Хомойуох иһин, дьон ойуурга баран мунар, сүтэр түбэлтэлэрэ тахса турар.
edersaas.ru
Сир асчыттар, тэллэйдьиттэр, булчуттар, туристар ойуурга муммат туһугар ханнык судургу быраабылалары билиэхтээхтэрий?
- Тыаҕа бараргар ханнык сиргэ тиийэргин уонна төһөҕө төннөр санаалааххын чугас дьоҥҥор эт;
- Кыаллар буоллаҕына, барар сириҥ каартатын үөрэт. Ойууртан тахсарга туох бэлиэ сир, хайысха баарын бэлиэтэн эбэтэр өйгөр тут. Билбэт сиргэр иһирдьэ ыраах кииримэ.
- Сырдык таҥаһы кэт (кытархай, араҕас, үрүҥ өҥнөр ойуур иһигэр үчүгэйдик көстөллөр).
- Кырдьаҕас дьону уонна оҕолору ойуурга соҕотохтуу ыытыма.
- Ойуурга барбыт киһиҥ күүппүт кэмҥэр кэлбэтэҕинэ, полицияҕа эбэтэр быыһааччыларга биллэр.
Ойуурга тугу илдьэ барылларый?
Төлөпүөн – толору иитиилээх.
Эмп-том – эми иһэ сылдьар буоллаххына, саатар күнүскү эмкин саппааһыр.
Банаар – ардахтаах күҥҥэ сырдатынарга, «хаһыытыыр» банаарык кыылы-сүөлү куттуурга.
Ардахха кэтиллэр сону эбэтэр полиэтилен пленканы.
Свисток – киһи хаһыытыырынааҕар үс төгүл ыраахтан иһиллэр.
Испиискэ, табах уматтар тэрил – уот отторго, кыылы-сүөлү куттуурга, быыһааччылар буруону көрөллөрүгэр.
1,5 лиитэрэ курдук уу – киһи уута суох ортотунан 3 күн сылдьыан сөп. Чэпчэки, калорийдаах ас.
Компас – сатаан туттубат да буоллаххына, ойууртан тахсаргар туһалыа.
Сыыһа дьайыылары оҥорума
Быыһааччылар кэлиэхтэригэр диэри муммут сиргиттэн сыҕарыйбатыҥ ордук. Биир сиргэ хаал эбэтэр уот линиятын, гаас ситимин уонна да атын хайысхалары көрөн, сөпкө тахсарга эрэллээх буоллаххына эрэ инниҥ диэки бар.
Мобильнай төлөпүөҥҥүнэн чопчу наадаҕын эрэ кэпсэт.
Сиикэй ууну иһимэ, аһыҥ саппааһын төһө кыалларынан ордоруна сатаа (саатар 3-4 хонукка суоттан).
Биир эрэ улахан кутааны оттума. Хас да кыра кутааланнаххына, ыраахтан көрөллөрүгэр табыгастаах буолуо. Ардах да кэмигэр охто сытар мас анныгар кураанах сэбирдэхтэри уонна лабаалары булуохха сөп.
Киэһэ буолан хараҥаран бардаҕына, мээнэ бараргын тохтот, ол кэриэтэ түүн хонор сиргин оҥоһун. Мас лабааларыттан тэлгэнэр отто, чарапчыта оҥоһун. Тыалтан уонна самыыртан харыстыахтара.
Утуйа сатаа. Маннык түгэҥҥэ организмҥар сынньалаҥ хайаан да наада. Аһара долгуйан кыайан утуйбат да буоллаххына, сотору сарсыарда буолуоҕун уонна көмө кэлиэҕин туһунан санаа, эрэлгин сүтэримэ.
Буоларын курдук, биир сиргэ хаалбыт уонна суолун буккуйбатах киһини ордук түргэнник булаллар.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru