Бу күннэргэ уопуттаах телесуруналыыс, бу иннинэ «Саха» НКИХ салайааччытын солбуйааччынан үлэлии олорбут Олег Марков хампаанньа генеральнай дириэктэринэн ананна. Эдэр салайааччы үлэлиир тэрилтэтин хайысхатын, инники соруктарын туһунан кэпсэттибит.
edersaas.ru
Түөрт улуустан тардыылаах
— Олег Олегович, эн Мэҥэттэн төрүттээххин дуо?
— Өрөспүүбүлүкэ түөрт улууһуттан тардыылаахпын. Ийэм Өймөкөөн Төрүтүттэн (Тарын), аҕам ийэтинэн — Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатыттан, аҕатынан — Ньурбаттан, кэргэним – Ньурба улууһуттан төрүттээхтэр. Дьокуускайга төрөөбүтүм. Аҕам кыра сырыттахпына Горнай Аһыматыгар сопхуоска үлэлиир буолан, маҥнайгы кылааска онно киирэн үөрэммитим. Онон Өймөкөөн, Ньурба, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас олохтоохторо этэллэринэн, ити улуустарга «олох бэйэлэрин киһилэринэн» буолабын.
Хамнаатах аайы – тэлэбиисэр
— «Түннүк» биэрииттэн саҕалаан, эн тэлэбиидэнньэ эйгэтигэр бэрт кыра сааскыттан «үлэлии» кэлбит киһигин. Онон отучча сыл устата үлэлээн, салайааччыга тиийэ үүммүт киһи, хампаанньа сайдыыта эн хараҕыҥ далыгар аастаҕа. Эн иннигинэ олорбут салайааччылар ыыппыт бэлиитикэлэрэ «олус бэрт этэ, ону салгыам» диигин дуу эбэтэр уларытыыны киллэриэм дии саныыгын дуо?
— Мин икки салайааччыга – Иван Андросовка уонна Нина Харитоноваҕа үлэлээн кэллим. Биллэн турар, бу икки киһи аныгы тэлэбиидэнньэ сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрдилэр, биһиги көлүөнэ суруналыыстары идэбитин толору баһылыырбытыгар олук уурбут дьон. Онон кинилэргэ махталым муҥура суох. Хампаанньа үгэстэрин салгыы илдьэ сылдьан сайыннарыы – мин иннибинэ да баара, салгыы да баар буолуоҕа.
Аныгы үйэ киһитэ буоларым быһыытынан, «Саха» НКИХ тэлэбиидэнньэтин интернет ситимин, нууччалыы эттэххэ, баар «платформаҕа» барытыгар киллэрэр соруктаахпын. Ол эбэтэр боростуойдук быһаардахха, эн ханна да сырыт, суотабай төлөпүөҥҥэр буоллун, планшеккар буоллун, көмпүүтэргэр буоллун, быһата, интернет ситимин туттар бары тэрилгэр саха тэлэбиидэнньэтин көрүөххүн баҕардыҥ да, холбоноот көрөн, истэн барар көрүҥү киллэрэр соруктаахпын. Ити бастаан утаа иһиттэххэ, баҕа санаа эрэ курдук эрээри, түргэн тэтимнээхтик сайдар кэмҥэ ылыстахха, олоххо киириэн сөп. Онон бастакы соругум ити.
Улуустары кытта үлэ сөргүтүллүөҕэ
— Саха араадьыйата улуустартан кэлэр сонуннарын олус да суохтаатыбыт. «Сунтаартан…», «Орто Халыматтан…» диэн өрөспүүбүлүкэ бары улуустара сонуннарга дорҕоонноохтук кэпсэнэллэрэ күүтүүлээх да этэ! Ити боппуруос быһаарыллыыта олох хайдах да кыаллыбат дуо?
— Үгүс дьон этэр санаатын таарыйдыҥ. Саха араадьыйатыгар улуустартан кэлэр сонуннары сөргүтүөххэ наада. Миэхэ бэйэбэр эмиэ өрүү этээччилэр. Ити боппуруос хайаан да быһаарыаллыаҕа.
Тэлэбиидэнньэҕэ улуустар баһылыктара филиалларын нөҥүө эмиэ тахсыахтарын наада. Биһиги филиалларбытын хааччахтаабаппыт. Төһөнөн интэриэһи тардар биэриини оҥороллор да, эфиргэ баран иһэр.
Саха тылын харыстыахха
— Кэлиҥҥи кэмҥэ сайдыылаах кэм буолан, оҕо тыллана илигиттэн интернети баһылыыр буолла. Икки-үс саастаах оҕо «ютубка» бэйэтэ ханааллааҕын истэн билигин ким да соһуйбат.
— Оннук. Онон мин биир сүрүн соругум – оҕолорго аналлаах ютубка сахалыы тыллаах ханааллары оҥорон тарҕатыы. Биһиги «Маша и медведь» мульткиинэни сахалыы саҥардыбыппытын үгүс төрөппүт сэҥээрэн, оҕотугар көрдөрөр. Онон саха тылын харыстаан, оҕоҕо кыратыттан үөрэтэр сорук турар.
«Харах далыгар» биэрии төннүө дуо?
— Олох сытыы боппуруостарын таарыйар «Харах далыгар» курдук биэриини көрөөччү олус суохтаата. «Саха Малахова» Георгий Белоусов бу ааптарыскай биэриитин төнүннэриэн сөп дуо?
— Бу интэриэһинэй биэрии, кырдьык, көрөөччү рейтинин биэрэр этэ. Ол эрээри Георгий Белоусов олус сылайбыта диэххэ сөп. Тоҕо? Өскө ити этэр Малаховыҥ биэриитин улахан хамаанда дьоно эбээһинэстэрин үллэстэн оҥорор эбит буоллахтарына, «Харах далыгар» биэриини телесуруналыыс бэйэтэ оҥорор этэ. Кэпсэтэр тиэмэтин, дьоруойун булуу курдук эппиэттээх соругу эмиэ бэйэтэ толороро. Онон сылаалаах буолуон сөп. Оттон интэриэһинэй дьоруойу кытта олох туһунан кэпсэтиитэ кини сөбүлүүр эйгэтэ буоллаҕа. Ол эрээри Георгий Белоусов: «Сынньанным. «Харах далын» саҥалыы оҥорорго бэлэммин», — диэн кэллэҕинэ, аккаастыахпыт суоҕа, үөрүүнэн өйүүргэ бэлэммит.
«Ложкин остолобуойугар» эбиэт олус да уһаата…
— Кэлиҥҥи кэмҥэ «Тэтим» араадьыйа уонна «Ложкин остолобуой» биир ситимнээх буоллулар дии. «Ложкин» диэҥ кэрэх, «Тэтими» саныы түһэҕин, «Тэтим» араадьыйа диэни иһиттэххэ, «Ложкин» остолобуойун саныы түһэҕин. «Пластинканы» уларытар кэм кэлбэтэ дуо? Кыайыылаахтары эбиэккэ эрэ буолбакка, киинэҕэ, тыйаатырга, циркэҕэ, музейга, зоопаркаҕа ыҥырыахха сөп дии. Оттон олох эбиэт буоллаҕына, атын да кафе, ресторан, остолобуой үгүс…
— Эн: «Тэтим» араадьыйаҕа туох уларыйыы тахсыан сөбүй?» — диэн ыйытаргын өйдөөтүм. Бу маннык чэпчэки хайысхалаах араадьыйа биэриитин ыытыыга Саха араадьыйатын үлэһиттэрэ эрдэттэн бэлэмнэнэн, үлэлиир хайысхаларын торумнаан баран көспүттэрэ. Үс ый кэнниттэн истээччилэрбит ортолоругар социологическай чинчийиини ыппыппыт. Истээччи ахсаана эмискэ улаата түспүтэ. Ол эбэтэр массыынанан айаннаан иһэр киһи «Тэтим» диэки «хайыспыта». Биллэн турар, эн бэлиэтээбитиҥ эмиэ сөп. Наар биир «Ложкинынан» хас да сылы быһа ырааппатыҥ чахчы. Онон биэриилэр ис хоһоонноругар дьону интэриэһиргэтэр сонун хайысхалары тобулуохпут. Ити курдук кэмиттэн кэмигэр дьон санаатын истэр, ону учуоттуур өрүтү толкуйдуохпут.
Турантаев уонна Скрябин кистэлэҥ «быһа сибээстээхтэр» дуо?
— «Тоҕо быһа эфиргэ өрүү Уйбаан Турантаев уонна Ермолай Скрябин ала чуо тахсалларый? Кинилэргэ атын төлөпүөнүнэн быһа сибээс баар быһылаах…» диэн дьон кэпсэтэрин истибитим. Ити төһө оруннааҕый?
— Турантаев уонна Скрябин – Саха араадьыйатын эрэллээх истээччилэрэ. Кинилэр курдук истээччи барыта араадьыйаҕа итинник бэриниилээҕэ буоллар ханнык! Оттон ол иһин биһиги Саха араадьыйатын үлэтин хайысхатын уларыттахпыт дии. Өрүү биир биэриигэ наар үс-үөрт эрэ киһи кыттыһар этэ. Онон уопсастыбаннай санаа бүтэн хаалара. Билигин оннук буолбатах. Суруналыыстар ыытар биэриилэригэр да, дьону саататар оонньууларыгар да быһа эфиргэ өрөспүүбүлүкэ араас улууһуттан тахсан кыттар буоллулар. «Эр хоһуун» биэриигэ эр дьон хото эрийэр буолла. Оттон Уйбааннаах Ермолай, олоххо көхтөөх дьон, истээччигэ уокка арыылаах алаадьы биэрэрдии, кэпсэтиини «күөдьүтэн» биэрэн, бэйэлэрин кэннилэриттэн «батыһаннараллар». Ол буолар, кинилэр бэйэлэрин араадьыйаны кытта көстүбэт «кистэлэҥ быһа сибээстэрэ». Билигин кэпсэтиигэ кыттар дьон элбээбититтэн сылтаан, араадьыйа режиссердара элбэх ханааллаах төлөпүөнү туруорарга туруорсаллар. Ити боппуруоһу сотору кэминэн быһаарыахпыт.
Бэйэ-бэйэни үтүктүү дуу, уопут атастаһыы дуу?
— Мин бу ыйытыыларбын көрөөччүлэр уонна истээччилэр санааларын түмэн биэрэбин. Кэлиҥҥи кэмҥэ тэлэбиидэнньэ ыытааччылара олорордуун, ыытардыын Арассыыйа бэриилэрин «куоппуйалыыллар» диэн санаа баар.
— Аныгы кэмҥэ айар дьон бэйэ-бэйэлэриттэн үөрэнэллэрэ туох куһаҕаннаах буолуой? Оттон киин тэлэбиидэнньэ ыытааччылара кимнээхтэн үөрэнэллэрэ буолуой? Омук ханаалларыттан. Билигин «рейтингэбэй» дэнэр биэриилэри хампаанньалар анаан атыылаһан ылан көрдөрөллөр дии. Холобур, «Голос» биэрии. Ити үтүктүү буолбатах. Сонун сүүрээни уларытан киллэрии бобуллубат. Ыытааччылар үөрэнниннэр, бэйэлэрин буочардара онтон тобуллан тахсыаҕа.
«Хампаанньа сирэйэ харыстаныахтаах…»
— «Саха» НКИХ айар куттаах үлэһиттэрэ урууларга, үбүлүөйдэргэ тамадалыыллара төһө сөптөөҕүй?
— Ыйытыыгын өйдөөтүм. Кырдьык, «Саха» НКИХ статуһа олус улахан суолталаах. Судаарыстыбаннай тэрилтэҕэ үлэлиир, дьоһуннаах биэриилэри ыытар киһи дьону саататар тэрээһиннэри ыытарын биир бэйэм испэр киллэрбэппин. Үлэ чааһын кэнниттэн ким бэйэтин сөбүлүүр дьарыгынан дьарыктанара көҥүл эрээри, биһиги идэбитин кытта ити дьүөрэлэспэт. Онон, бастатан туран, хампаанньа сирэйэ харыстаныахтаах.
— Кэлиҥҥи кэмҥэ хампаанньа сериаллары оҥорон, саха киинэтин сайыннаран эрэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Сотору кэминэн «Ааспыт ааспат амтана…» диэн сериал салгыытын көрүөх курдукпут дуу?
— Саха киинэтин индустрията сайдыытыгар хампаанньа айар үлэһиттэрэ оҥорон таһаарбыт сериаллара улахан өҥөлөөхтөр. Онон биһиги үлэ бу көрүҥүн салгыы сайыннарабыт. Сэтинньи 19 күнүгэр «Ааспыт ааспат амтана…» диэн сериал салгыыта көстүөҕэ. Былырыын 16 сериялаах киинэ эбит буоллаҕына, быйыл 24 серия көстүөҕэ. Киинэ көстөр бириэмэтин эмиэ уһаттыбыт. 25 мүнүүтэттэн 39 мүнүүтэ буолуоҕа. Киинэни киин куоратынан, тыанан бэрт интэриэһинэй гына уһуллубут.
Спорт баһылыыр-көһүлүүр оруолу ылбат ини?
— Эн спортивнай суруналыыс быһыытынан биллэҕин. Онон хампаанньа үлэтин хайысхата спортка иэҕиллибэт ини?
— Мин үлэ көрдүү кэлэрбэр хампаанньаҕа спортивнай эрэ салааҕа миэстэ баара. Оччолорго мин спортка улаханнык сыстыбатах киһи этим. Оҕо сылдьан тустууга күрэхтэһэрим. Үгүс саха ыччата оннук күрэхтэһиилэргэ кыттан улааттаҕа. Баҕар, ол кэмҥэ үөрэх дуу, култуура дуу салааларыгар миэстэ баара буоллар, биллэн турар, ол да эйгэлэргэ аһыллан үлэлиэм эбитэ буолуо. Идэбин сөбүлүүрүм бэрт буоллаҕа. Онон бары хайысхаҕа тэҥинэн болҕомто ууруллуоҕа.
Тэрилтэни «сиппийэр» былаан баар дуо?
— «Саҥа сиппиир саҥалыы сиппийэр» диэн өс хоһооҥҥо олоҕуран, кэпсэтиибитин онон түмүктүөх. Аныгы кэм сиэринэн тэрилтэҕин «сиппийэр» санаалааххын дуо?
— Суох. Бэйэм үлэлиир хамаандабар кыра уларыйыы баар буолуоҕа. Оттон айар кэлэктиип оннунан хаалыаҕа.
… Ити курдук «Саха» НКИХ генеральнай дириэктэрэ Олег Марковы кытта икки чаас устата санаа атастаһан, бэрт үгүс тиэмэни хабан кэпсэттибит. Кэскиллээх толкуйдаах салайааччыга ылсыбыт дьыалата ыпсан иһэригэр баҕарабыт.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: «Саха» НКИХ архыыбыттан