— Оҕонньоор, бүгүн бэртээхэй күн буолбут ээ, тахсан хаамаар эрэ. Ол эрэн, тыаллаах, саал былааккын баанаар.
— Дьэ, тахсыам. Ол эрэн… ол эрэн диэ. Онно тугун эрэнэбин? Тыаллаах буоллаҕына, мин эрэнэрбиттэн тутулуга суох тыалырар ини.
— Бай! Эйигин эрэн диэтим дуо?
— Диэтиҥ.
— Чэ, баайсыма, баҕардар тахсыма, ол эрэн күн чаҕылыччы тыкпыт, мин тахсыам, хаамыам.
— Ити, эмиэ эрэн диэтиҥ, мин эрэнэрбин- эрэммэппин күн ыйыппакка чаҕылыҥныыра буолуо ээ.
— Чэ, кэбис, кэпсэтэн туһа суох, туох эрэ буолбуккун оҕонньоор, мин бардым, олор. Ол эрэн, тахсаары гыннаххына, эппитим курдук саал былааккын баанаар.
— Эрэн, хайаан да бааныам. Эрэн!
Эмээхсин ити тылы соһуйа иһиттэ, ботугураата.
— Эрэн, эрэн, эрэмньи… ол эрэн, ол эрэн… Ол ЭРЭЭРИ! Ол эрээри, кырдьык даҕаны, ол эрээри дэттэрээри оҕонньорум баайсар эбит ээ. Бээрэ, ити хаһааҥҥыттан «ол эрээри» диирбитин уларытан «ол эрэн да, ол эрэн» диир буолан хаалбыт муҥмутуй? Оннооҕор тэлэбиисэргэ, араадьыйаҕа, хаһыакка кытта «ол эрэн» диэн саҥараллар, суруйаллар, кинигэҕэ эдэр суруйааччылар биир оннук. Тыл уларыйара дөбөҥ да буолар эбит. Оо, хата атын санааҕа ыллардым ээ, хайдах көнөрө буолла? Үтүктээйи буоллубут диэн сөпкө да этэллэр эбит, били, биир с…х ынах хотону олоччу тунуйар дииллэрин курдук, буолбуппут. Тыый!
Наталья МОРДОВСКАЯ – Уйан Кут.
Хаартыска: detsad12.yaguo.ru