Олимпийскай мунньах Арассыыйа спортсменнара 2018 сыллааҕы кыһыҥҥы Олимпиадаҕа кытталларын биир санаанан өйөөтө
13.12.2017
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Москваҕа буолбут олимпийскай дэммит мунньах кыттыылаахтара 2018 сыл олунньутугар Пхенчхаҥҥа ыытыллар кыһыҥҥы Олимпийскай оонньууларга «Арассыыйаттан сылдьар олимпийскай спортсменнар» диэн аатынан кыттар туһунан Арассыыйа спортсменнарын сайабылыанньаларын биир санаанан өйөөтүлэр.
Владимир Путин аҕыйах хонуктааҕыта Горькайдааҕы массыына собуотун үлэһиттэрин кытта көрсүһүүтүгэр, спортсменнар Олимпиадаҕа баралларын былаас туорайдаһыа суоҕа диэн этиитин кэнниттэн мунньах маннык быһаарыыны ылыныаҕар саарбахтааһын суоҕа.
Бу иннинэ Аан дойдутааҕы олимпийскай кэмитиэт Арассыыйа олимпийскай кэмитиэтин үлэтин быстах кэмҥэ уураппыта. Онон Арассыыйа спортсменнара Соҕуруу Кореяҕа буолар Оонньууларга МОК былааҕынан эрэ кыттар бырааптаахтар.
Манна өссө биир түгэни бэлиэтиэххэ наада — Сочитааҕы Олимпиадаҕа допины туттууга күтүрэнэр спортсменнарга Пхенчхаҥҥа суол сабыллан турар.
Роман ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1