ОЛЛОЙ КУЛУБА УОННА КЭДЭЭК ОЙУУН

Ааптар:  Дмитрий Колесов
26.11.2023
Бөлөххө киир:

Халыма кыраайыгар былыр, үөрэх, култуура сайда илигинэ, сахалар хараҥа балаҕаннарыгар көмүлүөк оһох борук-сорук сырдыгар барыһан олороннор киэһэ аайы былыргы, быдан ыраах ааспыт сыллардааҕы үһүйээн буолбут номох кэпсээннэри, араас ынырык абааһылары, ураты улахан хомуһуннаах ойууннары, олус кэрэ дьүһүннээх кырасыабай кыргыттары, улахан күүстээх уолан эр бэртэрин уустаан-ураннаан кэпсииллэрэ.

Оттон сороҕор уһун киэһэни быһа олоҥхону, остуоруйаны истэрбит. Оччолорго кыра оҕолор ордук кутталлаах кэпсээннэри таптыырбыт. Онтон ол истибит кэпсээммититтэн кэнники куттанан, киэһэ, халлаан хараҥардаҕына, таһырдьа соҕотоҕун тахсыбат этибит. Түүнүн дьиэҕэ толору абааһы баарын курдук санаан, убаһа тириитэ суорҕаны бүрүнэн сытан, тиритэн ийэ хара көлөһүммүт тахсара. Оччолорго оҕо сааспар истибит Оллой кулуба уонна Кэдээк ойуун туһунан номох кэпсээни эһиэхэ, күндү ааҕааччыларбар, төһө өйдүүрбүнэн суруйан хаалларарга быһаарынным.

I

Халыма сирэ былыр ханна да чугаһынан суох кэрэ дьикти айылҕалааҕа үһү. Оччолорго айылҕаны алдьатар араас тиэхиньикэ суоҕа уонна ол кэмҥэ олорбут дьон ийэ айылҕаларын ис дууһаларыттан харыстыыллара, онуоха оҕолорун, ыччаттарын иитэллэрэ. Инньэ гынан айылҕа баайа, булт-ас дэлэй буолара. Оччолорго ордук кэрэ айылҕалаах, байым бултаах, уйгу-быйаҥ оттонор ходуһалаах Ойуун Уҥуохтаах диэн улахан алаас баара. Онно Оллой Охонооһой диэн куһаҕан санаалаах кулуба барытын баһылаан олорбут. Хас да ампаарга халыҥ баайдааҕа, сүүһүнэн сүөһүлээҕэ үһү. Хас да дьиэ кэргэн дьону хамначчыт оҥостон үйэлээх саастарыгар, биир кэлтэгэй харчыны биэрбэккэ, үлэлэтэн муҥнуура үһү.

Оллой орто уҥуохтаах, хамсаммыт-имсэммит түргэн сытыы сырыылаах киһи, бара-кэлэ сылдьан хамначчыттарын буруйа да суохтарыгар «сүрэҕэлдьиигит» диэн сымыйанан балыйан, кырбаан, охсон ааһар адьынаттааҕа үһү. Кэргэнэ Өрүүнэ Оллойдооҕор уҥуоҕунан үрдүк, улахан, үчүгэй дьүһүннээх эрээри, өссө үтүө сэбэрэлээх буолуоҕун, улахан хаһалаах, суон хоодойбут быһыылаах буолан көстөр көрүҥүн мөлтөппүт. Кини эмиэ хамначчыттарыгар киҥнээҕэ. Кыраҕа да харса-хабыра суох таһыйтыыра, кырбыыра. Ол иһин дьон бары өстөһөннөр «хотуммут Холлойор Өрүүнэ» диэн хос ааттаабыттара. Кини кэргэнин кытта холбоһоот, уон биир сыл иһигэр алта оҕону төрөппүтэ. Онтон отут үс сааһыттан оҕоломмотох.

Оллойдооҕу кытта кэккэлэһэ Кэдээк Ньукулай диэн дьадаҥы ойуун олорбута үһү. Ырааҕынан да буоллар, Оллойго уруута үһү, ону анараа дьон кинини ыт курдук көрөллөр, хамначчыттары кытта хара үлэ ыарын үлэлэтэллэр үһү. Кэдээк кыра балаҕаныгар сороҕор, дьон көрдөстөҕүнэ, ойууннуура үһү да, улахан хомуһуна суох буолан, абыраабыта да суох үһү. Кини аҕата, Киргиллээх ойуун диэн аатыра сылдьыбыт ойуун, кырдьан өлөрүгэр уолугар Кэдээккэ кэриэһин эппит:

— Мин ойууннуурга кэтэр ойуу таҥалай кыырар кыаһааммын, дүҥүрбүн, былаайахпын түөрт уон сааскын туолан эрэ баран тутаар уонна олус иэдэйбэккэ ойууннаан көрөөр, хаһан ыарахан күннэргэр миигин ыҥыраар, өллөрбүн да, үөрүм-сүрүм син баар буолуо.

Ону аһыыр-таҥнар кыһалҕатыттан Кэдээк аҕатын кэриэһин кэһэн отучча сааһыттан ойууннаабыт да, кэбэ-сүрэ киирбэтэх, кими да ойууннаан абыраабатах, кэнники, кырдьан баран, өлөрүн чугаһыгар дьэ хомуһуна киирэн, Оллойдооҕу олох эспитэ үһү.

Оллой хамначчыттарын күн аайы кэмчитик аһатара, таҥаһа букатын бараммыт киһиэхэ эргэ таҥаһы биэ эн «абырыыра», хамнас диэн харчыны хаһан да биэрбэтэ. «Аһыыргыт, таҥнаргыт иһин» диэн сарсыарда хараҥаттан киэһэ хараҥаҕа диэри ыарахан үлэни сылы быһа сынньаппакка үлэлэтэрэ. Ол үрдүнэн Оллой кулуба уонна хотуна Холлойор Өрүүнэ куруутун үөҕэллэрэ, араастаан атаҕастыыллара.

— Күөх сүрэхтэр, эһиги үлэҕит да холоон! Аһыырга бэркит. Сылы быһа эһигини аһатабыт, таҥыннарабыт да, абыралгыт кыра, — дииллэрэ.

Биирдэ бэрт кыраҕа баайсан, Оллой Кэдээги улаханнык күргүйдээбит, охсубут. Онуоха буруйа суоҕар охсуллубут ойуун улаханнык кыыһырбыт:

— Олус да атаҕастыыгын! Аймаҕым да диэн уонна оҕолорбун да аһыммаккын. Биһиги сыл устата хамнаһа суох көлөһүммүтүн тоҕобут, ол курдук өр сылларга үлэлээтибит да, биир да харчыны хамнас диэн биэрбэтиҥ, — диэбит.

— Өссө эйиэхэ хамнаһы харчынан төлүөхтээх үһүбүн! Бэйи, тохтоо, хайа, сылы быһа аһатабын буолбат дуо? Итиэннэ ким таҥаһа суоҕу таҥыннарабын, ээ-э?! Ити эһиэхэ биэрэр аһым, таҥаһым эһиги сүөдэҥнэһэр үлэҕитигэр сөп буолар ини?! Дьиэҕэр, ааҕыстахха, мин ылардаах буолуохтаахпын, — диир Оллой.

— Ол эрээри, тойоммут, олус баттыыгын. Ити быһыыҥ кэнники иэстэбиллээх буолуо, — диир ойуун.

— Ыт сирэй, ойууҥҥунан куттаан саанаҕын дуо? Бэрт киһи, билигин миигин сиэ! Саатыаҥ, хайа сааҕыҥ баар буолуой? Туй-мэ! — диэт, Оллой силлээх хокуосканы ойуун муннугар аспыта.

— Олус даҕаны атаҕастыыгын! Мин күн сиригэр куһаҕаны оҥорор санаам суох этэ. Ол эрээри, эн да буолларгын, хаһан эмэ кэмсинэр кэмиҥ кэлиэҕэ, — диэбитэ Кэдээк ойуун олус кыыһыран.

— Хара ыт, өссө саанардааххын, эйигин баҕас кэһэтиэм! — диэн хаһыытаат, Оллой Кэдээк ойууну саҕатыттан ылан харса суох охсо-охсо таһырдьа анньан кэбиспитэ.

Онтон аҕыйах сылынан Оллой кулуба хотуна Холлойор Өрүүнэ кыра кыыһа үс сааһын туолуута, отут биэс саастааҕар, сиэр-майгы өттүнэн сатарыйбыта. Оччотооҕу кэнэн үйэҕэ килбигийэн, кэмчиэрийэн туттумматаҕа, эр дьону кытта элбэхтик хоонньоһор идэлэммитэ. Сылаас хоонньугар сонунтан сонун эдэр киһини сытыаран, сытыытык сыллаһан-уураһан уохтаахтык таптаһара. Инньэ гынан ыарыы курдук ылларан, эр дьону кытта этинэн-хаанынан дьиҥнээхтик сылдьыһан, имэҥнээх баҕатын ханнаран дуоһуйдаҕына эрэ сатанара. Сорох түүҥҥэ хас да эр киһиэхэ тэллэх буолара үһү диэн кэпсииллэрэ. Ону барытын Оллой истэр, билэр буолан, олус киҥнэнэрэ, ойоҕун улаханнык таһыйара, быдьар быһыытын бырахтараары араастаан накаастаан элбэхтик эрэйдэммитэ да, тугу даҕаны ситиспэтэҕэ. Холлойор Өрүүнэ таһыыртан көхсө, самыыта күүскэ ыалдьара да, күүлэйдиирин тохтоппотоҕо. Онтон санаата түһэн, Оллой кэнники кыһаммат буолта, син кыайтарыа суох диэн санаабыта. Ол эрээри уһун түүннэргэ утуйбакка оронугар соҕотох сытан, ынырыктаах ыар санааны толкуйдаан ылара: ойоҕун өлөрүөҕүн — алта оҕотун ийэтэ буолара уонна урут күүскэ таптаабыт кэргэнэ буолан сүрэҕэр сөҥөн сылдьара билигин да бастакы тапталын кыыма. Ол иһин суобаһа көҥүллээбэт, кыайан өлөрүө суоҕун билинэрэ, онтон санаата кыынньан, атын киһиэхэ кыыһырара:

— Ити Кэдээк ойуун оҥоһуута, соруйан биһигини саакка киллэрэн олохпутун алдьатта. Ойохпор «дьыраҥ абааһыны» сыһыаран, итинник эринэн иирэр идэлэннэҕэ, — диэн бэйэтин уоскута сатыыра.

Оттон Холлойор Өрүүнэ, ойуун да муокастаабатар, эр дьоннуун эргиччи сылдьыһыах имэҥнээх баҕата киирэрэ. Ол бастаан саҕаланыыта маннык эбит: Оллой дьиэтигэр уһуннук олорбот, халыҥ баайын өссө хаҥатаары ыраах нэһилиэктэргэ баран ыйынан сылдьан, атыыны-эргиэни кэпсэтэн, арыт улууска да киирэн олус уһаан хаалара. Ол кэмҥэ эдэр дьахтар тулуйбат дууһалааҕа, чэпчэки санаалааҕа, олус көҥүл олохтооҕо, күн анныгар баар күндү киэргэл, ас-таҥас барыта баара. Ол үрдүнэн Оллой кинини таптыыра мөлтөҕө, дьахтар наадыйар уохтаах имэҥин ситэри ханнарбат этэ. Ол иһин Оллой уһун кэмҥэ сырыттаҕына, биир түүн кэргэннээх эдэр киһини кытта кистээн хоонньоспута. Онтон салгыы Холлойор Өрүүнэ бэйэтин кыайан туттуммат, куруутун хоонньоһор киһини көрдүүр эримсэх буолан испитэ. Кэнники эр дьону эдэрин, кырдьаҕаһын аахсыбакка кимиэхэ баҕарар тэллэх буолан иһэрэ. Онон суобаһын сүтэрбит содур дьахтар диэн дьон сиилээн кэпсэтэллэрэ үһү. Олох сороҕор оннук улахан уустук буолар, бастаан бүдүрүйдүт да, бүтүн бэйэҕинэн дьэбэрэҕэ түһэҕин.

II

Оллой баай уруккутун курдук барытын баһылаан, халыҥ баайын өссө хаҥатан, байан-тайан күннээн олорбут. Алта оҕолооҕо бары улаатаннар, үлэһит дьон буолбуттар. Улахан уола, орто кыыґа кэргэннэммиттэр. Онон Оллойдоох күтүөттэнэн, кийииттэнэн үөрүүлэрэ улааппыт. Ол эрээри Холлойор Өрүүнэ куһаҕан содур быһыытын тохтоппотоҕо, онон дьоно хоргутан, кэлэйэн, киниэхэ хом санаалаахтара. Ордук оҕонньоро Оллой, төһө да баайын, бардамын иһин, ойҕөун куһаҕан быһыытыттан санаата түһэн, эрдэ кырдьан баттаҕа маҥхайбыта, доруобуйата да мөлтөөбүтэ. Оттон Холлойор Өрүүнэ үйэлээх сааһыгар ыалдьыбатаҕа, муус доруобай сылдьыбыта, биэс уонча саастааҕар отуччалаах эдэр дьахтар курдук көстөрө.

Кэдээк ойуун, уруккутун курдук, олус дьадаҥытык, кыһалҕалаахтык олорбута. Үс уола, икки кыыһа улаатаннар, үлэһит үтүөлэрэ буолбуттара. Оллой кулуба, кинилэри улааттылар диэн аахсыбакка, уруккутун курдук хамнаһа суох, аһылыктарын уонна эргэ таҥас элээмэтин ылалларын иһин босхо үлэлэтэн муҥнуура…

Салгыытын Дмитрий Колесов «Оллой кулуба уонна Кэдээк ойуун» (Бичик, 2013) кинигэтигэр аах.

Худуоһунньук И.М.Захарова.

Кинигэ «Айар» бары маҕаһыыннарыгар атыыланар.

+1
1
+1
2
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0