Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ коронавируһу бохсууга Суһал штаб салайааччытын солбуйааччы Ольга Балабкина телеграм-каналыгар маннык суруйда:
— Дьокуускайга коронавируһунан сутуллуу 1 түгэнэ таҕыста. Онон киин куоракка билиҥҥи туругунан 16 киһи ыалдьыбыта бэлиэтэннэ.
Бары пациеннар, ону тэҥэ кинилэри кытта хантаактаспыт дьон эмчиттэр кэтээн көрүүлэригэр бааллар. Санатан эттэххэ, бары олохтоохтор ыам ыйын 1 күнүгэр диэри саастарыттан тутулуга суох олорор сирдэриттэн тахсыа суохтаахтар. Маннык миэрэлэри дьон куорат устун сылдьыыларын аччатар туһугар киллэрэбит.
Женни СТРЮКОВА , “Саха сирэ” хаһыат
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1