«Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат»

29.03.2020
Бөлөххө киир:

Нам улууһун Хатыҥ Арыы нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ коронавируһу утары охсуһууга, олохтоохтору сэргэ, Дьокуускай куоракка олорор дойдулаахтара көмөлөһөллөрүгэр махтаналлар. Бу туһунан биһиэхэ нэһилиэктэн Нина Саввина иһитиннэрэр.

— Дьаҥ кэмигэр, Дьокуускай куоракка олорор дойдулаахпыт Галина Эверстова, дьон ханнык эмкэ наадыйарын ыйыталаһан, сайаапка хомуйан, «Пчелка» аптекаҕа аҕалан улаханнык абыраата. Галина Гарильевна маны сэргэ, мааскаларынан, эмтээх отторунан, араас отоннор сироптарынан, салпыаккаларынан, дезинфекциялыыр сириэстибэлэринэн, хаһаайыстыбаннай мыыланан  хааччыйар. Эмп-томп, битэмиин аннотациятын суруйан ыытара болҕомтону тарта. Нэһилиэк олохтоохторо ыраата барбакка, эми-тому дьиэлэрин таһыттан ылан абыраннылар. Бэйэбит дьоммут өйөбүл буолаллара, көмөлөһөллөрө наһаа үчүгэй диэн махтаналлар. «Ойуурдаах куобах охтубат. Дьонноох киһи тутайбат» диэн манныгы этэр буоллахтара, — диэтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0