Окко киирэр күн үүннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн окко киирэр күн, православнайдар Бөтүрүөп таҥара күнэ диэн бэлиэтииллэр.

Сайын өрөгөйө. Куйаас, этиҥнээх ардах түһэр.
Быйыл халлаан куйааһын нуорматын эрдэ бүтэрэн мантан инньэ өҥүрүк куйаас оччо түспэтэ буолуо. Дьокуускай тулатыгар искусственнай сөҥүү эбиллэн балачча ардах түстэ.
Бу кэмҥэ от-мас муҥутаан ситэр, эмтээх бэссэстибэни, араас иҥэмтэлээх эттиктэри, битэмииннэри, минераллары толору мунньунар. Онон бу кэмҥэ оттоммут от, хомуллубут эмтээх үүнээйи муҥутуур туһалаах буолар.
Хаптаҕас, дьэдьэн, биэ эмиийэ, киис тиҥилэҕэ буста. Сир аһын барыанньалыах, хаһааныах иннинэ кичэйэн сууйан, таһыгар мустубут араас кириттэн-хоҕуттан ыраастыыр сөп.
Үрдүк хаачыстыбалаах эмтээх оту өссө да нэдиэлэ кэриҥэ хомуйар кыах баар.
Сайын өрөгөйдөөн турар, саха киһитэ окко киирэр күнэ үүммүтүнэн эҕэрдэлиибин!

Гавриил Угаров – Эһээ Дьыл,

биология билимин дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ, суруйааччы.

Хаартыска: gallery.ykt.ru ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0