоҥҥо улааппытым. Эһээм оҕонньор ойуун эбитэ үһү. Олоҥхолуура үһү.

Бэйэм фотографпын, итиэннэ визажист-парикмахер, дизайнер идэтинэн үлэлии сылдьабын. Оттон үөрэхпинэн физикпин уонна экэнэмииспин. Бу киинэни, дьиҥэр, 9 сиэрийэлээн устуохха сөп.

Биһиги балтараа эрэ күн устубуппут. Бастаан, көннөрү, бэйэбитигэр эрэ анаан оҥоробут диэбиппит. Туох табылларынан. Ол иһин, баҕар, итэҕэс — быһаҕас да баара буолуо…  Онтубутун, киинэбитин көрөн баран, бастакы сүрэхтэниибит түмүгүнэн элбэх үчүгэй тыллар этиллибиттэринэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрүөххэ диэн сүбэлэстибит. Билэр дьон,  босуобуйа быһыытынан көрдөрүөххэ эмиэ сөп, диэбиттэрэ. Ол иһин, саатар биирдэ киинэ-тыйаатырыгар тахсарга быһаарынныбыт.

Сценарийбын,  өр төбөбөр иитиэхтии сылдьан баран, аҕыйах күн суруйбутум. Онтон дьонум сөбүлэһээттэрин кытта тута, биллэн турар, бастаан сөптөөх таҥаһы-сабы булуу, бэлэмнэнии буолла… Аны, эрдэ кэпсэппит дьоммут ыалдьан эҥин хааланнар, саҥа дьоруойдары көрдөөһүн…  Бары да сааһырбыт дьон буоллахпыт, өйдүүбүт. Онтон дьэ, Суотту мусуойун кэпсэтэн, ситэн-хотон, 15 буолан, үлэбитин саҕалаабыппыт. Бары хастыы да оруолу толоробут. Киинэбитин бэйэбит харчыбытыгар уһуллубут.

Оператордарбыт уонна монтажтыыр уолбут үчүгэй, сэргэх дьон буоланнар, барыта санаа хоту оҥоһулунна дии саныыбын.

— Саргылаана Семеновна, оччотугар,  киинэҥ  салгыыта баар буолуон сөп буоллаҕа?

— Сүрүнэ — олоҥхоһутум бэлэмнээтэҕинэ баар буолуон сөп. Сценарийы  чочуйан, артыыстары, таҥаһы-сабы тупсаран устар киһи….  Ханна да ыксаабакка. Оччоҕуна дьэ, чахчы үчүгэй киинэ буолуо этэ.

— Ситиһиилэри баҕарабын!

— Махтал!

Оруолларга оонньоотулар:

Олоҥхоһут Лэгэнтэй — Иннокентий Птицын,

Кинээс Наһаар — Владимир Назаров,

Кинээс ойоҕо — Екатерина Новикова,

Кинээс уола — Трофим Миронов,

Кинээс иккис уола — Леонид Потапов,

Кинээс хамначчыта — Наталья Винокурова,

Кинээс Наһаар чугас ыаллара,

оҕонньор — Степан Кузьминов,

эмээхсинэ — Октябрина Трофимова,

Баай хотун — Мария Константинова,

Баай хотун кыыһа — Галина Самсонова,

Балыксыт оҕонньор — Гавриил Жирков,

Уус оҕонньор — Иван Петров,

Отонньут кыыс — Саргылана Егорова,

Отонньут кыыс эдьиийэ — Надежда Ефимова,

Ынах көрдөөччу кыыс — Елизавета Говорова.

Олоҥхо дьоруойдарын оруолларыгар

                   оонньоотулар:

Ньургун Боотур — Владимир Назаров,

Туйаарыма Куо — Саргылаана Егорова,

Үрүҥ Уолан — Трофим Миронов,

Сабыйа Баай Хотун эдэрэ —

Октябрина Трофимова,

Саха Саарын Тойон эдэрэ —

Степан Кузьминов,

Сабыйа Баай Хотун — Мария Константинова,

Саха Саарын Тойон — Гавриил Жирков,

Уот Уһутаакы — Иннокентий Птицын,

Кыыс Кыскыйдаан — Елизавета Говорова,

Симэхсин эмээхсин — Екатерина Новикова,

Күн Дьирибинэ — Леонид Потапов,

Абааһылар — Наталья Винокурова,

Надежда Ефимова,

Иван Петров,

Октябрина Трофимова,

Степан Кузьминов,

Екатерина Новикова,

Галина Самсонова

Татьяна МАРКОВА,edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0