«Биһиги дойдубут алмааһы хостуур бырамыысыланнаһын устуоруйата – дьоруойдуу быһыы холобура. Сүҥкэн тутууларга алмааһы хостооччулар хоодуот майгылара хатарыллыбыта. Оттон билигин алмаастаах кыраай тыыннаах устуоруйатын алмааһы бастакы хостооччулар үбүлүөйдээх көрсүһүүлэригэр: сытыы харахтаах бэтэрээннэр истиҥ мичээрдэригэр, нус-хас олорон кэпсэтиилэригэр көрүөххэ сөп».
edersaas.ru
Итинник тылларынан Үөһээ Бүлүү улууһа АЛРОСА-ны кытары бииргэ үлэлээһиннэрин үгүс сыллаах үтүө үөрүйэхтэригэр анаммыт «Алмазов якутских невидимые грани…» кинигэ саҕаланар.
Үбүлүөйдээх кинигэ сүрэхтэниитэ бэс ыйын 3 күнүгэр Айхал бөһүөлэгэр үс өйдөбүнньүк бэлиэ – САССР 100, «АЛРОСА» тэриллибитэ 30 уонна хампаанньаҕа Бүлүүттэн баахта бастакы биригээдэтин тэрийии 30 сылларын (алмааһы хостуур бырамыысыланнаска олохтоох нэһилиэнньэни тардарга аналлаах дьаһал саҕаламмыт) чэрчитинэн ыытылынна.
«Арассыыйа хас биирдии олохтооҕор Саха сирэ, бастатан туран, алмааһы кытта дьүөрэлэһэр, онтон Саха сирин саҥа устуоруйата алмаас хампаанньатын кытары ыкса сибээстээх. Ол гынан баран, биһиги бу кинигэҕэ алмааһы хостуур үлэһит дьон – Саха сирин эрэ буолбакка, биһиги улахан дойдубут сайдыытын уһансыбыт уонна уһанса сылдьар оробуочайдар туһунан кэпсиэхпитин баҕарбыппыт. Бу кинигэни элбэх дьон, ол иһигэр дьоруойдар, кыттыгастара суох суруйар кыаллыбат этэ. Айар бөлөх уонна тус бэйэм ааппыттан кинигэ тахсарыгар биһигини өйөөбүт, биһиэхэ тугунан да сыаналаммат матырыйааллары биэрбит хас биирдии ааптарга истиҥник махтанабыт. Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын салайааччыта Владимир Егоровка улахан махталбытын этэбит», – диэн кинигэ ааптара уонна хомуйан оҥорооччута Агния Игнатьева эттэ.
Быйыл Саха сирин хас биирдии оройуона, административнай сирэ-уота өрөспүүбүлүкэ үбүлүөйүн үрдүк ситиһиилэрдээх көрсөр, ону сэргэ устуоруйаны хайыһан көрөн суолталаах түгэннэргэ сыанабыл биэрэр.
Кинигэҕэ 1990-с сылларга улуустар дьаһалталара уонна АЛРОСА бырамыысыланнай тэрилтэ дьоһун суолталаах соругу – судаарыстыба туруорбут социальнай соруктарын быһаарарга хайдах үлэлээбиттэрэ көстөр.
Үгэстэри утумнаан
Кинигэ бүтүн Саха сиригэр дьоһун суолталаах. Кинигэ сирэйдэригэр өрөспүүбүлүкэ алмаастаах бырамыысыланнаһын, алмааһы бастакы хостооччуларын уонна билиҥҥи эдэр исписэлиистэрин туһунан кэпсэнэр. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ уонна дойдуга алмаас бырамыысыланнаһа сайдар кэмигэр, отучча сыллар устата тыа сирин дьонун туһунан киһини уйадытардыы суруллубут. Кинигэ хас биирдии дьоруойа бэйэтинэн билбит түгэннэрэ көрдөрүллэллэр. Хас биирдии киһи бэйэтин суруйбут устуоруйатыгар Саха сирин кэлэр көлүөнэтин албан ааттаах кэскилэ тыктарыллар, кинилэртэн хампаанньа, өрөспүүбүлүкэ уонна дойду инникитэ тутулуктаах.
«Кинигэ хас биирдии баһа алмааһы хостооччулар олохторун ойуулуур эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ бырамыысыланнаска кыттыытын туһунан суолталаах боппуруоска чопчу харданы биэрэр. Алмааһы хостуур бырамыысыланнас олохтоох каадырдара билигин идэлэрин толору баһылаабыт, үрдүк кылаастаах исписэлиистэр уонна АЛРОСА уопуттаах салайааччылара буоллулар. Кинилэртэн үгүстэрэ килбиэннээх үлэлэрин иһин судаарыстыба үрдүк наҕараадаларын ылла. Билигин биһиги кэлэктииппитигэр алмааһы хостуур иккис көлүөнэ Үөһээ Бүлүүттэн алмааһы хостооччулар уолаттара уонна кыргыттара үлэлииллэр.
АЛРОСА үлэлиир сиригэр экэниэмикэ бигэ туругун уонна үлэ сөптөөх усулуобуйатын хааччыйыы – хампаанньа инники күөҥҥэ сылдьар соруктарыттан биирдэстэрэ. Ол иһин, билигин Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх бастакы хостооччулар үгэстэрин дьаныардаахтык салҕыыбыт уонна Саха сирин улуустарын олохтоохторун үлэҕэ ыларга өрөспүүбүлүкэни кытары холбоһуктаах үлэни ыытабыт. Үөһээ Бүлүү улууһуттан бастакы алмааһы хостооччулар – геологтар, шахтердар, улахан кыамталаах массыыналар суоппардарын дьыалалара өрөспүүбүлүкэ таһымыгар эрэллээхтик салҕанар.
“Алмазов якутских невидимые грани…” кинигэни ааҕар ыччат өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын бэйэтин үлэтинэн хааччыйар АЛРОСА иллээх-эйэлээх улахан кэлэктиибигэр идэҕэ карьераны оҥостор туһунан толкуйдуоҕар эрэнэбин», – диэтэ АЛРОСА Саха сиринээҕи отделын начаалынньыга Ладимир Аргунов.
Олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска
Саха сирин бырамыысыланнаһын сайдыыта 1924 сылтан, 26 саастаах Максим Аммосов биһиги өрөспүүбүлүкэбит бырамыысыланнаска сайдар кыаҕын быһаарар соруктаах ССРС Наукаларын академиятын дойду улахан учуонайдара кыттыылаах наукаҕа эспэдииссийэтин көҕүлээһини ситиспититтэн саҕаламмыта.
ХИФУ философияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, философия наукатын дуоктара Андрей Саввинов бэлиэтээбитинэн, Агния Дмитриевна кинигэтэ сахалар бырамыысыланнаска, чуолаан алмаас хостооһунугар, кыттыыларын саҥа таһымын итэҕэтиилээхтик ойуулуур. 90-с сылларга Үөһээ Бүлүү оройуонун ыччата саҥа хамсааһыны – АЛРОСА үлэтигэр дьоҕус баахта ньыматынан үлэлээһини саҕалаабыта. Бу – сотору кэминэн үөскүөхтээх «Олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска» бырайыак төрдө. Бу хамсааһыны саҕалааччы – кинигэ ааптара, оччолорго Үөһээ Бүлүү Дьарыктаах буолуу киинин салайааччыта Агния Игнатьева. Хамсааһын биһиги өрөспүүбүлүкэбит салалтатын, оройуон таһымыттан өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар уонна бэрэсидьиэнигэр тиийэ өйөбүлү ылбыта. Онон дьоҕус баахта ньымата социальнай бииргэ үлэлээһин саҥа хаачыстыбалаах ньыматыгар кубулуйбута.
Кинигэ күн аайы хардыылаан, олоххо туһалаах киһи буолар уонна кэскили түстэһэр ыра санаалаах дьон туһунан кэпсиир. Кинилэр билигин Саха сирин хас да тыһыынчанан ахсааннаах горняктарыгар – алмааһы хостооччулар кэккэлэригэр бэйэлэрин киэн тутта киллэрэллэр.
«Икки ый анараа өттүгэр миэхэ ааптар Агния Игнатьева үбүлүөйдээх кинигэни сүрэхтиир туһунан этиилээх кэлэ сылдьыбыта. Бу – 90-с сылларга бииргэ үлэлээһин саҕаламмытын, баахта бастакы үлэһиттэрэ – олохтоох ыччата хампаанньаҕа хайдах үлэҕэ киирбитин, олохтоох каадырдары бырамыысыланнаска үлэҕэ ыларга бэлэмниир систиэмэ хайдах оҥоһуллубутун кэпсиир балачча улахан кинигэ. Сүрэхтэнии, биллэн турар, алмаастаах хампаанньа базатыгар ыытыллыан сөбө. Билигин АЛРОСА-ҕа СГУ (ХИФУ), МПТИ бүтэрбиттэр үлэлииллэр. Кинилэр оробуочай идэттэн саҕалаан, билигин үгүстэрэ араас таһымнаах салайааччылар буоллулар. Кинигэ АЛРОСА-ҕа киириэн баҕалаахтарга туһалаах», – диэн Айхал бөһүөлэк «Эрэл» национальнай-култуурунай холбоһук бэрэссэдээтэлэ Наталия Трофимова кэпсээтэ.
Оттон бу ыстатыйаны Андрей Саввинов «Агния Дмитриевна кинигэтэ – дойдуга ыарахан кэмнэринэн биллибит 90-с сылларга, АЛРОСА сөптөөхтүк сайдарыгар олук ууруллубут кэмигэр Саха сирин дьонун хорсун быһыытын ойуулаан көрдөрөр» диэн тылларынан түмүктүөхпүн баҕарабын.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайтка анаан Андрей ШИЛОВ суруйуутуттан тылбаас