Ольга Балабкина Олоҥхо ыһыаҕар уонна Манчаары оонньууларыгар кыттааччылар быһыыны ылалларыгар ыҥырда
Өрөспүүбүлүкэҕэ санитарнай-эпидемиологическай быһыы- майгы тыҥааһыннаах.
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ коронавирус дьаҥынан 101 киһи ыалдьыбыта бэлиэтэннэ, ол иһигэр Дьокуускай куоракка – 61, Аммаҕа-6, Мэҥэ Хаҥаласка — 5, Хаҥаласка – 4, Горнайга, Мирнэйгэ, Уус Алдан, Чурапчы – 3-түү, Үөһээ Дьааҥыга, Кэбээйигэ, Ленскэйгэ — 2-лии киһи. Бу туһунан бэс ыйын 3 күнүгэр брифинг кэмигэр СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, СӨ сиригэр- уотугар коронавирус дьаҥа тарҕаныытын бохсор Суһал ыстаап бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.
Вице-премьер Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторуттан уонна улуустааҕы суһал ыстаапка туһаайан оройуоҥҥа коронавирустаабыт киһи ахсаана элбээбитинэн, быһыыны туруорууну күүһүрдэргэ уонна Ил Дархан ыйааҕын чэрчитинэн быраабылалары уонна нуормалары тутуһалларыгар ыҥырда.
Ольга Балабкина Горнай уонна Өлүөхүмэ оройуоннарын олохтоохторун, буолаары турар тэрээһиннэргэ кыттааччы хамаандаларга, Олоҥхо ыһыаҕар уонна Манчаары оонньууларыгар ыарыы тарҕамматын туһугар, быһыыны ылалларыгар ыҥырда.
Сууккаҕа өрөспүүбүлүкэ лабораторияларыгар барыта 3 556 тиэс оҥоһулунна. Пандемия саҕаланыаҕыттан барыта 1 126 765 тиэс оҥоһуллубут.
Вице-премьер бэҕэһээ өрөспүүбүлүкэҕэ вакцина икки көрүҥүгэр эбии баартыйа кэлбитин иһитиннэрдэ. Быйыл бэс ыйын 3 күнүнээҕи туругунан барыта 202 409 доза вакцина кэлбит. Бастакы вакцинаны 173 467 киһи, ол иһигэр аҕа көлүөнэ саастаахтартан – 38 972 киһи ыллылар. Билигиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ аҕалыллыбыт вакцина уопсай ахсааныттан 85,8 %- на туһанылынна.
Ольга Балабкина этэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ быһыыны ылыыга Нерюнгри оройуона бастаан иһэр, оттон бүтэһик миэстэҕэ ыалдьыбыт дьон ахсаана элбии турарынан уонна быһыыны ылыыга намыһах көрдөрүүлээҕинэн Үөһээ Бүлүү улууһа буолар.
Вице-премьер көҥүл өттүнэн быһыыны ылыы, бастатан туран, бэйэ доруобуйатын харыстааһыҥҥа туһуламмытын бары өйдүөхтээхпит диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. «Буола турар быһыыга-майгыга доруобуйабытын быһыыны ылыы эрэ нөҥүө харыстыыбыт », – диэн түмүктээтэ Ольга Балабкина.
edersaas.ru