Оливье салаат хас күн туруон сөбүй?

Ааптар: 
01.01.2020
Бөлөххө киир:

Сыл саамай маанылаах остуола – Саҥа дьыл. Дьон-сэргэ Саҥа дьылы хайдах көрсөҕүн – сылыҥ оннук ааһар диэн этиини итэҕэйэр буолан, бырааһынньыктааҕы сандалыта хотойорунан астыыр. Кистэл буолбатах, халтай хаалларымаары, тохсунньу маҥнайгы күннэригэр эрдэ астаабыт аһылыкпытын сиибит. Ол эрээри, бу доруобуйаҕа охсуулаах буолуон сөп диэн исписэлиистэр сэрэтэллэр.


Бастатан туран, арыылаах-сыалаах аһылык доруобуйаҕа соччото суох. Иккиһинэн, өр турбут аһылык буорту буолуон сөп.

Исписэлиистэр тоҥорбоҕо (холодильникка) аһылык хас чаас туруон сөбүн санаталлар. Ол курдук, оливье – 12 чаас, селедкалаах салаат –12 чаас, винегрет 18 чаас, аһыллыбыт бааҥкалаах кыһыл искэх – 5 күн, ыһаарыламмыт, духуопкаҕа буспут куурусса  36 чаас эрэ турар диэн бэлиэтииллэр.

Манна даҕатан эттэххэ, Арассыыйа олохтоохторун аҥаара бородуукталарын ахсынньы 31 күнүн биэс-хас күн иннинэ атыылаһаллар итиэннэ онтуларын бырааһынньык иннинэ бүтэрэн кэбиһэллэр эбит, ол иһин ити күн хаттаан атыылаһаллар үһү. Түөрт чаас кэриҥэ бырааһынньыктааҕы остуол тула олороору ортотунан 2000 килокалорийдаах аһылыгы сиир эбиппит. Аны, бырааһынньыктааҕы сынньалаҥ күннэригэр, нэһилиэнньэ, быһа холоон, 8 лиитэрэ шампанскайы иһэр дииллэр.

Билигин аан дойду үгүс олохтооҕо, хайдах гынан чөлбүтүгэр түһэбит диэн толкуйдуу олороругар саарбахтааһын суох. Маныаха диетологтар аһылыктан олоччу акаастанар сыыһатын ыйаллар. Ол оннугар, икки эҥин күн кыратыҥ аһааҥ уонна аҕыйах калорийдаах аһылыгы сиэҥ диэн сүбэлииллэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0