Олег Марков: «Сүрүн уратыбыт — сахалыы куттаахпытыгар сытар» (ВИДЕО)
«Саха сирэ» хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Чокуур Гаврильев бу сырыыга “Сэмсэ санаа” биэриигэ “Саха” НКИХ генеральнай дириэктэрэ Олег Марковтыын тэлэбиидэнньэ билиҥҥи туругун, инники соруктарын оруолун, сахалыы мультиктары оҥоруу уонна саха киинэтин сайдыытын туһунан кэпсэттэ.
Отут сыл устата саханы саха дэтэн
— Быйыл «Саха» НКИХ тэриллибитэ 30 сылынан сибээстээн, эйигин анаан-минээн ыҥырдым. Салайар тэрилтэҥ лаппа сайынна. Билигин хас үлэһит баарыттан саҕалаан хас устуудьуйалааххытыгар тиийэ сиһилии билиһиннэр эрэ.
— “Саха” НКИХ кэлэр сылга 60‑с сезонугар үктэнэр. Ол аата эһиил 60 сыллаах үбүлүөйдээх сылбыт саҕаланар. Быйыл саха тэлэбиидэнньэтэ тэриллибитэ 30 сыла буолар. Ол аата хара маҥнайгыттан Гостелерадиохампаанньа быһыытынан тэриллэн үлэлии турбут эбит буоллаҕына, 30 сыл анараа өттүгэр Семен Протодьяконов тэрилтэни уонна бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев өрөспүүбүлүкэни салайар кэмнэригэр, тэлэбиидэнньэбит саха диэн тыллаах буолуохтаах диэнинэн салайтаран, сахалыы куту иҥэрэн биэрбиттэрэ. Бу — 1992 сыллаахха этэ. Бу олус улахан суолталаах. Бу киириэҕиттэн биһиги тэлэбиидэнньэбитигэр саха тыла, саха култуурата иҥмитэ, инники күөҥҥэ тутуллар буолбута. Хампаанньабыт сылтан сыл бу хайысханы сайыннаран, күн бүгүн биһиги сүрүн сыалбыт-сорукпут — саха тыла, саха култуурата сүппэтин-симэлийбэтин, сайдарын туһугар үтүмэн үлэ, туруулаһыы.
Аҕыйах сыллааҕыта биир эрэ ханааллаах этибит. Нууччалыы, сахалыы тылларынан булкуйан, биэриилэри оҥоро олорбут буоллахпытына, алта-сэттэ сыллааҕыта иккис ханаалламмыппыт. “Якутия24” ханаал тоҕо баарый диэн ыйытааччы элбэх. Иккис ханаал тэриллибитэ диэн маннык. Элбэх омук олорор өрөспүүбүлүкэбитигэр сахалыы эрэ тыллаах ханаал баар буолара сатаммат. “Якутия24” тахсыаҕыттан «Саха” НКИХ биир үксүн сахалыы саҥарар буолбута. Инньэ гынан билигин үс тэлэханааллаахпыт: “Саха” НКИХ, “Якутия24”, “Мамонт”, араадьыйалаахпыт уонна икки саайтаахпыт. Ону таһынан, интэриниэт ситимнэригэр үлэлиир туспа бөлөхтөөхпүт.
Филиалларбытын киллэрэн туран, хампаанньаҕа 500‑чэкэ киһи үлэлиир. Баазабыт туһунан кэпсиир буоллахха, хампаанньа иһинэн түөрт устар ТВ устуудьуйалаахпыт, иккитэ — араадьыйа киэнэ. Баазабыт кэмигэр үчүгэйдик оҥоһуллан, билигин үлэлииргэ, айарга сөптөөх усулуобуйа толору баар. Урут биир устуудьуйаҕа хайдах батан үлэлээбиттэрэ эбитэ буолла, билигин түөрт устудьууйа күн аайы, нэдиэлэ устата адьас тохтоло суох үлэлииллэр.
Пиэрибэй уонна Иккис ханааллар 1,5 чаас кэриҥэ биэриини оҥорон таһаараллар. Уоннааҕытын барытын атыылаһан ылаллар. Кинилэр тулаларыгар оҥорон таһаарар элбэх хампаанньалардаахтар. Сакаас быһыытынан үлэлээн, эпиири толороллор. Оттон биһиги курдук эрэгийиэннээҕи улахан хампаанньалар хайаан даҕаны 6–7 чааһы бэйэбит оҥорон толордохпутуна эрэ дьон көрөр-истэр кыахтанар. Ол аата “Саха” НКИХ ханаалыгар 7 чааһы бэйэбит оҥорон бэлэмниибит. Ол аата 24 чаастан сэттэтин оҥоробут, уоннааҕытын хатылааһынынан уонна атыылаһыллыбыт биэриинэн толоробут. Оттон “Якутия24” ханаалга бэйэбит оҥоһуубут 5 чаас буолар. Ол аата сезон саамай муҥутаан турар кэмигэр, күн аайы 10–11 чаастаах биэриилэри бэйэбит оҥоробут. Бу олус улахан кээмэй — суукка аҥаара. Атын эрэгийиэннэри кытта тэҥнээтэххэ, биир саамай элбэх үлэни оҥорор хампаанньанан биллэбит. Манна сүрүн оруолунан национальнай статустаахпыт буолар, сахалыы биэриини атын сиртэн хайдах да атыылаһан ылар кыахпыт суох. Национальнай статуһа суохтар хантан баҕарар, ханнык баҕарар устууну, биэриини атыылаһан туһанар кыахтаахтар.
Бастыҥ буолуу
— Икки сыллааҕыта Арассыыйа үрдүнэн эрэгийиэннээҕи бастыҥ телехампаанньа аатын ылбыккыт. Маны хайдах ситиспиккитин билиһиннэр эрэ.
— Анал рейтини оҥорор “Медиахилс” диэн тэрилтэ Арассыыйа эрэгийиэннэригэр үлэлиир бу биһиги курдук тэлэбиидэнньэлэри бэрэбиэркэлиир. Бастакы уочарат төһө элбэх киһи көрөрүн быһаарар. Саха тэлэбиидэнньэтэ саамай элбэх көрөөччүлээх диэн икки сыллааҕыта быһаарбыта. Кинилэр бу чааска, бу сөкүүндэҕэ чопчу бачча киһи бу ханаалы көрө олорор диэн барытын билэллэр-көрөллөр. Холбонуллубут “күөх экрантан” бачча бырыһыана “Саха” НКИХ ханаалын көрөн олорор диэн чопчу этэллэр. Хас биирдии эрэгийиэннэри туспа ырытан, метрика оҥорон, хас биирдиибитин тэҥнээн көрбүттэрэ. Ол түмүгүнэн икки сыллааҕыта Саха сирин тэлэбиидэнньэтэ рейтинэ саамай үрдүк диэн быһаарбыттара. Былырыын эмиэ рейтиммит үрдүк этэ, быйыл да барсымахтыыр буолуохтаахпыт.
Ханаалбытын көрөөччү күн-түүн элбии турар. Манна сүрүн төһүү күүһүнэн сахалыы тылынан тахсарбыт буолар. Былыр-былыргыттан тылбытын баччаҕа диэри илдьэ кэлбит омук буоларбыт быһыытынан сахалыы тылынан тахсар биэриилэри дьон интэриэһиргээн көрөр. Ол эрээри сахалыы контент хаачыстыбаҕа толору эппиэттиэхтээх. Баар ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир биэриилэри оҥорон таһаарыахтаахпыт. Билигин дьон “Саха” НКИХ сайдыбыт, олус бэрт биэриилэри оҥороллор дииллэрин элбэхтик истэбит. Бу — бастакы уочарат дойдубут үрдүнэн контент сайдыытын көрдөрөр. Урукку өттүгэр Пиэрибэй уонна Иккис ханааллар эрэ бааллара, ол быыһыгар “Саха” НКИХ ханаал онон-манан кыбыллара. Билигин туспа ханаалламмыппыт кэнниттэн, этэргэ дылы, бары ханааллар биһиэхэ күөн көрсөөччүлэрбитинэн буолбуттара. Тыһыынчанан ханаалы кытта биир кэккэҕэ турабыт. Онон тугу эрэ саҥаны оҥорон таһаардахпытына биирдэ эрэ дьон биһиги ханаалбытын көрөрүгэр тиийэр. Дойду үрдүнэн уопсай контент хайдах-туох хайысханан сайдарын барытын ырытан, көрөн-истэн олоробут. Онон салайтаран инники үлэбитин былаанныыбыт.
Рейтиннэр
— Эрэгийиэннээҕи рейтиҥҥэ бастыҥ ааты ылары хайдах ситистигит?
— Сахалыы сериалларбыт элбэх көрөөччүнү биэрдилэр. Биһиги ханаалбытын улаханнык көрбөккө сылдьыбыт дьон биһиги диэки хайыста. Сахалыы тыллаах, сахалыы санаалаах, сахалыы куттаах ыччат олохтоох тэлэбиидэнньэни улаханнык көрбөтүгэр, кини сааһа буруйдаах. Эдэр-сэнэх киһи атыҥҥа аралдьыйара элбэх буоллаҕа. Ол эрээри, бу оҕолор орто саастарыгар тиийэн баран, син биир сахалыы ханаалы көрөр буолаллар. Интэриэһинэй биэрини көрдүлэр да устунан сахалыы ханаалтан арахсыбаттар. Бу уһуннук барар бырассыас: оҕо оскуоланы бүтэрэр, устудьуон буолар, идэтинэн үлэҕэ киирэр, ыал буолар… Бу кэмнэргэ хайалара эрэ сахалыы ханаалга син биир убанар. Урут сарсыҥҥы көрөөччүлэрдээх буолабыт дуо диэн долгуйа сылдьыбыппыт, анал кэпсэтиилэри тэрийбиппит. Ол эрээри, оннук буолбатах эбит, хайа да түгэҥҥэ биһиги көрөөччүлээхпит уонна көрөөччүлээх буолуохпут.
Аны Иван Михайлович Андросов хампаанньаны салайар кэмигэр, продюсерскай тэлэбиидэнньэҕэ киирэргэ олус элбэх үөрэҕи ааспыппыт. Татаардар кэлэн үөрэтэн барбыттара. Билигин, төттөрүтүн, татаардар биһигиттэн үөрэнэн бараллар. Бу үөрэх биһиэхэ элбэҕи биэрбитэ, ол кэмҥэ үөрэммит дьон билигин таһаарыылаахтык үлэлии сылдьабыт. Соторутааҥҥа диэри 10 эбэтэр 20 сылтан тахсыбыт биэриилэр бааллара. Ол быыһыгар саҥалар эмиэ. Биэрии таҕыста да, тута ырытыы мунньах ыытар этибит. Онно биэрии чахчы үчүгэйин, мөлтөҕүн быһаарар уустук буолааччы этэ. Эппиэттээх эрэдээктэр, биэриилэри нэдиэлэни быһа көрөрө уонна онто сатамматах, манна үчүгэй диэн летучкаҕа (биэриилэри ырытар мунньахха) бэйэтин көрүүтүнэн ырытара. Аны, биллэн турар, көрөөччүлэрбит сыанабыл быһыытынан суругунан ыытааччылар. Бу биэриини дьон көрдө дуу, дьон төһө сэҥээрдэ диэн чопчу этэр кыахпыт суох этэ. Билигин оннук суох, тоҕо диэтэххэ, билигин рейтини учуоттуубут. Рейтинг киириэҕиттэн ханнык биэриини сөбүлээн көрөллөрө тута чопчу биллэр. Рейтини таһаарыы олус интэриэһинэй, өссө сиһилии үөрэтиэххэ наада. Оннооҕор биирдиилээн ыытааччы рейтинэ быһаарыллар кыахтанна. Билигин итинэн эрэ дьарыктанар анал исписэлиистэрдээхпит.
Сыыппараҕа киирбэтэхпит үчүгэй
— Сыыппара тэлэбиидэнньэтигэр киирбэккэ хааллыбыт диэн хом санаа баара. Дьэ хайдах буолабыт диэн долгуйбуккут. Кырдьык, атын эрэгийиэннэргэ сорох хампаанньалар эһиннилэр да быһыылаах. Эн ааспыкка киирбэтэхпит өссө көдьүүстээх буолла диэн этэн аһарбытыҥ. Ол туһунан сиһилии билиһиннэр эрэ.
— Билигин санаан көрдөххө, барыта орун-оннугар түбэһэн ааһан хаалбыт. Сыыппараҕа киирии сүпсүлгэнэ ааһа охсубут. Ол саҕана бары тэлэбиидэнньэлэр ханнык да рейтинэ суох, бэйэбитигэр тугу баҕарбыппытын оҥорон таһаара олорбуппут. Эрэгийиэннэргэ баар тэлэбиидьэнньэлэр эрэгийиэннэригэр баар кыһалҕаны, национальнай уратыларын көрдөрөллөрө, таһаараллара. Бу маннык үлэлии олордохпутуна, бастакы, иккис мультиплекстар киирэллэр диэбиттэрэ. Баларга киирбит ханааллар эрэ Арассыыйа олохтоохторугар салгынынан көстөр буолаллар диэн быһаарбыттара. Маҥнайгы мультиплекска хайа ханааллар киирэллэрин үрдүттэн ылан этэн кэбиспиттэрэ. Оттон эрэгийиэннээҕи ханааллар биһигини иккискэ киллэриҥ диэн туруорсубуттарыгар, эрэҥкэдитэн баран, атын ханааллары “уган” кэбиспиттэрэ.
Эрэгийиэннээҕи телеханааллары сыыппараҕа киллэрбэтэхтэригэр, салгыы хайдах буолабыт диэн ыйытыы турбута. Эрэгийиэннээҕи тэлэбиидэнньэни суох оҥорор хайысха киирдэ диэн буолбута. Өр сылларга үлэлээн кэлбит ханааллары хайдах сыаналаабаттарый эҥин диэн улахан санаа түһүүтэ тахсыбыта. Сорох тута бүттүбүт диэн киирсэ да сорумматаҕа. Ол эрээри, аны санаатахха, биһигини киллэрбэтэхтэрэ үчүгэй эбит. Тоҕо диэтэххэ, киирбиппит эбитэ буоллар, сүүрүк хоту устан бара туруох эбиппит, туохпут да баҕар уларыйыа суох этэ. Тохтоон, сүтэн хаалбат туһуттан ис-испититтэн күүскэ ылсан үлэлээн барбыппыт. Кабельга баарбыт, спутникка баарбыт… Оччоҕуна аны интэриниэти баһылыахха диэбиппит. Биһигини ханна көрүөххэ сөбүй, онно барытыгар баар буолуохтаахпыт диэн сыал-сорук туруорбуппут. Холобура, смарт-тэлэбиидэнньэҕэ киирэргэ Самсунг хампаанньаны кытта быһа кэпсэтиэхтээх этибит. Смарт-тэлэбиидэнньэҕэ биир да эрэгийиэн ханаала суох этэ. Самсуннар боруобалаан көрүөххэ диэн этиибитин ылыммыттара. Онон бу хайысхаҕа маҥнайгы суолу биһиги тэлбиппит. Билигин атын эрэгийиэннэр смартка киирэн эрэллэр. Ону тэҥэ, атын платформаларга эмиэ киирбиппит.
Тэлэбиисэрдээх төлөпүөн
— Аны интэриниэккэ хото киирдигит…
— Кыһалҕаны быһаарыыга олох сайдыыта эмиэ көмөлөстө. Дьон бары төлөпүөнэ интэриниэттээх… Биһиги төлөпүөҥҥэ анаан ханаалларбыт сыһыарыыларын оҥорбуппут: араадьыйаҕа туспа, тэлэбиидэнньэҕэ туспа. Холобур, “Тэтим” араадьыйа сыһыарыытын 100‑тэн тахса тыһ. киһи хачайдаан олорор. “Саха” НКИХ эмиэ итиччэ кэриҥэ сурутааччылаах. Саха сиригэр саамай элбэх сурутааччылаах — ити сыһыарыылар. Билигин оннооҕор тэлэбиисэрэ суох дьон баар, кинилэр биһиги ханаалбытын ити этиллибит сыһыарыылар көмөлөрүнэн көрөллөр.
Наһаа элбэх киһи биһигини сыһыарыыларбыт нөҥүө тас дойдуга көрөллөр. Бэл, диэтэр Африкаҕа кытта көрөллөр. Сахалыы биэриини саха киһитэ көрөрө чуолкай. Ыраах көһөн барбыт дьон биитэр үлэлии сылдьааччылар дойдуларыгар ахтылҕаннарын бу биһиги сыһыарыыбытыгар киирэн таһаараллар, сахалыы биэриилэрбитин көрөллөр-истэллэр. Бу сыһыарыылар көмөлөрүнэн аан дойду ханнык муннугар саха киһитэ олорорун быһаарар кыахтаахпыт диэххэ сөп.
Москваҕа олорор табаарыстардаахпын. Кинилэр урут сахалыы биэриини соччо-бачча интэриэһиргээбэттэр этэ. Билигин Москваҕа тиийдэхпинэ, кинилэргэ ыалдьыттыыбын. Ол тиийдэҕим аайы кыбартыыраларыгар смарт көмөтүнэн сахалыы ханаал көстө турар буолар. Күнү быһа сахалыы биэриилэри көрөбүт дииллэр. Киин Арассыыйаҕа олорор сахалар үксүлэрэ кэриэтэ сахалыы ханаалы көрөллөр. Бу иннинэ түүҥҥү өттүгэр ким көрүөҕэй диэн атыылаһыллыбыт иккис суортаах биэриилэри туруорар эбит буоллахпытына, билигин ити уларыйан турар. Киин Арассыыйаҕа олорор сахаларга диэн туспа алта чаас араастаһыытын учуоттаан туспа түүҥҥү сиэткэни бэлэмниибит.
Сахалыы саҥарар мульфильмнар
— “Чохоон” диэн сахалыы ютуб-ханааллааххыт. Ил Дархан Айсен Николаев этиитинэн туспа ханаал баар буолла быһыылаах, ити туһунан билиһиннэр эрэ. Аны мультиктары оҥоруунан дьарыктанан эрэргит иһиллэр.
— Саха тэлэбиидэнньэтэ оҕолорго аналлаах туспа ханаал баар буолуохтаах диэн урут-уруккуттан баҕа санаалаах этибит. Элбэх салайааччы туруорсубута эрээри, биллэн турар, саҥа ханаалы үлэлэтии манан дьыала буолбатах, элбэх үбү эрэйэр. Ханаалы тэрийиигэ туспа ыстаат уонна туспа оборудование наада.
Ил Дархаммыт Айсен Николаев этиибитин өйөөтө уонна интэриниэт ситимигэр оҕоҕо аналлаах элбэх контент баар буолуохтаах диэн сорудахтаата. Чахчыта Ютубка сахалыы эйгэ букатын суох. Аҕыйах сыллааҕыта оҕолорго аналлаах “Күнчээн”, “Биһикчээн” диэн биэриилэрдээх этибит. Балары эпииртэн устан кэбиспиппит уонна эдэрдэрбитигэр Ютубка үлэлээҥ диэн “Чохоон” ханаалы аспыппыт. Быйыл үлэбитин хас эмит төгүл күүһүртүбүт. Мин санаабар, мульфильм оҥоруу Саха сиригэр сайдан, туспа феномен буолар кэскиллээх. Мультик национальноһа суох, үчүгэй мультигы аан дойду нэһилиэнньэтэ барыта сэҥээрэн көрүөн сөп. Ол иһин мультик класстер быһыытынан күүскэ сайдыахтаах.
Ырытан көрбүппүт — Саха сиригэр манан ылсан күүскэ дьарыктанар исписэлиистэр суохтарын кэриэтэ эбит. Биирдиилээн баҕа санааларынан кыратык дьарыктанааччылар эрэ бааллар. Ил Дархан болҕомтоҕо ылбытын түмүгэр, үп-харчы көрүллэн, тустаах үлэ саҕаланна. Мультигы оҥоруунан дьарыктанааччылар биһиэхэ кэлиҥ диэн туран, куонкурус эҥин тэрийдибит. Кэлбит дьоҥҥо мультиктарда оҥоруҥ диэн сакаас биэрдибит. Сценарийдары өр соҕус бигэргэттибит. Бэйэбит испитинэн баар эрэдээксийэ мультиктарынан оҥоруунан эмиэ дьарыктанар.
Бу түмүгэр, үрдүк таһымнаахтык оҥоһуллубут сахалыы мультиктар сотору баар буолуохтара. Биллэн турар, дисней мультиктарын курдук буолуохтара суоҕа эрээрилэр, үрдүк таһымҥа оҥоруу хайдаҕын да иһин саҕаланна диир кыах баар. Ахсынньыга оҥорон туттарыахтара. Биһиги баҕа санаабыт диэн тэриллибит хампаанньалар бу бастакы бородууксуйаларын оҥорон баран, салгыы кэлэр сылга, онтон эһиил сакаас быһыытынан мультиктары оҥоруохтаахтар. Граннарга кыттан Сахабыт сиригэр мультиктары оҥоруунан дьарыктанар хампаанньалар ахсааннара элбиэхтээх. Баҕар, сотору кэминэн Саха сирэ аны мультиктары оҥоруунан биллиэн сөп.
Улахан үлэни тылбааска уурдубут. Оҕолор саамай сөбүлээн көрөр мультиктарын лиссиэнсийэлэрин быйыл атыыластыбыт. Бу иннинэ “Маша и Медведь” диэн мультигы сахалыы саҥардан тылбаастыы сылдьыбыппыт. Лиссиэнсийэни тэлэбиидэнньэҕэ иккитэ эрэ көрдөрөргө анаан биэрэллэр этэ. Ол эбэтэр тылбааска үлэ бөҕөтүн көрсөн баран, биир-икки көрдөрүүнэн эрэ муҥурданарбыт. Салгыы көрдөрөр уонна интэриниэккэ угар бырааппыт суоҕа.
Билигин саҥаттан ылсан үлэлээн, Ютубка угар анал көҥүлү ылара ситистибит. Холобур, “Фиксиктэр”, “Смешариктар” курдуктары сахалыы саҥардыахпыт. Көҥүллээх буоламмыт, билигин сахалыы тылбаастаммыт 100‑чэкэ мультигы бэйэбит Ютубпутугар уктубут. Улахан үлэни үмүрүтэн эрэбит, сыл бүтүүтэ тугу үлэлээбиппитин, ситиспиппитин барытын отчуоттуохпут. Олус үчүгэй хамаанда таҥылынна — саҥалыы, ураты көрүүлээх кыргыттар, уолаттар айымньылаахтык үлэлии сылдьаллар. Тылбаастыыллар да, мультик да оҥороллор. Продюсер быһыытынан Анна Кириллина үлэлиир, салайар.
Билигин төрөппүттэр оҕолоругар биллэр-көстөр мультиктар сахалыы саҥардылар диэн үчүгэйдик кэпсээн билиһиннэриэхтэрин эрэ наада. Бу ылбыт тэтиммитинэн биэс-алта сыл үлэлээтэхпитинэ, Ютубка тыһыынчанан ааҕыллар сахалыы саҥарар мультиктар баар буолуохтара.
Саха киинэтин туһунан
— Аны саха киинэтин туһунан кэпсэтиэххэ. Саха киинэтин таһаарыыга, көрдөрүүгэ саха тэлэбиидэнньэтэ улахан оруоллааҕа чуолкай…
— Сахалыы киинэ өрөспүүбүлүкэбит иһигэр эрэ буолбакка, аан дойду үрдүнэн үчүгэйдик билиннэ. Сахабыт сирин биир ураты брендинэн буолла. «У победы много отцов” диэн нуучча өһүн хоһооно баар. Саха киинэтэ сайдарыгар биһиги улахан оруоллаахпыт диэн оннук-айылаах түөспүтүн охсуммаппыт.
Ханнык баҕарар киинэ бастакы тахсыытыгар-биллиитигэр тэлэбиидэнньэ оруола улахана чуолкай. Киинэни устууга үлэлиир исписэлиистэр — оператордар, тыас-уус режиссердара бары тэлэбиидэнньэҕэ үлэлээн уопутурбут дьон. Холобур, “Ыаллыылар”, “Сэттээх сир” о.д.а сериаллары ылыахха, барытын тэлэбиидэнньэ үлэһиттэрэ устан оҥорон таһаарбыттара.
Саха киинэтэ саамай сайдар кэмигэр, мин санаабар, олохтоох тэлэбиидэнньэ төһүү буолбута. Биһиги саха киинэтин буор-босхо рекламалыыбыт. Киинэни устубут хампаанньаҕа «Устубут киинэҕитин буор-босхо рекламалыыбыт, ол суотугар киинэтыйаатырыгар киллэрбит харчыгытын бэйэҕит туһанаҕыт. Ол оннугар киинэҕитин сыл буолан баран, биһиги киэҥ эпииргэ көрдөрөрбүтүгэр биэрэҕит», — диибит. Бу — саха киинэтэ сайдарыгар-тахсарыгар улаханнык көмөлөспүтэ чуолкай суол. Билигин да киинэни устааччылартан харчы ылбакка олоробут, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһүөх тустаахпыт. Билигин саха киинэтин устуу үрдүк таһымҥа таҕыста, биир бэйэм көрө-көрө олус астынабын.
Алта сериал
— Бэйэҕит киинэ устуоххутун баҕарбаккыт дуо?
— Маарыын этэр аһарбытым курдук, сериаллары устан саҕалаабыппыт. Балары сылтан сыл элбэтэр былааннаахпыт. Сезоҥҥа бастаан утаа икки сериалы устар буоллахпытына, билигин үскэ-түөркэ тиийдэ. Быйыл түөрдү оҥордубут, эбии атын сиргэ оҥоһуллубут икки сериал эбиллэн биэриэҕэ. Ол аата быйылгы сезоҥҥа алта сериал көрдөрүллүөҕэ. Биһиги бу саҥа холоно сылдьабыт. Уон сериалы оҥорон баран, маастар буоллубут диир хайдах да кыаллыбат. Сылтан сыл уопутуран, сайдан иһиллиэхтээх.
Биһиги саамай чэпчэки, судургу соҕус тиэмэлэртэн саҕалаабыппыт. Таптал, арахсыы, күнүүлэһии… Бу сценарийын суруллуута уонна уһуллуута судургу, дьону тардар, угуйар аналлаах. Биһиги түһүмэхтэринэн баран иһэбит. Салгыы быраастар, полициялар тустарынан сериаллары устар былааннаахпыт. Холобур, АЛРОСА-лар тустарынан устубут сериалбытын дьон олус сөбүлээбитэ, ылыммыта. Бу киһини толкуйдатар аналлаах киинэ ээ. Дьиэ кэргэҥҥэ ананан уһуллубут курдук эрээри, ыччат тоҕо бырамыысыланнаска үлэлии барбатын кыһалҕатын эмиэ таарыйар. Маннык хабааннаах киһини толкуйдатар сериаллары элбэтэр санаалаахпыт. Ону таһынан, бастакыбытын диэххэ дуу, кистэл буолбатах, киэҥ экраҥҥа сотору саҥа киинэни таһаарыахпыт. Эрдэттэн этэбин, адьас судургу киинэ буолуоҕа. Киинэлэрбит аһара үрдүк таһымҥа тахсан хааллылар. Биһиги эмиэ боруобаланан көрүөххэ диэн эмиэ биир киинэни бэлэмнээтибит. Аатын эппэппин.
Сахалыы куттаахтар
— Түмүккэ cаха тэлэбиидэнньэтин уонна араадьыйатын суолталарын, уратыларын туһунан аҕыйах тылынан бэргэнник этэн кэбис эрэ.
— Саха тэлэбиидэнньэтэ уонна араадьыйата саха курдук аҕыйах ахсааннаах омукка олус улахан суолталаах дии саныыбын. Сирбит-уоппут олус киэҥ, бэйэ-бэйэбиттэн ыраах-ыраах олоробут. Саха сирин барытын кэрийбит да киһи ахсааннаах буолуохтаах. Саха тэлэбиидэнньэтэ уонна араадьыйата хара тэриллиэхтэриттэн бу айылаах улахан сирдээх-уоттаах өрөспүүбүлүкэ дьонун- сэргэтин биир өйгө-санааҕа түмэргэ, сомоҕолуурга анаан үлэлээн баччаҕа диэри кэллэҕэ. Сахалары түмэр, сомоҕолуур тэрилтэнэн саха тэлэбиидэнньэтэ уонна араадьыйата эрэ этэ. Дьиҥэр, Саха сиригэр сахалыы куту илдьэ сылдьар тэрилтэлэр уон тарбах иһинэн бааллара буолуо, олортон биирдэстэринэн — “Саха” НКИХ уонна саха араадьыйата. Сахалыы куттаах тэрилтэлэр сахалар бүгүн биһиги хайдахпытын-туохпутун, бэҕэһээ хайдах этибитий диэнтэн саҕалаан инники өттүгэр хайдах салгыы олоруохтаахпытын барытын ымпыгар-чымпыгар диэри быһааран ырытан биэрэр ураты оруоллаахтар. СМИ иһитиннэриини дьоҥҥо-сэргэҕэ түргэнник тиэрдэр аналлаах. Онтон Саха тэлэбиидэнньэтэ саха тыла, саха култуурата сайдарын инники күөҥҥэ тутуохтаах, ол туһугар үлэлиэхтээх, онно дьулуһуохтаах. Дьэ ол кэннэ, иккиһинэн, иһитиннэриилэри кырдьыктаахтык уонна түргэнник тиэрдэргэ кыһаныахтаах ди саныыбын. Тыл-өс, норуот култуурата, дьылҕата инники миэстэҕэ туруохтаахтар. Өскөтүн биһиги тэлэбиидэнньэбит, араадьыйабыт мөлтөөн сабыллар түгэнигэр, саха тыла, саха култуурата сайдарыгар улахан охсууну ылыа диэн саныыбын. Саха тэлэбиидэнньэтэ уонна араадьыйата бүтэһик саха баар буолуор диэри үлэлиэхтээх уонна оннук буолбатын туһугар күүскэ туруулаһыахтаах.
— Махтал. Үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын!
Салгыы видеоустууну көрүөххүтүн эмиэ сөп
Бэлэмнээтилэр Чокуур Гаврильев, Александр Тарасов.