Сахабыт сиригэр 11 кылаас оҕолоругар ыытыллар үтүө үгэскэ кубулуйбут тэлэбиисэринэн олимпиада алтыс төгүлүн ыытылынна. Түмүк тахсан, кыайыылаах билиннэ.
Биир ый устатыгар өрөспүүбүлүкэ 28 оскуолатыттан үрдүкү кылааска үөрэнэр 58 оҕо суоттуур дьоҕурдарын, билиилэрин-көрүүлэрин тургутустулар. Икки түһүмэхтээх тургутук кэнниттэн Усуйаанаттан, Өймөкөөнтөн, Нерюнгриттан, Намтан, Томпоттон, Мииринэйтэн уонна Дьокуускайтан 14 оҕо биэтэккэ таҕыста.
Олимпиада сорудахтарын М.К. Аммосов аатынан ХИФУ дьоҕус экономическай академиятын преподавателлэрэ оҥордулар. Интеллектуальнай күрэх үһүс түһүмэҕэ «Саха» НКИХ устуудьуйатыгар ыытылынна. Манна оҕолор экономическай тиэрминнэри төһө билэллэрин, үп-харчы эйгэтигэр тахсыбыт балаһыанньаны хайдах быһааралларын көрдөрдүлэр уонна «СӨ цифровой экэниэмикэтин сайдар суола» диэн иһитиннэрии оҥордулар.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, кыайыылаах үрдүк аатын Нам гимназиятыттан Александра Дьяконова ылла. Кини ХИФУ Үп-харчы экэниэмикэ институтугар, «Үп-харчы уонна кирэдьиит» хайысхаҕа тус сыаллаах миэстэҕэ үөрэххэ киирэр буолла. Олимпиада анал бирииһин Чульмантан Данила Кудельскай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи интернат-лицейтэн Алена Захарова ыллылар. «Кыайыыга дьулуурун иһин» анал аатынан Томпо улууһун Кириэс-Халдьаайытыттан кыттыбыт Аян Степанов наҕараадаланна.
Маннык тэрээһин оскуола оҕолорун дьоҕурдарын арыйарга, инники идэлэрин экэниэмикэ эйгэтин кытта ситимнииллэригэр, үөрэххэ киирэргэ бэлэмнэнэллэригэр төһүү күүс буолар.
Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru