Cаха эстрадатын биллэр-көстөр чаҕылхай ырыаһыта Лана Степанова – Олимпия интервью биэрэргэ сөбүлэһэн, болдьоспут кэммитигэр лоп курдук тиийэн кэллэ. Кинилиин атах тэпсэн олорон эстрадаҕа бастакы хардыыларын, тоҕо Олимпия диэн ааты ылбытын, дьиэ кэргэнин уонна инники былааннарын туһунан кэпсэттибит.
Эстрадаҕа хардыы
—Оҕо сылдьан дьүөгэбин батыһан муусука оскуолатыгар тиийбитим. Бастаан төрөппүттэрим билбэттэр этэ. Биир ый үөрэнэн баран, дьоммор квитанция аҕалбытым уонна: “Мин муусука оскуолатыгар сылдьабын. 52 солкуобайы төлүүр үһүгүт”, — диэбитим. Дьонум, биллэн турар, соһуйан бөҕөлөр (күлэр). Онтон оскуола кэнниттэн юридическай факультекка үөрэнэ киириэхпин баҕарбытым. Докумуоммун биэрэ кэлэн баран билэр кыыспын көрүстүм. Кыыһым: «Лааҥка, СГУ-га ФЯФИК саҥа факультет аһылынна. Онно туттарыс”, — диир. Онон икки сиргэ докумуоммун туттарбытым. Баҕалаах юридическайбар кыайан киирбэтэҕим, ол оннугар саҥа аһыллыбыт үөрэхпэр киирбитим. Бастакы куурустары устудьуоннар кэккэлэригэр сүрэхтиир күннэригэр ырыа ыллаатым. Онно үрдүкү кууруска үөрэнэр оҕолор үчүгэйдик ыллыыр эбиккин диэн хайҕаабыттара. Онтон биирдэ “Саха Виктория” араадьыйаны истэ олорон, дьүөгэм Лариса: “Лааҥка, эн тоҕо ырыа ыллаан баран араадьыйаҕа биэрбэккиний?”, — диэн турда. Мин соһуйан да хааллым уонна, кырдьыга, ол мин ырыабын араадьыйаҕа тоҕо иһитиннэриэхтэрэй дии санаабытым. Дьиҥэ, оннук буолбатах эбит. Киһи куттаммакка бэйэтин боруобаланан, холонон көрүөн наада эбит. Дьэ, ол кэннэ Ларисам ылыннаран, биир омуктуу ырыаны сахалыы тылбаастаан ырыа суруйбутум. Ол саҕана саҥа тахсан эрэр сулус Кеша Васильев – Лэгэнтэй биһиэхэ үрдүкү кууруска үөрэнэ сылдьара. Биир дойдулаахпар Кешаҕа (Үөһээ Дьааҥы) сүбэлэттэрэргэ сананным. Кеша сүбэлээн-амалаан, ыйан-кэрдэн биэрдэ. Аны мин кинини дуэттыахха диэн турдум. Үөрүөм иһин, киһим бэрт улгумнук сөбүлэстэ. Онон ырыабытын Эстрада тыйаатырыгар уһуллубут, араадьыйаҕа илдьэн биэрдибит. Ол күнтэн ыла Ларисабынаан киэһэ аайы ырыабытын холбууллар дуу, суох дуу диэн кэтэһэбит. Күҥҥэ 2-тэ, 3-тэ, 5-тэ, онтон хас күн аайы тыаһаттылар, соһуйуох иһин, ырыабыт хит буолла. Дьон сөбүлүүр эбит, баҕар, эмиэ табыллыа диэн өссө биир ырыаны суруйдум. Ол кэннэ 2004 сыллаахтан устудьуоннары кытта гостуруоллуур буоллум. 4 кууруска үөрэнэ сылдьан, 2006 сыллаахха “Саҥа ырыаҕа” кастины ааһан кытынным. Ол саҕана “Тыын” диэн Саха сиригэр ыллана илик хорсун, чобуо тыллардаах, матыыптаах ырыаны ыллаабыппын дьон үчүгэйдик ылынна уонна кэнсиэртэргэ ыҥырар буоллулар. 2006 сылаахха “Саҥа ырыа” кэнниттэн Эстрада тыйаатырыгар үлэҕэ киирдим уонна бу күҥҥэ диэри артыыска быһыытынан үлэлии сылдьабын. Дьылҕам бэйэтэ ити курдук эстрада эйгэтигэр сиэтэн киллэрэ турбута.
Олимпия диэн ааты ылыныы
— “Саҥа ырыаҕа” кыттарбар «Лана Степанова диэн наһаа боростуойдук иһиллэр. Эн экстравагантнай, оригинальнай, харизматичнай кыыскын. Атын аатта толкуйдуохха»,- диэн режиссер Татьяна Чаранская эппитэ. Доҕотторум сахалыы Чоргуйа диэн ааты сүбэлээбиттэрэ.Ол гынан баран, үҥкүүһүттэрбин кытары кыайыы, чыпчаал диэн суолталаах Олимпия диэн ааты талбыппыт. “Саҥа ырыаҕа” Олимпия диэн аатынан тахсыбыппар дьон биһирээбитэ тута биллибитэ уонна бу аатым айар эйгэбин наһаа арыйда дии саныыбын. Билигин оннооҕор табаарыстарым Лаана диэн ааппын умнаннар, Олимпуш, Олимпай диэн ыҥыраллар.
Айар биэчэр
— Эстрада тыйаатырыгар үлэлии киирбит сылбыттан ырыаһыт быһыытынан айар үлэм сылын ааҕабын. Быйыл ыллаабытым 11 сыла буолла. 2010 сыллаахха бастакы айар биэчэрбин доҕорум Евгений Охлопков режиссердаан оҥорбуппут. Номнуо 7 сыл ааһа охсубут. Сэттэ сыл ааспытын кэнниттэн биирдэ, балаҕан ыйын 23 күнүгэр «Атын сүрэх» диэн иккис айар биэчэрбин Опера уонна балет тыйаатырын уораҕайыгар киэһэ 17:00 уонна 20:00 чааска оҥороору бэлэмнэнэ сылдьабын. Айар биэчэрбин циркэ режиссера Наталья Кралина туруорда. Кистэлбиттэн кыратык сэгэттэххэ, кэнсиэрим олус элбэх үҥкүүлээх, уоттаах-күөстээх шоу буолуоҕа. Хас биирдии блокка саҥа ырыалары уонна, биллэн турар, истээччилэрим сөбүлүүр ырыаларын ыллыам, саҥа клиппын сүрэхтиэм. Дьүөгэлэрим Ника уонна Далаана, табаарыстарым Игорь Егоров, Лэгэнтэй кыттыахтара. Ону таһынан, араас соһуччу бэлэхтэр баар буолуохтара. Олору кэллэххитинэ көрөөрүҥ. Афиша, реклама аныгыскы нэдиэлэҕэ тахсыаҕа. Уобараспын Дмитрий Васильев, көстүүмнэрбин Амгалена Барашкова, Сардаана Алексеева, Петр Винокуров, Андрей Зыков оҥоро, тигэ сылдьаллар. Кэнсиэрим дириэктэрэ Лиза Газизова, администраторым Александр Максимов – Сааска Уол, клипмейкерым Вася Борисов – Борвас буолаллар. Хас биирдиилэригэр итэҕэйэбин, олус үчүгэй хамаандалаахпын. Бары күүспүтүн холбооммут, истиҥ истээччилэрбэр хаһан да умнуллубат биэчэри оҥоруом, бэлэхтиэм дии саныыбын.
Олимпия тапталын өр көрдөөн булбутун, дьиэ кэргэнин, ийэ буолуу, оҕону иитии туһунан санааларын бу видеоҕа истиҥ, көрүҥ.
Анастасия АЛЕКСЕЕВА, “Саха Сирэ” хаһыат, edersaas.ru