Ольга Балабкина: “Өрөспүүбүлүкэҕэ коронавируһунан ыалдьыы арыый намтаата”
Бүгүн, олунньу 15 күнүгэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина брифиҥҥэ, өрөспүүбүлүкэҕэ коронавируһунан ыалдьыы арыый намтаан эрэрин бэлиэтээтэ.
edersaas.ru
— Ааспыт нэдиэлэни кытары тэҥниир буоллахха, 20 %-нан намыһах. Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 67 киһи коронавирустаабыта быһаарыллыбыт. Дьокуускайга да быһыы-майгы арыый оннун-сүнньүн булан эрэр, бүтэһик хонукка 29 киһи ыалдьыбыта бэлиэтэнэр. Мииринэйгэ 12 киһи ылдьыбыта билиннэ. Томпо, Уус Маайа, Усуйаана улууcтарыгар билигин да болҕомтону намтатымыахха наада. Эрэгийиэн 7 оройуонугар бииртэн-биэскэ диэри дьон ыарыйда.
Олунньу 15 күнүн туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 42 тыһыынча 412 вакцина кэлбитэ. Ааспыт субуотаҕа эбии 15 тыһыынча 132 вакцина кэллэ. «Сахафармация» тэрилтэ уонна Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ вакцинаны маркировкалаан бүтэрдилэр. Билигин вакцинаны мэдиссиинэ эбийиэктэринэн түҥэтиэхтэрэ.
Ил Дархан хамсык саҕаланыыта таһаарбыт ыйааҕа кулун тутар маҥнайгы күнүгэр диэри уһатылынна. Ол эрээри, сорох тэрилтэлэртэн хааччах уһуллар. Бастатан туран, атыы-тутуу дьиэлэригэр баар foodcourt (аһылык сирдэрэ) саала 50 %-нын толорон, икки миэтэрэ ыраах остуоллары туруортаан баран үлэлииллэрэ көҥүллэнэр буолла. Ону таһынан, банкет саалалара 50 киһини мунньан үлэлииллэрэ көҥүллэнэр. Онно эмиэ ырааҕы тутуһаллара ирдэнэр. Букмекерскай хонтуоралар уонна быыстапка саалалара үлэлэрин саҕалыахтарын сөп. Ону таһынан, уопсастыбаннай аһылык эбийиэктэриттэн хааччах эмиэ уһуллар.
Бэйэни хааччахтаныы эрэсиимэ 65 үөһэ саастаах дьоҥҥо салҕанар. Нэһилиэнньэ 50 %-на дьиэлэриттэн олорон үлэлииллэрэ ирдэнэр. Маасканы, бэрчээккэни кэтэргит, социальнай дистанцияны тутуһаргыт булгуччулаах – диэн Ольга Балабкина бэлиэтээн эттэ.
Виктория Бястинова