Ксенофонт Оконешников: «Козаны иитии сүрдээх боростуой эбит»
Кэнники кэмҥэ Саха сиригэр козаны, барааны иитэр дьон элбээтэ. Хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитии саха норуотун төрүт үгэһэ буоллаҕына, бу атын эрэгийиэннэр дьиэтээҕи кыыллара биһиги усулуобуйабытыгар, сирбитигэр-уоппутугар хайдах төрөөн-ууһаан, тугу аһаан-сиэн олороллоруй?
Бу туһунан Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатыгар сааһын тухары үлэлээбит, үөрэҕи уонна үлэни тэҥҥэ дьүөрэлээбит Ксенофонт Федорович Оконешниковтыын кэпсэттим. Кини урут наар тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр үлэлии сылдьан, ынах, сылгы иитиитинэн дьарыктаммыт буоллаҕына, аҕыйах сылтан бэттэх козаны тутан эрэр.
— Ксенофонт Федорович, дорообо! Бэйэҕин билиһиннэр эрэ.
— Иркутскай аграрнай университетыгар зоотехник идэтин бүтэрбитим. (2005 сыллаахха Хабаровскайга салайыы академиятын бүтэрбит, ааптар быһаарыыта). Уонна сааһым тухары тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит киһибин. 2000 сыллаахтан үс сыл Чурапчы улууһун тыатын хаһаайыстыбатын салаатын, онтон сэттэ сыл СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр сүөһү иитиитин департаменын салайбытым. Кэнники биэс сыл бэйэм тэрийбит аттар боруодаларын бүддьүөттэн үбүлэнэр селекционнай киинигэр салайааччынан үлэлээбитим.
Бу тэрилтэлэргэ үлэлии да сылдьаммын, уотууга диэн куруук сүөһүнү тутар этим. Даачаҕа кыра хотон туттаммын, биэс-алта ыйдаах ньирэйдэри ылан, көннөрү уотууга диэн туруорарым. Сарсыарда биэс чааска тураммын, сүөһүлэрбин аһатан баран, сэттэҕэ киирэн суунан-тараанан аһаан баран, министиэристибэ тоҕус чаастаах мунньаҕар киирэн олорор буолааччыбын. Киэһэ үлэ чааһын кэннэ, эмиэ сүөһүлэрбин кытары бодьуустаһабын. Онон, уонча сыл уотууга диэн сүөһүлэринэн дьарыктанан кэллим. Былырыыҥҥыттан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсаммын, сүөһүлэрбин, козаларбын төрөтөн, бэйэм көрөн олоробун. Жатайга баазабар түөрт ыанар ынахтаахпын, алта козалаахпын. Ынахтарым үүтүн Тулагы Киллэмҥэ туттарабын, козаларым үүтүн сүөгэйдээн, көннөрү бэйэтинэн сиибит-иһэбит.
— Козаны иитэр санаа хайдах киирдэ?
— Бу иннинэ өссө сүүрбэччэ барааны иитэ сылдьыбытым. Биэс сыл анараа өттүгэр үс ыанар козаны ылан баран, сатаан көрүө суохпун диэн эдьиийбэр Чыаппараҕа таһааран кэбиспитим. Эдьиийим аах козаларбын бастаан утаа, «ынахтар сиргэнэллэр, сыттара куһаҕан» диэн сирэн баран, сайын тахсан ылаары гыммыппар, аны сөбүлээннэр хаалларбыттара. Сиэннэрэ наар тымныйар, дьаҥныыр бэйэлэрэ, коза үүтүн иһэн ыалдьыбат буолбуттар үһү. Ол курдук, аҕыйах сыл сынньанан баран, иллэрээ сылтан козаларбын иитэн эрэбин.
— Козаны иитии, дьэ, хайдах эбитий?
— Кырдьыгын эттэххэ, сөбүлээтим. Ынаҕы кытта тэҥнээтэххэ, көрүүтэ сүрдээх боростуой эбит. Ордук дэриэбинэ сааһырбыт дьонугар барсар эбит диэн санааҕа кэллим. Кырдьыы бэрээдэгинэн, кыаммакка ынахтарын эһэр дьоҥҥо коза иитиитэ аа-дьуо барсар эбит. Бастакытынан, улаханнык ыараханы көтөҕөлөөбөккүн, ньирэйдэри тардыаласпаккын, саах таспаккын. Иккиһинэн, коза аҕыйах окко наадыйар эбит. Холобура, икки коза алта-сэттэ рулон отунан сыл тахсар эбит. Бэйэтэ сылдьан оту сиир, биллэн турар, эбии аһылык хайаан да наада: хаппыыста, моркуоп, бурдук.
Аны туран, коза үүтүн туһатын, хаачыстыбатын туһунан этэ да барбаккын. Коза үүтүн сыатын хааппылалара биэс төгүл бытархайдар. Ол аата, коза үүтүн биир ыстакааны испитиҥ ынах үүтүн биэс ыстакааны испиккэ тэҥнээх.
— Коза, кэпсииллэрин курдук, кырдьык оннук куһаҕан сыттаах дуо?
— Тыһы коза туох да сыта суох, үүтүн сыта наһаа үчүгэй. Арай биир атыырдаахпын. Мин кэтээн көрүүбүнэн уонна интэриниэккэ да суруйалларынан, козел балаҕан уонна ыам ыйдарыгар иссэр кэмигэр сыта хойдор эбит. Уопсайынан, козелу туспа тутуохтаах эбиккин. Кэргэннэһэн да хаалбатыннар, сыта да кэлбэтин диэн.
Коза эмиийин үстэ төхтүрүйэн сууйабын. Бастаан уулаах тирээпкэнэн сууйабын, онтон саҥа уунан сайҕаан баран, ыраас тирээпкэнэн сотобун. Ону таһынан, куруук массаастыы сылдьыахха наада.
— Төһө өйдөөх кыылларый?
— Дьикти өйдөөх кыыллар. Биирдэ эмэ кыыһыран оҕустаххына, ол күн киэр хайыһа сылдьаллар. Оттон имэрийдэххинэ, эйэлэһэр курдук буолаллар. Сыһыыга сырыттахтарына, «козалар, кэлииҥ-кэлииҥ» диэн ыҥырдаххына, суксураһаннар тиийэн кэлэллэр ээ. Ол эрээри, козалар ынахтар курдук хотоҥҥо бииргэ турбаттар. Тоҕо эрэ бэйэ-бэйэлэрин кэйсэр идэлээхтэр. Онон иккилии араартаан туруорабын.
— Туох эмэ ыарыыга ыллартарыахтарын сөп дуо? Кинилэргэ өстөөх кимий?
— Улахан суох. Арай ыттар саба түһээччилэр. Быйыл ыалларбыт ыттара кэлэн тутан, бааһырдыбыттара. Укуоллаан, кыратык эмтээн, хата бэйэлэрэ аһарыннылар. Ыарыыга да ыллартарбаттар. Бэл диэтэр, маститтаатахтарына да бэйэтэ сылдьан үтүөрэр эбит. Онон, көннөрү үчүгэйдик аһата-сиэтэ, көрө-истэ сырыттахха, бэйэлэрэ да бэркэ сылдьаллар.
— Үүтэ ордук туохха туһалыыр эбит дии санаатыҥ?
— Наадалаах битэмииннэринэн баайынан, гипоаллергеннай эттиктэрдээҕинэн оҕолорго бэртээхэй аһылык. Үүтүн хойуута 4,6-ҕа тэҥнэһэр, ол эрээри, төһө да ийэ үүтүн солбуйар диэтэллэр, син биир ууга суурайан биэрэр ордук.
— Козаны иитиэн баҕарар дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Билигин Чыаппараҕа олорор сүөһүлээх эдьиийим күһэйиллэн козаны иитэн баран, кырдьан баран кыамматахпытына, коза ииттиниэхпит диэн этэр.
Уопсайынан, козалар бэрт баҕайы кыыллар эбит. Кинилэри сөбүлүөххэ эрэ наада.
Кырдьык, сааһырбыт дьон сүөһүнү көрөллөрүгэр ыарырҕаталлар. Ол эрээри, кинилэр натуральнай, иҥэмтиэлээх аска наадыйар буоллахтара дии. Онон, доруобуйа эрэ баар буоллар, козаны иитэн көрүөхтэрин сөп эбит.
Виктория Бястинова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru