Ольга Григорьева: «Саха оһуора — тыыннаах, дириҥ ис хоһоонноох»
«Көмүлүөк» хампаанньа аныгы саха ыалын күннээҕи олоҕор норуоппут өбүгэ саҕаттан илдьэ сылдьар сахалыы тыыны киллэрбит саха духуобунаһын уонна култууратын сайыннарбыт тэрилтэ буолар. Сылтан сыл саҥаттан саҥа иһиттэри, сахалыы эйгэни төрүттүүр аан дойдуга саха иһитин таһаарар. Бүгүн биһиги Ольга Григорьеваттан сахалыы тыыннаах иһиттэри саха дьонугар хото уунар «Көмүлүөк» хампаанньа арыллыбыт устуоруйатын, үлэтин хамнаһын сырдатарыгар көрдөстүбүт.
Гараастан саҕаламмыт урбаан
2005 сыллаахха күһүн балаҕан ыйыгар урбаанньыт быһыытынан регистрацияланан үлэбин-хамнаспын саҕалаабытым. Ол иннинэ, икки ый курдук, дьиэбэр олорон уруһуйдаан иһиккэ сахалыы ойуу-оһуор түһэрэн, үлэлии олорбутум. Бу кэмҥэ кыра уолум ыалдьан, дьиэҕэ олорорго күһэллибитим. Дьиэҕэ олорон дьарыктаах буолуохха наада диэн санааттан, кэргэним өйөөн гараас аҥарыгар мастарыскыай оҥостубутум. Онно айар үлэнэн дарыктанан барбытым. Оҥоһуктарбын чугас дьонум олус сэргээбиттэрэ. Маҥнай утаа билэр дьонум, онтон кинилэр билэр дьонноро истиһэн сакаастар киирэр буолбуттара. Бэрээдэктэнэн, санаабын сааһыланан урбаанньыт буолан маҕаһыын арынарга санаммытым. Билигин санаатахха аан дойдуга биллэр улахан тэрилтэлэр «Эпл» да буоллун, «Амазон» үлэлэрин-хамнастарын гараас уораҕайыттан саҕалаабыттара.
Туох барыта бэрт кыраттан үүнэр, тэнийэр. Биирдэ табаарыһым Анатолий Семенов ыҥыран: «Биһиэхэ ырыынакка миэстэ баар, сахалыы куттаах дьон сылдьар. Онно маҕаһыын арыммаккын дуо?» — диэн өйөөн, этии киллэрбитэ. Онон бастакы маҕаһыыммытын Бааһынай ырыынагын бастакы этээһигэр арыйбыппыт. Маҕаһыыммыт арыллан, онтон кынат үүннэринэн үлэбит-хамнаспыт саҕаламмыта.
«Урбааҥҥа эрэ охтубакка, социальнай өттүгэр суолта биэрэбин…»
Тэрилтэ сыаллаах-соруктаах буоллаҕына, этэҥҥэ айанныыр эбит диэн өйдөөбүтүм оруобуна 16 сыл буолла. Ыарахан кэмҥэ хайдах эрэ бэйэбин уоскутунарга үлэлээн саҕалаабыт буоллахпына, киэҥ эйгэҕэ тахсан маҕаһыын тэринэн баран, хас биирдии саха ыала сахалыы иһиттэн аһыахтаах диэн сыалы тутуспутум. Ол туруоруммут сыалым туолбут курдук. Билигин арыый улахан сыалы-соругу туруорунабын. Саха сирин хас биирдии ыалыгар сахалыы иһит-хомуос киэҥник тэнийэн күннээҕи олоҕор туттар буолла. Сахалыы төрүт иһиттэн аһыыр табыгастааҕын дьон-сэргэ өйдүүр. Мин туруорбут сыалбын-сорукпун өйдөөн, үтүктээччилэр элбээн (кытай омугун этэбин) киэҥник тарҕанна дии саныыбын.
«Көмүлүөк» үлэһиттэрэ бары сахабыт култууратын өрө тутар, духуобунаһы тэнитэр аналлаах сүрүнү тутуһан үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Урбааҥҥа үп-харчы эрэ өттүгэр охтубакка, социальнай өттүгэр суолта биэрэн, үтүөнү оҥоруу, көмөлтө хайысхатынан бэйэбэр эбээһинэс ылынан үлэлиибин. Тоҕо диэтэр тас дойдуга барар дьон сахалыы иһити-хомуоһу кэһиилэнэн илдьэн бэлэхтииллэрэ. Аан дойду таһымыгар саха култуурата киэҥник тарҕанара, Аныгы сүүрбэ биирис үйэҕэ оҕолорбутун кыра саастарыттан норуоппут төрүт оһуоругар-мандарыгар иитэрбит, былыргыттан тэнийэн кэлбит иһит көрүҥүн арааһыгар үөрэтэрбит уонна сахалыы санааны уһугуннарарбыт буолар.
Улахан сыалбыт тас дойдуга экспорка тахсан, иһит нөҥүө Саха сирин туһунан элбэх дьон билэллэрин, хайдахтаах курдук биһиги оһуордарбыт сиэдэрэйдэрин, ону ааһан хас биирдии саха оһуора дириҥ ис хоһоонноох суолталааҕын көрдөрүөхпүтүн баҕарабыт. Аан дойдуга киэҥник тарҕаммыт Фэн-Шуй курдук, биһиги хас биирдии оһуорбут — тыыннаах, олус дириҥ суолталаах, оһуор нөҥүө алгыахха, махтаныахха, киһиэхэ үтүөнү баҕарыахха сөп. Ону аан дойдуга тарҕатарбыт, биһиэхэ дириҥ суолталаах, бииргэ үлэлиир дьонум ону өйдөөн, биир санаалаах хамаанда буолан үлэлииллэр, оччоҕо иһиттэрбит эмиэ олус табыллан оҥоһуллаллар.
«Көмүлүөк иннигэр» арт-студия
Биһиги иһиппит хас ыал аайы баар буоларыгар, кинилэргэ санаабытын тиэрдэргэ кыһаллан үлэлии сылдьар дьоммут. Күнтэн күн биир сиргэ турбакка, иннибит хоту сайдан иһэргэ дьулуһабыт. Бэлэххэ араас ис хоһоонноох иһиттэри таһаарарга кыһаллабыт. Ол курдук фарфор эрэ буолбакка, өстүөкүлэ ыстакааннар, чааскылар, фужердар атыыга тахсыбыттара. Бырааһынньыкка, үөрүүлээх дьоро киэһэлэргэ туттуллар иһиттэр араастарын элбэтэбит.
Пандемия кэмин охсуута биһиги тэрилтэбитин тумнубатаҕа. Балтараа сыл устата элбэх ыарахаттары көрүстүбүт. Иһиппит арааһа билигин аҕыйаан турар да буоллар, санаабытын түһэрбэппит, иһити хомуоһу элбэтэргэ үлэлии олоробут. Сайыҥҥы кэмҥэ эмалированнай иһит тахсыахтаах. Ону тэҥэ туойунан оҥорор гончарнай устуудьуйа арынан, «Көмүлүөк иннигэр» диэн арт-кулууп үлэлэтэбит. Киһи бэйэтин илиитинэн тутан, эргитэн оҥорбут иһитэ ураты тыыннаах буолар. Саха киһитэ санаатын ууран туран оҥорбутуттан ордук туох кэлиэй?!
Болҕойуҥ, чэпчэтии!
Мааныга туттуллар иһиттэр диэн дьон үксэ серваҥҥа туруорар. Оттон биһиги мааны иһити күннээҕигэ туттуохтарын, мааны иһиттэн аһаан оҕо кыратыттан кэрэҕэ тардыһыыта күүһүрүөн баҕарабыт. Билигин сервистэргэ улахан чэпчэтиилэр бааллар. Чэпчэтиинэн туһанан ылан кэбиһэр табыгастаах. оннук кыаллыбат буоллаҕына биирдиилээн хомуйуохха эмиэ сөп.
Ыһыах бырааһынньыгын чэрчитинэн бэс ыйын 21-24 күннэригэр 21 бырыһыан чэпчэтии буола турар, ону тэҥэ сахалыы таҥнан- симэнэн кэлбит атыылаһааччыларга 30 бырыһыан чэпчэтии көрүллэр.
Эргиэн салаатын үлэһиттэрэ каталогынан сүбэлээн, оһуордары талан, ураты тус сакааһынан иһиттэри оҥоруохпутун сөп. Холобура дьиэ кэргэн араспаанньатын суруйан, гиэрбэ курдук киэргэтэн, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр кэриэс мал курдук оҥотторуохтарын сөп. Ону сэргэ эрэстэрээннэри кытары үлэлиибит, бэйэлэрин тус өрүттэрин бэлиэтиир гына оҥотторуохтарын сөп. Арассыыйа, аан дойду таһымыгар Монголия, Татарстан, Казахстан дойдуларыттан сакаастар киирэллэр.
Ыһыах кэмнэригэр түүннэри-күннэри үлэлиибит, сакааһы кэмигэр толорууга эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһабыт. Үксүгэр дьиэ кэргэнинэн чорооннору сакаастыыллар. Хас биирдии сакаастааччыга, атыылаһааччыга болҕомто ууран үлэлиибит. Дьон-сэргэ махталын тэҥэ сүбэни-аманы, тус санааны, кириитикэни болҕойон истэбит. 16 сыл тухары сыыһалары, алҕастары көннөрүнэргэ үлэлиибит. Учуонайдарга сүбэлэтэн, уус-уран быыстапкаларга сылдьан, үлэһиттэрбитин мусуойга сырытыннаран элбэххэ үөрэнэбит.
«Көмүлүөк» тэрээһиннэрэ
Уһун кыһыны быһа ыһыаҕы кэтэһэн баран, айылҕаҕа тахсар кыаҕа суох куорат олохтоохторугар Ыһыах күн маҕаһыыммыт иннигэр баар сквергэ тэрээһин ыыппыппыт. Алгысчыт Дмитрий Артемьевы ыҥыран алгыс түһэртэрбиппит, оһуохайдаабыппыт. Чороонноох кэлбит дьону кымыһынан күндүлээбиппит. Акцияны истэн сахалыы таҥастаах атыылаһааччыларга 30 бырыһыан чэпчэтии оҥорбуппут. Дьон кэлэн иһит-хомуос ылынан, сэргэхсийэн, махтанан барбыттара. Дьоммут-сэргэбит сөбүлүүрүн биллэрэрэ, дьиҥ сахалыы тыыннааххыт дииллэрэ биһигини кынаттыыр, үүнэргэ-сайдарга киэҥ аартыгы тэлэр.
Сахалыы тыыннаах хампаанньа буоларбыт быһыытынан өрөспүүбүлүкэ күнүгэр, ыһыахха, оҕо көмүскэлин күнүгэр араас тэрээһиннэри тэрийэбит. Үлэһиттэрим бука бары тэрээһини сатаан тэрийэр айар куттаах дьон. Мин кинилэри хас биирдиилэрин дириҥник убаастыыбын, махтанабын.
Ольга Григорьева урбаанньыт, уопсастыба диэйэтэлэ эрэ буолбакка тапталлаах кэргэн, иһирэх ийэ. Амарах сүрэхтээх, үтүө санаалаах, дэлэгэй астаах мааны сандалынан көрсөр ыалдьытымсах иллээх дьиэ-кэргэн Далбар Хотуна. Дьиэ кэргэҥҥэ төрөппүттэр оҕолоругар төрөөбүт дойдуларыгар истиҥ тапталы, бэриниилээх буолууну иҥэрэ иитэллэр. Саха тыынын, оһуорун-мандарын илдьэ сылдьар «Көмүлүөк» хампаанньа үлэтэ таһаарыылаах буолуохтун!
Надежда Ильина, edersaas.ru