Россия хоту эҥээригэр аэродромнары тутуу, бастатан, салгынынан уонна уунан куттал суоһаабатын хааччыйар соруктаах. Үс сылтан бэттэх Арктикаҕа уон байыаннай аэродром тутулла турар. Ол иһигэр Булуҥ улууһугар киирэр Котельнай (Олгуйдаах) арыытыгар “Темп” аэродром сөргүтүллэн, саҥалыы тутуллан, түмүктэнэн эрэр.
edersaas.ru
Сүрүн байыаннай салгын базалара Шмидт хомотугар, Врангель арыытыгар, Олгуйдаах арыыга, Франц-Иосиф Сирэ архипелагка уонна Мурманскай уобалас сиригэр-уотугар бааллар. Итилэр хас биирдиилэрэ ыарахан уйуктаах, таһаҕас тиэйэр сөмөлүөттэри (ханнык баҕарар тииптээх көтөр ааллары дьыл хайа баҕарар кэмигэр хаччыйар) уонна истребителлэри түһэрэр-көтүтэр аналлаахтар. МиГ-31 курдук истребителлэр тоҕус хаттыгастаах халлаан тас өттүгэр тахсаннар, өстөөх сөмөлүөттэрин, баллистическай аракыаталарын кытта үлтү ытар буолуохтара. Бэрэсидьиэн Владимир Путин дьаһалынан Россия Оборонатын министиэристибэтэ Арктикатааҕы подразделениеларыгар ураты болҕомтону ууран, Уһук Хоту сир усулуобуйатыгар туһаныллар сэрии сэбин, тиэхиньикэни оҥортордо итиэннэ 20 тыһ. байыаннай сулууспалаахха анаан эбийиэктэри туттаран бүтэрэн эрэр. Онон дойдубут Арктикатааҕы бөлөх сэриилэрин сайыннарарыгар байыаннай аэродромнар сүҥкэн суолталаахтар. Сылдьыбыт дьон кэпсииллэринэн, үөһэ сөмөлүөттэн көрдөххө, Олгуйдаахха тутуллубут база — Россия былааҕын курдук үс өҥнөөх үһү. “Темп” аэродром 1949 с. тутуллан, “Север” салгын экспедициятыгар түһэн ааһар базанан, онтон 60-с сыллартан архипелагка баар байыаннай эбийиэктэри хааччыйыыга үлэлии туран, 90-с сылларга сабыллыбыта. Оборона министиэристибэтин киэҥ хабааннаах бырагырааматыгар киллэриллэн, байыаннай базаны чөлүгэр түһэрии үлэтэ 2013 сыл балаҕан ыйыгар саҕаламмыта. Аэродрому сэргэ, орто кылаастаах баржалар, суудуналар тиксэр тутуулара оҥоһуллар. Онуоха Тиксии пордун база быһыытынан туһанан, үс ый иһигэр тутуу матырыйаалын, кыһыҥҥы хаһаас бородууктаны, табаары тиэйиэхтэрэ. Манна сыһыаран эттэххэ, Олгуйдаах арыытыгар олох иккистээн эргиллибитинэн, биһиги өрөспүүбүлүкэбит туһатыгар Хотугу уу суола сайдар-кэҥиир кыаҕа улаатта. “Темп” аэродром балаһатын сыыйа кэҥэтэн-уһатан, Ан-22, Ил-76 курдук ыарахан уйуктаах сөмөлүөттэри түһэрэргэ былаанныыллар. Кэнэҕэс стратегическай авиация кытта туһаныллар буолуоҕа. Санатан эттэххэ, 2014 с. кулун тутар ыйга Олгуйдаах арыыга байыаннай аэродромтан чугас Ивановскайдааҕы 98-с салгын-десант дивизиятыттан 350 киһини таһаҕастыын уонна байыаннай тиэхиньикэлиин түһэрэн тураллар. Бу Арктикаҕа аан маҥнайгы үөрэх этэ. Олгуйдаах арыыга 99-с тактическай арктическай бөлөх олохсуйуоҕа. Байыаннай куорат эбийиэктэрэ бары модульнайдар уонна автономнай эрэсиимҥэ үлэлииллэр. Кулууп, сауна, спорт саалата тутуллан-таҥыллан турдулар. Саллааттар кыһыҥҥы тымныыга, тибиигэ таһырдьа вахтаҕа эбэтэр дьуһуурустубаҕа эрэ тахсар буолуохтара. Тиксии-1 аттыгар пограничнай сулууспа комплекс тутта сылдьар. Билигин аҕыйах киһилээх пограничнай хонтуруол үлэлиир буоллаҕына, сотору, ахсынньы 20 күнүгэр Дьокуускайга баар подразделение Тиксиигэ көһөн кэлиэхтээх. Тиксии-3 байыаннай куоракка сөптөөх дьиэ аҕыйаҕынан, олохтоох нэһилиэнньэттэн элбэх киһини үлэҕэ ылыахтаахтар. Хотугу уолаттар тымныыга, тибиигэ сылдьа үөрүйэхтэр. Булуҥнар кытаанах үрүттээх автодром оҥостон, суоппар быраабын биэрэрдии үөрэтэр, бэлэмниир буолуохтара.
Игорь Кудряшов, Олгуйдаах арыы киирэр Булуҥ улууһун баһылыга, уруккута байыаннай гарнизон начаалынньыга:
— Быйыл сайын Оборона министиэристибэтиттэн бэрэстэбиитэллэр кэлэннэр, “Тиксии-3” диэн ааттанар эргэ байыаннай куоракка төһө киһини олордуохха сөбүн көрөн барбыттара. Байыаннайдар мантан 2012 с. көһөллөрүгэр дьиэни-уоту барытын “Тиксии бөһүөлэгэ” муниципальнай тэриллии балаансатыгар биэрбиттэрэ, онтуларын төттөрү бэйэлэригэр ылаары көрдүүллэр. Сирэ-уота кинилэргэ сыһыарыллан сылдьар. Билигин онно, сурукка киирбитинэн, 420 киһи олорор. Ол гынан баран, кэлэ-бара сылдьардыын 800-чэҕэ тиийэр, үксэ гражданскайдар. Болдьохтоох сулууспаҕа сылдьааччылар суохтар, хантараакка даҕаны аҕыйах саллаат сулууспалыыр. Тиксии аэропордун сөргүтүү былааҥҥа турар эрээри, тутуу хаһан саҕаланарын чуолкайын этэр кыаллыбат. Кэлиҥҥи сылларга күүһү, үбү бүтүннүү Олгуйдаах (Котельнай) арыыга база тутарга уурдулар, 600-чэкэҕэ тиийэ киһи үлэлии сырытта. Билигин саҥа байыаннай куорат 99 бырыһыана бүтэн турар, этэргэ дылы, лиэнтэни быһа кырыйар эрэ хаалла. Ити арыы — Булуҥ сирэ, босхо туһанарга биэрбиппит, тутуута бүттэҕинэ байыаннайдар бэйэлэригэр сыһыартарыахтаахтар. Дьэ, ол кэнниттэн Тиксиини тилиннэриигэ үлэ ыытыллыа диэн күүтэбит.
Василий Никифоров, «Саха сирэ», edersaas.ru