Олена Подлужная: “Хомус тыаһа аан дойдуну ситимниир”

Ааптар: 
12.06.2020
Бөлөххө киир:

Аар-саарга аатырбыт хомусчуту, Олена Подлужнаяны кытта мин аҕыс сыл анараа өттүгэр быстах кэмҥэ билсэ сылдьыбыттаахпын. Оччолорго даҕаны кини суон сурахтаах улахан артыыс этэ, Саха сирин “виртуоз хомусчуттарыттан” биирдэстэрэ буолан, Арассыыйа үрдүнэн аата ньиргийэр этэ.

Ол да буоллар, олус судургу сыһыаннаах, элэккэй уонна кэпсэтинньэҥ киһи буолан биэрбитэ, били “сулус ыарыыта” ки­­ниэхэ ханан даҕаны сыстыбатах этэ. Онон, төһө даҕаны өр кэм устата кэпсэппэтэх да буолларбын, туох да хос санаата суох “личкаҕа” суруйан, интервьюта оҥо­руохха диэн көрдөстүм. Сэрэйбитим курдук, Олена түргэн баҕайытык харда суруйбута “Егор, привет, туох сонун? Биллэн турар, сөбүлэһэбин, ыйытыыларгын ыыт!”

ХОМУС – ААН ДОЙДУ СӨБҮЛҮҮР ТЭРИЛЭ

— Аҕыйах сыл иһигэр, омуна суох, аан дойдуну барытын тилэри көттүм. Соторутааҕыта ааҕан көрбүтүм — 34 омук дойдутун кэрийбиппин. Ити сырыыларбар биир дьикти чахчыны арыйдым — хас биирдии норуокка хомуска майгынныыр, “варган” бииһин-ууһа үнүстүрүмүөн баар эбит. Сорох омук күн бүгүҥҥэ диэри бэйэтин хомуһун таптаан туһанар, сайыннарар, сорох омукка биир-икки энтузиаст оонньуур, оттон сорох сиргэ биһиги сөбүлүүр хомуспутун соторутааҕыта истэн, бэйэлэрин тэриллэрин саҥаттан арыйан, сөргүтэ сатыы сылдьаллар. Киһи соһу­йуох, варган муусукатын биир саамай сайдыылаах дойдулара Германия уонна Австрия эбиттэр. Кинилэр “маультроммель” диэн ааттыыр тэриллэрэ, ырааҕынан да буоллар, биһиги хомуспутугар майгынныыр. Ньиэмэстэр элбэх бэстибээл ыыталлар эбит, сатыыр киһи олус элбэх. Индияҕа “морчанг” диэн үнүстүрүмүөннэринэн киэн тутталлар. Оттон Финляндияҕа “хомусчуттар” сатабылларын көлүөнэттэн көлүөнэҕэ биэрэн, династия олохтонор эбит.

Хас сылдьыбыт дойдум үнүстүрүмүөнүн тургутан көрбүтүм. Мин санаабар, хомус тыаһа аан дойду норуоттарын сомоҕолуур күүстэртэн биирдэстэрэ буолар, ити миигин олус үөрдэр. Билигин аан дойдуга толорооччулар эрэ буолбакка, хомус оҥорор уустар эмиэ элбээтилэр. Мин үксүн Роман Готовцев, Егор Тартаков, Реворий Чемчоев, Афанасий Мандаров, Эдуард Тарабукин, Иван Колодезников таптайан таһаарбыт хомустарынан оонньуубун. Ол эрэн, аан дойду атын уустарын оҥоһуктарын эмиэ сорох ардыгар тар­дааччыбын. Холобур, биир Австрияҕа олорор ювелир доҕорум олус үчүгэй хомустары күндү таастарынан симээн оҥорор, тыаһа даҕаны мааны. Хас биирдии уус бэйэтин тыаһын көрдүүр, ордук сатыыр өрүттэрдээх. Онон быһа бааччы “бу уус тэрилэ барыларыттан ордук!” диэн быһа этэр кыаҕым суох.

ГОСТУРУОЛЛУУР ОЛОХТОН ХАРАНТЫЫН СЫННЬАТТА

— Этэргэ дылы, олоҕум кэнники сылларын “чымадаан үрдүгэр олорон” атаардым. Сороҕор биир нэдиэлэҕэ хас даҕаны дойдуну кэрийэр этим. Төһө даҕаны итинник олоххо үөрэммитим, оннооҕор сөбүлээбитим да иһин, сылайбыт эбиппин. Ону харантыын саҕаланан, кыраныыссалар сабыллыбыттарыгар эрэ өйдөөтүм. Дьиҥэр, эрдэ хантараактаммыт кэнсиэрдэрим уурайдылар, сылдьыах­таах бэстибээллэрим көстүлэр. Хата мин улаханнык хомойбоппун, төттөрүтүн дьэ нус-хас буоллум, сынньанным. Кэргэним Дмитрий, гостуруолларбын тэрийэр “Mars records” диэн продюсерскай киин салайааччыта, онон иккиэн бииргэ сынньанныбыт. Пандемия саамай хомолтолоох өрүтэ — тапталлаах дойдубар Дьокуускайга тиийэн, төрөппүттэрбин кытта көрсөр кыаҕым суох. Барахсаттарым билигин 75 саастарын аастылар, онон кинилэр доруобуйаларыгар кутталы үөскэтэр быраабым суох ­буоллаҕа. Чэ, туох барыта ааһар, бу даҕаны кэм ааһыаҕа, оччоҕо тиийэн ийэбин, аҕабын кууһан-сыл­лаан ылыаҕым.

ИНТЭРИНИЭТ МОДУН КҮҮҺЭ

— Билигин хата онлайн-­уруоктары ыытабын. Бу диэн, “чопчу бачча үөрэнээччини хомусчут оҥордум” диэн этэр кыаҕым суох. Тоҕо диэ? Бастатан туран, мин ютуб-ханаалбар 160 тыһыынча кэриҥэ көрөөччүлээхпин. Онно баар босхо онлайн-уруоктарбынан төһө киһи үөрэммитэ буолла, ааҕар уустук. Аны тус бэйэлэрин илэ көрсөн дуу, онлайн дуу үөрэппит дьоммун аахпаппын эрээри, бу сыллар усталарыгар син элбэх киһи үөрэннэҕэ. Билигин уонунан омук сириттэн сибээскэ тахсан үөрэнэллэр, хата ити олус үөрдэр. Холобур, биир үөрэнээччим Америкаҕа олорор, дьоппуон тылын дьоҥҥо үөрэтэр. Оттон омугунан саха! Дьэ ити курдук буолар, “глобализация” диэн.

ХОМУС ТЫАҺА ЭМТИИР КҮҮСТЭЭХ

— Дьон хомус муусукатын араастык ылынар. Сорох дьон төрүт үгэстээх, былыргы тыаһы астынар, сорох импровизациялары сөбүлүүр, сорох электроннай үҥкүүлүүр тэтимнээх толорууну ирдиир. Билигин “хилинг” диэн, хомус тыаһа эмтиир күүстээх диэн өйдөбүллээх сүүрээн сайынна. Дьон итинник кэнсиэрдэргэ эмтэнэ, медитациялыы кэлэр. Ити сүүрээннэри барытын мин тус бэйэм олус астынабын, сөбүлээбэт хайысхам диэн суох.

Дойду-дойду аайы истэр дьон араас. Ол эрэн, барыларын этническай муусуканы сөбүлүүллэрэ түмэр күүс буолар. Чорботон этэр буоллахха, Арассыыйаҕа, ордук таптыыр Сахам сиригэр кэнсиэрдиирбин астынабын. Манна хомуһу өйдүүр, толоруу ымпыгын-чымпыгын араарар дьон элбэхтэр, онон толоруу дьиҥнээх сатабылы, күүһү-уоҕу эрэйэр. Омук сирдэриттэн, Франция истээччилэрин астына саныыбын, кинилэр импровизацияны олус сөбүлүүллэр, туох да бэлэмнэниитэ суох, ис сүрэхтэн тахсар тыастары иэйэн-куо­йан истэллэр.

ДЬОНУ ОМУГУНАН АРААРБАППЫН

— Кэнники кэмҥэ “аан дойду балаһыанньата уустугурда” дииллэр. Кырдьыгынан эттэххэ, мин үлэбэр ити өттүттэн кыһалҕа отой суох. Судургу дьон бэлиитикэ кубулҕатын аахайбаттар, айар кут имэҥэ ити күннээҕи уларыйыылары улахаҥҥа уурбат. Мин бэйэм украинкабын, Арассыыйа гражданкатабын, сахалыы муусуканы оонньуубун. Ким ону бобуой дуу, сэ­­мэлиэй дуу? Дьон-аймах аан дойду үрдүнэн биир, кыраныыссалар дьон эрэ өйдөрүгэр бааллар.

Биллэн турар, омук дьоно арыый да туспа санаалаах, ­үгэстээх буолаллар. Ону, холобур, били аатырбыт “талаан арыйар” шоуларга кыттарбар өйдөөбүтүм. Германияҕа кыттарбар шоу продюсердара “Арассыыйаттан сылдьаҕын? Өйдөөтүбүт!” диэн баран… “хохлома” истиилинэн бырагыраамабын симээбиттэрэ! Өйдөтө са­­таабытым, кыыһыран ак­­каастаныахча буолбутум да, олох өйдөөбөттөр. Хата эһэни уонна балалайканы туттарбатахтарыгар баһыыба. Чэ, ити барыта тас дуй, оонньоон барбыппар, хомус ап­­таах тыаһа ону барытын сабардаабыта, сэҥээрбэтэх истээччи диэн суоҕа. Хата Италия шоутугар быдан өйдөөх продюсердары кытта үлэлээбитим, бэйэм эппитим курдук сыананы оҥорбуттара. Англияҕа даҕаны барыта үчүгэй этэ.

Ити шоуларга мин бэйэм сыҥаламматаҕым, ити туспа шоу-биисинэс модун хайысхата. Аан дойду үрдүнэн анал көрдүүр “булчуттар” сүүрэллэр-көтөллөр, дьиктини ирдииллэр. Онон биһигин бэйэлэрэ булан ыҥырбыттара. Мин толкуйдаан көрөн баран “Элбэх киһи хомус туһунан билэрэ туох куһаҕаннаах буолуой” диэн сөбүлэспитим. Дьиҥэр, итинник “күрэхтэһиигэ” көрөөччүнү саарата сатыыллар, онон кыайыылаахтар үксүн көрүдьүөһү, дьээбэни көрдөрөөччүлэр буолан тахсаллар.

АРАССЫЫЙАТТАН ТӨРҮТТЭЭХПИНЭН КИЭН ТУТТАБЫН!

— Саха сирин култууратын аан дойдуга көрдөрөр миэхэ ытык чиэс буолар. Ханна да сырыттарбын, бэйэм дойдум күүс биэрэр, итини ис-испиттэн таайа, билэ сылдьабын. Дойдум патриота буоларым быһыытынан Арассыыйа күнүн бырааһынньык быһыытынан дьиэ кэргэним иһинэн бэ­­лиэтиибит, остуол тардабыт. Сороҕор дьиэ үлэтин оҥоро-оҥоро киҥини­йэн ыллыы сылдьан өйдөөбүтүм, Арассыыйа өрөгөй ырыатын ыллыы сылдьар буолабын. Биллэн турар, кыра эрдэхпиттэн нойосуус билэр ырыам буоллаҕа, өйбөр-санаабар хатана сырыттаҕа!

Егор Карпова, «Cаха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар — дьоруой архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0