Өлүөхүмэ улууһун дьаһалтата, улуустааҕы култуура, ыччат, дьиэ кэргэн уонна спорт управлениетын көҕүлээһиннэринэн, бу күннэргэ Дьокуускайга киэҥ бырагыраамалаах Өлүөхүмэ улууһун күннэрэ ыытылыннылар. Быйыл Кыыллаах Арыыга духуобунас сайдыбыта 145, култуура төрүттэммитэ 90 сылларыгар анаан тустаах нэһилиэк ордук күүскэ чорботулунна. Ол курдук, аҥардас А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри Кыыллаах нэһилиэгин көмүс тарбахтаахтарын быыстапката турда.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Тэрээһин иннинэ Кыыллаах нэһилиэгин “Алгыс” киин дириэктэрэ Лена Данилова: “Бары ох курдук оҥостон, ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Кыыллаахпыт аатын-суолун көмүскүү кэллибит. Сүрүн сыалбытынан — дойдуларыттан тэйбиттэрэ быданнаабыт дьоммутун биир түһүлгэҕэ түмүү, сомоҕолоһууну олохтооһун буолар. Кинилэргэ анаан нэһилиэк бүгүҥҥү олохтоохторо айар талааммытын көрдөрүөхпүт. Иккиһинэн, Даппарай сэлиэнньэтигэр култуура-спорт комплекса тутуллуутугар анаан акция тэрийии буолар. Киирбит үп комплекс ис бараанын байытыыга туһаныллыаҕа. Дьокуускай куоракка, киин улуустарынан олорор дьоммутун-сэргэбитин кытта көрсүөхпүтүн баҕарбыппыт быданнаата. Ол эрээри, сыл аайы харчы боппуруоһугар кэлэн иҥнэ турарбыт. Быйыл нэһилиэкпит баһылыга А.И.Сильвестрова Саҥа дьыллааҕы харыйа кэмигэр: “Кулун тутар ыйга Дьокуускайга барыахпыт”, — диэбитигэр аҕыйах күн иһигэр Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтарбытын кытта сибээстэспиппит уонна П.П.Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училище преподавателэ, А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин методиһа Надежда Корнилова көмөтүнэн бэрт киэҥ, 600 миэстэлээх А.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин түүлэһэн ыллыбыт», — диэн кэпсээбитэ.
“Сыыр бүттэ” дэһэллэр
Сарсыарда 10 чааһы ааһыыта Кулаковскай аатынан дьиэ мраморнай саалатыгар тиийбитим, номнуо дьон-сэргэ тоҕуоруспут. Сэбиэскэй кэмнэргэ Кыыллаахха үлэлээн-хамсаан ааспыт араас эйгэ үлэһиттэрэ көрсөн, үөрүүлэрэ-көтүүлэрэ үгүс. Итиннэ “дорообо”, манна “бирибиэт”. Бэлиэтээн эттэххэ, өлүөхүмэлэр, ол иһигэр кыыллаахтар, мин өйдүүрбүнэн, итинник улахан тэрээһини Дьокуускайга аан маҥнайгытын ыыталлар. Онон бары даҕаны сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт.
Дьон үмүөрүһэн турар сиригэр атыыга-кутууга тииспэтэрбин да, муҥ саатар, хаартыскаҕа түһэрэн хаалаайабын диэн кыбыллан көрдүм да, мэлисээй. “Иккис Украина” эриэхэтин туорааҕын 15-тии солкуобайга атыылыы тураллара көстөр. Аттыгар бааҥкаларга хаптаҕаһыттан саҕалаан, барыанньа арааһа тэлгэммит. 600 кыраама баара-суоҕа 250 солк эрэ.
Ол икки ардыгар: «Сыыр бүттэ», — эрэ дииллэрин истэн хаалабын. Бэл, харахпар да көрбөтүм. “Кладовая Олекмы” ХЭУо үрүҥ илгэттэн оҥоһуллубут бородууксуйата дьааһыктарга толору хааламмыт. Салгыы хаампытым, тууһаммыт күөх луук 500-түү кыраамнаах иһиттэргэ кутуллан бэлэм турар, сыаната – 200 солк. Аны харахпар сылгы хартата хатана түһэр. Сыаната эмиэ босхону эрэ үрдүнэн. Ити курдук, үмүөрүһэн турар дьон быыһынан аҕыйах каадыры оҥорон баран, быыстапкабар төннөбүн.
Быыстапка
Дьэ, сирийэн көрөбүн. Бииртэн-биир кэрэ оҥоһуктар… Кыл сэлээппэни кыыллаахтар букатын баһылаабыт дьарыктара эбит. Араас быһыылаах, өҥнөөх, киэргэтиилээх сэлээппэ ийэтэ-аҕата манна баар. Ол быыһыгар эркиҥҥэ лиэнтэнэн тигиллибит, быысыбайдаммыт хартыына эгэлгэтэ ыйаммыт.
Хараҕым сүүрүгүрэ сытар дьэҥкир уулаах, икки кытыытынан дьиэлэр көстөр балачча улахан хартыынаҕа хатана түһэр. “Даппарай уонна саҥа Даппарай көстүүлэрэ. Икки ардыларынан үрэх уста сытар”, — диэн аҕыс сааһыттан иистэнэр Клара Корнилова кэпсээнин саҕалыыр: “Мин оҕо эрдэхпинэ таҥас-сап кэмчи этэ. Ол оннугар түү чукку баара. Ол чуккулары сууйа-сууйа, хос тутаттаан, ортотунан эрэһиинэлээн, доҕотторбор үтүлүк тигэттиир этим. “Дьэ, бу оҕо улааттаҕына иистэнньэҥ буолуо” дииллэрэ. Сыыйа улахан иискэ ылсан барбытым. Ол курдук, билигин таҥастан, түүлээхтэн, тирииттэн, туостан тигэбин, кылтан өрөбүн, быыспакалыыбын, уруһуйдуубун. Киһи талаана кыра-кыра арыллан тахсан иһэр эбит. Үлэм олус элбэх. Үксүн араас таҥастан саҕынньахтары, сахалыы соннору тигэбин. Быйыл улуустааҕы “Дьэргэлгэн” куонкуруска кыттан, бастаатым. “Супер-бабушка” куонкуруска иккис буолбутум”, — диэн санаатын үллэстэр.
Таас витринаҕа оҕуруоттан тиһиллибит кыыс оҕо, дьахтар симэҕэ, киэргэлэ барыта тэлгэммит. Быыстапка саамай саастаах кыттааччыта, нэһилиэк ытыктанар киһитэ, 800-тэн тахса килэмиэтирдээх уһун айаны аахсыбакка кэлбит 85 саастаах Арлета Анисимова, Екатерина Грязнухина, Татьяна Корнилова, Зоя Малгарова, Мария Корнилова, Лия Нарахаева уо.д.а. үлэлэрэ мрамор саалатын икки эркинигэр тилэри турбуттар. Кыраайы үөрэтээччи, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, култуура туйгуна Садот Малгаров Кыыллаах историятын кэпсиир докумуоннара, кинигэлэрэ кэккэлэччи тэлгэммиттэр.
Баайыы соннор
Салгыы сахалыы соннору көрөбүн. Ааһан истэхпинэ: «Баайыы соннор» , — диир саҥаны истэн, киирэн тутан-хабан көрбүтүм, чахчы, оннук эбит. Эбиитин араас тимир киэргэллэрдээхтэр. Маастар үгүс үлэни көрсүбүтүн сэрэйэн эрэ билэр кыахтаахпыт.
Норуот маастара, Өлүөхүмэ улууһун Даппарай сэлиэнньэтиттэн төрүттээх, билигин Бэрдьигэстээххэ (Горнай) олорор Надежда Иванова: “Биир дойдулаахтарбын өйүү таарыйа быыстапкаҕа таҥас-сап, араас оҥоһук, хаартыска аҕаллым. Кэнсиэргэ икки төгүллээн баайыы таҥастарбын кэтэн көрдөрүөхтэрэ. Күрүчүөгүнэн, испиисэнэн баайабын. Сонум толору кэмпилиэк, онон ый кэриҥэ баайдым. Ону таһынан кыыспыныын Леналыын кыттыһан оҕо устуудьуйатын үлэлэтэбит. Кини моделын толкуйдуур, иккиэн тэбис-тэҥҥэ баайабыт. Оҕолорго, эдэрдэргэ анаан араас түгэҥҥэ кэтэр таҥастары айабыт. Устуудьуйаны кини арыйбыта. Билигин үөрэнэ сылдьар, онон мин тутан хааллым. Биһигини кытта олус бэриниилээх икки хореограф үлэлэһэр. Ол иһин устуудьуйабыт оҕолоро сыанаҕа тахсыылара олус сатабыллаах. Устуудьуйабыт 2004 сылтан үлэлиир. Бу сыллар тухары 250-тан тахса оҕо дьарыктанна. Ону таһынан хас даҕаны сыл сайынын инбэлиит оҕолорго анаан лааҕыр үлэлэппиппит. Инбэлиит оҕолор барахсаттар ханна даҕаны улаханнык барбаттар-кэлбэттэр, дьиэлэрин түөрт эркинигэр хаайтаран олороллор. Оонньоон-көрүлээн, баайан олус сынньаналлар этэ. Үбэ-харчыта кыаллыбакка, билигин тохтоон турар. Баҕар, хаһан эрэ атаҕар туруоруохпут диэн эрэллээхпит”, — диэн кылгас кэпсэтиибит иһигэр норуот маастара үлэтин хайысхаларын билиһиннэрэр.
«Уран иис» түмсүү
Нэһилиэк үһүс көлүөнэ оскуолатын «Уран иис» түмсүүтүн салайааччыта Полина Торговкина: “Маҥнай бэйэм кылтан өрөргө, туоһунан тигэргэ үөрэммитим. Онтон 2015 сыллаахха халтай үөрэниэхпит дуо, дьоммутун-сэргэбитин, бэйэбит кэннибититтэн хаалааччылары эмиэ үөрэтиэххэ диэн этии киллэрэн, соҕотоҕун ыытан саҕалаабытым. Сыыйа сэҥээрэн бардылар. Эдэриттэн эмэнигэр тиийэ нэдиэлэҕэ уонча-сүүрбэччэ киһи мустан, бэйэтин баҕатынан, сатабылынан иистэнэр. Дьүөгэм Клара Корнилова иис бары көрүҥэр дьоҕурдаах. Кинини кытта таҥастан, түүлээхтэн саҕалаан тугу сатыырбытынан үөрэтэбит. Дьон олус сэҥээрэр. Туос ылар кэмҥэ тыаҕа тахсан, сири-уоту аһатан, сиэрин-туомун тутуһан хастыыбыт. Сылгылаахтартан сиэллэрин, кутуруктарын былдьаһа-тараһа ылан, сорох дэйбиир оҥорор, атыттар сэлээппэ өрөллөр. Атын улуустар кырадаһыннаах тигиинэн олус да дьарыгыраллар эбит, биһиги даҕаны ылыстахпытына, тоҕо табыллыа суоҕай диэн холонон көрбүппүт. Сахалыы таҥаска ол элеменнэрин киллэриэххэ, соннордо тиктэн көрүөххэ, баҕар, эдэрдэр талаһыахтара диэн санааттан саҕалаабыппыт. Сорохтор эргэ сонтон аттаран, атыттар саҥа матырыйаал булунан сон тигиннибит. Биһиги нэһилиэккэ уонча киһи сахалыы сонноннубут, сэлээппэни үгүс киһи өрүнэ үөрэннэ. Онтон сороҕун быыстапкаҕа аҕаллыбыт. Билигин оҕуруонан дьахтар киэргэлин оҥоро сылдьабыт. Улуус иһинээҕи куонкурустарга кыттан миэстэлэһэбит. Дьокуускай куоракка бу бастакы быыстапкабыт”, — диэн кэпсиир.
«Ахтар, саныыр Кыыллааҕым»
Салгыы күнүс 3 чаастан улахан саалаҕа киирэбин. Кыыллаах нэһилиэгиттэн силис-мутук тардынан үүммүт-сайдыбыт билигин Дьокуускай куоратынан, киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин араас улуустарынан олорор дьон түмсэн, көлүөнэлэр көрсүһүүлэригэр кытта кэлбиттэр. Микрофону былдьаһа-тараһа тыл этэллэр, дьэҥкир дьааһыкка харчы угаллар. Өр сыл Кыыллаах оскуолатыгар черчение, уруһуй учууталынан үлэлээбит С.С.Егомин хомуска тардан иһитиннэрдэ, билигин Аммаҕа олорор үгүс уопуттаах педагог З.С.Кудашова дойдутугар курдаттыы таттарар уйан тыллардаах хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдэ, Намҥа олорор ырыа куттаах Николай Протопопов бэйэтин ырыатын бэлэхтээтэ, Кыыллаах кийиитэ, билигин Дьокуускай куоракка олорор А.А.Корнилова СӨ үтүөлээх артыыһа, мелодист Сергей Попов баяҥҥа доҕуһуолунан бэртээхэй ырыаны толордо. Бэлиэ тэрээһиҥҥэ мустубут А.А.Бельчусова (Корнилова), А.А.Корнилова, о.д.а. Кыыллаахтан төрүттээх дьон санааларын эттилэр, акцияҕа кытыннылар. Тустаах тэрээһин Октябрина Корнилова, Юлия Корнилова, Виктория Кузьмина, Татьяна Узорова, Раиса Лавернова салайыыларынан ааста.
“Айхаллан төрөөбүт дойдум…”
Салгыы хас биирдии Кыыллаахтан төрүттээх киһи долгуйа кэтэспит тэрээһинэ — кэнсиэр саҕаланна. Кэнсиэр иннинэ Кыыллаах хайдах төрүттэммитин, сайдан кэлбитин көрдөрөр кылгас театрализованнай туруорууну көрдөрдүлэр. Оруолларга тустаах нэһилиэктэн тахсыбыт, билигин Саха, Үүнэр көлүөнэ, Олоҥхо тыйаатырдарыгар айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар артыыстар, артыыс идэтигэр уһуйуллар устудьуоннар о.д.а. оонньоотулар. Представлениены СӨ култууратын туйгуна, Кыыллаах күтүөтэ Сергей Баланов туруорда.
Онтон кэнсиэргэ СӨ үтүөлээх артыыһа, мелодист, баянист Сергей Попов кыыһыныын Алена Яковлевалыын, Намтан Николай Протопопов, Уус Алдантан Артур Сокорутов, Мэҥэ Хаҥаластан Мария Васильева ырыалара ытыс тыаһын доҕуһуолунан ылланнылар. Кыыллаахтар бэйэлэрин “Күбэйэ” (О.А.Акимова), “Иэйии” (Т.Н.Узорова), “Талба”, “Тэтим” (Р.Е.Лавернова) бииртэн-биир үҥкүүлэрин, ырыаларын ансаамбыллара көрөөччүлэр куттарын туттулар. Биир нэһилиэк холугар балачча элбэх ансаамбыллаахтар эбит диэн бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол курдук, соторутааҕыта “Айан” вокальнай-инструментальнай эр дьон ансаамбыла тэриллэн үлэтин саҕалаан эрэрэ нэһилиэккэ саҥа сүүрээн киирэн эрэрин туоһулуур. «Айаннар» биир дойулаахтарыгар икки ырыаларын бэлэх ууннулар.
Түмүк
Ити курдук, Өлүөхүмэ улууһун күннэрэ, сүнньүнэн Кыыллаах тэрээһинэ да диэтэххэ, улаханнык сыыспатым буолуо, хас биирдии олохтоох дьон кыттыгас өйөбүлүнэн, сомоҕотунан тэрилиннэ. Маныаха бастакынан акцияҕа кыттыбыт киһинэн А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин генеральнай дириэктэрэ Я.В.Игнатьева итиэннэ тустаах тэрилтэ үлэһиттэрэ буолаллар. Онон тэрийээччилэр махталлара муҥура суох. Өлүөхүмэттэн төрүттээх биир дойдулаахтара, маннык бэлиэ тэрээһин үтүө үгэскэ кубулуйдар диэн баҕа санааларын тиэрдэллэр.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Алексей ФЕДОРОВ, Людмила ПОПОВА хаартыскаҕа түһэриилэрэ.