БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: «Ол тиистэргитин бэйэҕитигэр олордуҥ!»

Ааптар:  Биэтэс Билээхэп
14.10.2024
Бөлөххө киир:

Дьэ, буолар да эбит, утуйан таҥхаалыйа сытан түүл түһээтэҕим үһү. Урут даҕаны, син ону-маны, тугу эрэ түһүүр курдугум эрээри, уһуктан баран таһыччы умнан кэбиһэрим, санаабар да туппатым. Бу сырыыга бөөлүүҥҥү түүлүм санаан кэллэҕим аайы харахпар тыыннаах киинэ курдук көстөн кэлэрэ дьикти. Ол туох ааттааҕы түһээтиҥ, диэн интэриэһиргиир буоллаххытына, кэпсиим.

Дьэ доҕоттоор, айаҕым иһигэр тиистэрим туллаҥнас буолан хаалбыттар. Бэл, бэйэм икки инники тииспин, кэлин балталарбын турута тардыталаатым. Кылаабынайа, хаан-сиин суох, миилэбэр оннулара эрэ хараарар. Аны, интэриэһинэйэ диэн, олох ыалдьыбат. Түүлгэ тиис туллара куһаҕаҥҥа, өлүүгэ-сүтүүгэ көстөр дииллэрин өйдүү биэрэн, соһуйан, куттанан, ыксаан көлөһүнүм сарт түһэн, уһуктуохча уһуктубаппын. Иэдээн эбит диэн, дьоммун-сэргэбин барыларын санаталаан, ырытан көрбүтүм, төрүттэрим, төрөппүттэрим ол дойдуга бараахтаабыттара быданнаабыт. Эргиччи оҕо-уруу, эдэрдэр, саас ортолоохтор эмээхсиним биһиккини тулалыыллар эбит. Биһиги уочараппыт чугаһаабыт, кэннибит уһаабыт, иннибит кылгаабыт. Бу алдьархайы, сорох сиэннэрбит өссө да кыралар, атахтарыгар туруохтарын наада. Онон эмээхсиним, дьахтар киһи, оҕолоругар күүс-көмө буолара, сиэннэрин араҥаччылыы сылдьара ордук, өссө да уһуннук бу Орто дойдуга олоро түстүн диэн быһаарынан, уоскуйбут курдук буоллум.

Ол гынан анараа дойдуга хайдах балык айах буолан аттаныахпыный дии санаан, туурулларын туурдаран, кэтиллэр тиис оҥорторо тиис балыыһатыгар тиийдим. Ким эрэ хаппыт, били улуу бэйиэт Пушкины ытан өлөрбүт Дантис дуу, Дантес дуу курдук ааттаах бэликилииникэҕэ киирбитим, быраастар, сиэстэрэлэр чыбыгыраһыы, кутуруктара субуруһуу бөҕө! Тугу эрэ быыстала суох кирэллэр, кэбийэллэр, тиистэрэ биир кэм килэбэчиҥнии олорор. Бэйэм эмиэ күтэр буолан хаалбыппын. Үрдүбэр саба түһэн, айахпын ыыра тарда сыһан сытыы тыҥырахтарынан миилэлэрбин тэһитэ кымаахтаан, тиистэрбин барытын ньылбы сотон ыллылар. Уонна: «120 тыһыынча солк. ууран кул, сибилигин даҕаны айаххар толору сабыс-саҥа тиистээх тахсан барыаҥ», –дэстилэр. Мин сиэппэр баппат улахан сууманы истэммин, соһуйан хаалан, сүүскэ бэрдэрбиттии дөйүөрэн олоро түһэн баран: «Ол тиистэргитин бэйэҕитигэр олордуҥ!» – диэн хаһыытаабытынан уһукта биэрдим. Итэҕэйбэккэ айахпын хаһыспытым, абына-табына да буоллар, бэйэлээх бэйэм тиистэрим бааллар эбит. Өссө да ону-маны мүлүктүү түһүүһүбүн. «Дьаабал, ону-маны түһээн, түөһэйээри кыннаҕым дуу…» диэн сиргэ силлээтим, холкутаан, уоскуйан өрө тыынным.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1