Киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин араас быттыгар-хонноҕор билигин даҕаны, былыргылыы үгэстэрин тутуһан, ыалтан-дьонтон тэйэн, сорох хара дьайдаахтар былаастартан саһан, сорох киин сир тыастаах-уустаах, түрбүөннээх олоҕун сөбүлээминэ бэйэлэрэ эрэ бүгэн олорор ыал, биирдиилээн дьон баар бөҕө этилэр.
Саха сиригэр бастакы холкуостар тэриллиилэрэ бэрт ыараханнык ааспыта. Ордук аҕам саастаах дьон барахсаттар төрөөбүт түөлбэлэриттэн, алаастарыттан, үрэхтэриттэн, «халдьаайыга тахсыбыт» өбүгэлэриттэн тэйэллэрин ыараханнык ылыммыттара. Ылыммыттара диэн буолуо дуо? Күһэллибиттэрэ. Хаһан да хайыахтарай? Дьону батыһан, сөбүлээбэт да буоллаллар, саҥа сиргэ көстөхтөрө дии. Онтон, дьэ, оннуларын-тойдорун булан эрдэхтэринэ, аны бөдөҥсүтүү диэн ааттаан, кыра холкуостары холботолоон, эмиэ атын киин сиргэ көһүү буолбута.
Кэҥэс соҕус от үрэх хара мас булкаастаах бэс ойуурун туорааты кытта соҕуруу өттүгэр кыракый көлүччэлээх алаас арҕаа өттүгэр, хатыҥ чараҥынан сэлэлии үүммүт бэрт кэрэ сиригэр, самнайбыт балаҕан оһоҕуттан бур-бур буруо тахсар. Таһыгар чугас кыракый хотонноох. Үчүгэйдик сирийэн, болҕойон көрдөххө, эр киһи илиитэ өтөрүнэн сыстыбатах, өрө тардыллыбатаҕа ырааппыт, күөрэ-лаҥкы барбыт күрүө-хаһаа дуомнаах, ханньаччы барбыт ааннаах ампаар дьиэлээх.
Манна сэттэ уонча саастаах эмээхсин сиэн кыыһынаан олороллор. Дьэ, дьонтон-сэргэттэн тэйэн, тоҕо иккиэйэх бэйэлэрэ бу бүччүм сири буллулар? Киин сиртэн, сүпсүлгэннээх олохтон, дьон хараҕыттан дьалты туттан, былаастар сонордоһууларыттан сылайа быһыытыйбыт удаҕан Хараадай эмээхсин, собус-соҕотох сиэнэ кыыс аҕыс кылаастаах оскуола ахсыс кылааһын бүтэрээтин кытта, салгыы үөрэттэрбэккэ, бэйэтин өтөҕөр, Ураһалааҕын алааһыгар, көһөр аакка барбыта. Оо, ама да ааспытын иһин, удаҕан эмээхсин хайаан умнуоҕай, сэбиэскэй былаас бастакы тэриллэр кэмнэригэр төһөлөөх үтүргэҥҥэ, сонордоһууга сылдьыбытын, ол да кэнниттэн төһөлөөх эрэйдээбиттэрин-муҥнаабыттарын бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. Ол бэйэтэ эрэйдэммитэ диэн, дьонун, оҕолорун кытта сонордоһор, туоратар буоллахтара үһү. Хаста даҕаны бу идэтин быраҕарга холонон көрөөхтөөбүтэ да кыаллыбатаҕа, арыый кыра ычалаахтар тохтообуттара. Кини анала-чааһа атын, бэйэтиттэн эрэ тутулуктааҕа эбитэ буоллар, ама да буолуо этэ, ону баара, айдарыылаах идэтин силиһэ-мутуга, ыйааҕа-анала ыраахтан эбит этэ. Онон Хараадай эмээхсин киин сиртэн балтараа көс тэйиччи турар аҥаарыгар диэри тимирбит балаҕаныгар сиэн кыыһынаан Ньуккуулуун иккиэйэҕин бур-бур буруо таһааран олорбуттара.
Эмээхсин соҕотоҕун атахтарыгар туруортаабыт үс уолаттара сэрии толоонугар баран охтубуттара. Икки улахаттарын cэрии саҕаланнаҕын сыл кыһыныгар, кыра уолун, Ньуккуу аҕатын, эһиилги сыл сааһыгар сэриигэ атаартаабыта, хайалара да эргиллибэтэхтэрэ. Аҕалара, Хараадай удаҕан эрэ, улахан уол уон үс, орто уол аҕыс, кыра уол үс саастаахтарыгар, соҕотоҕун мас кэрдэ сылдьан, тоҥ мас төбөтө тосту ыстанан, дэҥнэнэн, олохтон олус соһумардык, түөрт уон биэс сааһыгар эрэ сылдьан өлөн туораабыта. Хараадай, эрин аһыйан да хайаахтыай, буолуохтаах буолбутун курдук ылыммыта, тоҕус сорунан, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан уолаттарын атахтарыгар туруортаабыта. Биллэн турар, айылҕаттан бэриллибит идэтинэн, дьонугар-сэргэтигэр көмөлөһөн тула мөхсөрө, манньатын ким тугу дук гыммытынан сөп буолара.
Улахан уолаттар ыал буолан даҕаны оҕо-уруу хаалларбатахтара, оҕолоро уһаабыттара түөрт-биэс саастарыгар эрэ тиийээт төннөөхтөөбүттэрэ. Дьон-сэргэ, кистии-саба «Хараадай удаҕан бэйэтэ ылаттыыр» диэн сири-буору аннынан сипсиһэллэрэ. Ама, хайаан оннук буолуой? Олус да «бэйэтэ ылаттаабатаҕын» иһин, ити кэпсэтии олохтооҕун билээхтиир бөҕө буоллаҕа. Үөһээттэн айдарыылаахтары, үс дойду ааттаахтарын, араас иччилэрин, үөрдэрин-сүүрүктэрин кытта быһаччы ситимнээхтэри, орой-буурай охсуһуулаах, күөн көрсүһүүлээх, икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх түһээн да түүлүгэр баттаппатах быһылааннаах сырыыларга талыллан анаммыттары, бэйэлэрин икки ардыларыгар атааннаах-мөҥүөннээх сыһыаннарын орто дойду көннөрү олохтоохторо хантан билээхтиэхтэрэй, быһааран өйдүөхтэрэй?
Хараадай, кырдьык, уон аҕыс сааһыттан дьонтон-сэргэттэн туора туттан, атын аналлааҕын билинэн, быһыылыын-майгылыын уларыйбыта. Көстөр дьүһүнүнэн, быһыы-таһаа да өттүнэн көрүөхтэн кэрэ кыыс-дьахтар буола улааппыта эрээри, анала атын эбит этэ. Олус даҕаны дүҥүрдэнэн, былаайахтанан кыыран күпсүйбэтэр, олус күүстээх хомуһуннааҕынан, бохсуруйан, илбийэн, сүлүрдээн, тылынан алҕаан, отоһуттаан араас ыарыылары эмтиирэ, көрүүлэнэрэ, инникини да өтө көрөрө, сүтүктээхтэргэ көмөлөһөрө. Кини албан аата, суон сураҕа ырааҕынан-чугаһынан тилийэ көппүтэ.
Хараадай эһэтэ аата ааттаммат улуу ойуун эбитэ үһү. Оттон аҕата ити идэнэн дьарыктамматаҕа диэн дьон-сэргэ билэр эбиттэр. Хараадай дьоно уончата оҕоломмуттарыттан тутан хаалбыттара бу соҕотох кыыстара кини эрэ эбит. Аны бэйэтэ билигин күҥҥэ көрбүтэ, тутан хаалбыта бу сиэнэ Ньуккуу эрэ буолаахтаатаҕа дии. Удаҕан эмээхсин күндү сиэнин үрдүнэн үрүҥ чыычааҕы көтүппэт, аллараанан сур күүдээҕи сүүрдүбэт буола сатаан, бу ыыспатыттан үтүө көҥүлүнэн дьон-сэргэ баар сиригэр көһөр эрэ санаата суох олорбута. Хайа, уонна оччотооҕу былаас Хараадай удаҕаны туора көрүүтэ, бобуута-хаайыыта үгүс буоллаҕа. Ону ол диэбэккэ, кыһалҕалаах кыһыл атахтаах диэбиккэ дылы, араас ыалдьыбыт-быстарбыт дьон ыраахтан-чугастан кэлэ-бара тураллара.
Кыыс дьиҥнээх аата Ньургуһун диэн, ону атастара-доҕотторо уонна эбэтэ оҕо эрдэҕиттэн ыҥыралларынан Ньуккуу диэнтэн атыннык ааттаабаттар.
Ньургуһун оҕо эрдэҕиттэн атын оҕолортон биллэр-көстөр уратылааҕын, бэһис кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, табаарыстара сыыйа-баайа бэлиэтии көрөр буолбуттара. Ол курдук, оҕолор туохтара эмэ сүттэҕинэ, киниттэн ыйытан булан ылаллара. Сасыһа оонньоотохторуна, Ньуккууну ким даҕаны булбат этэ, хаһан бэйэтэ салҕан: «Бу баарбын дии», — диэр диэри. Саамай дьиктитэ диэн, оҕолор бу иннинэ хастыыта эмэтэ көрбүт сирдэригэр саспыт буолара. Уонна хонтуруолунай үлэлэрин сыанатын ыйыттахтарына этэн биэрэн сөхтөртүүрэ. Сайылык оҕолоро сайынын сүөһү бостууктууллара, онно сүөһү сүттэҕинэ, кини сүппүт сүөһү ханна турарын чуо бааччы этэн биэрэрэ.
Ол эрээри, сыыйа-баайа элбэх киһилээх түмсүүлэри сөбүлээбэт буолан барбыта. Ньуккуу бэйэтэ даҕаны киэҥ сиргэ олус тардыспат, хата, ойуурун-сыһыытын, төрөөбүт-улааппыт алааһын, үрэҕин олус астынар, ойуурга күнү быһа да сырыттаҕына салгыа биллибэт.
Онуоха эбии, оскуола сылларыгар атын улахан кылаас оҕолоро удаҕан сиэнэ диэн туора көрөллөрө. Хата, Ньуккуу оччоттон сытыы-хотуу буолан, бэйэтин мээнэ босхо атаҕастаппат этэ, үгүстэр киниттэн бэйэлэрэ да толлор, дьаарханар этилэр. Бииргэ үөрэнэр оҕолоро, хата, көмүскэһэр буолаллара.
Онон Хараадай эмээхсин, кыыс ахсыс кылааһы бүтэрээтин кытта тута, сиэнин салгыы үөрэттэрбэккэ, бэйэтин өтөҕөр көһөн хаалбыта. Онтон ордук Ньуккуу үөрбүтэ. Кини айылҕаттан ордук күүс-уох ылан астынан аҕай кэлэрэ. Ити тухары оту-маһы кытары киһилии кэпсэтэ, кыра оҕону биэбэйдиирдии имэрийэ-томоруйа, ымманыйа сылдьааччы. Биирдэ үс-түөрт лабаата тостубут, кыыл муоһаабыт хатыҥчаана туоһа биир былас курдук сараланан хаалбытынан, үкчү ытыы турар курдук, харах уутунуу ып-ыраас сүмэһинэ сүүрэрин ис сүрэҕиттэн айманан туран, ытамньыйан ыла-ыла, самсаан-холбоон, баайан-үүйэн, бэйэтэ хайдах сатыырынан эмтии сатаабыта.
Ойуур кыысчаана барахсан олус үчүгэй ырыаһыт, таҥара табатын курдук талба-мааны таһаалаах, киһи эрэ хараҕа хатаныах, кыыс киэнэ кылааннааҕа буола ситэн-сириэдийэн тахсыбыта. Икки ынахтарын көрөн-истэн, эмтэнэ кэлбит дьон көмөлөрүнэн син оттоон-мастаан, бэйэлэрэ ыал буолан олорбуттара. Отторун-мастарын тиэнэллэригэр биир көлүүр оҕустаахтара. Бу кэлин, өтөхтөрүгэр көспүттэрэ икки сыл буолбутун кэннэ, эмиэ дьон көмөтүнэн, аныгылыы соҕус дьиэни туттан, онно көспүттэрэ. Били ханньайбыт ааннаах ампаардарын, күөрэ-лаҥкы барбыт күрүөлэрин-хаһааларын арыый өрө тардыммыттара.
Самаан сайын барахсан ааһа охсон, араас дьэрэкээн өҥүнэн симээбит ойуурдара-тыалара, алаастара-сыһыылара аны күһүн барахсан киистэтин алыбынан араас алтан-көмүс солотуутунан арылыйа оонньоотулар.
Арай биир күн, күһүөрү, Ньуккуу соҕотоҕун отонноон баран, түөртүүр ыам саҕана дьиэтин таһынааҕы элгээнин кытыытынан аргыый хааман дьиэлээн истэҕинэ, кэнниттэн хара улар төбөтүн эрэ сиигинэн сыыһа-халты таарыйа сыһан ааспытыгар соһуйан тохтуу биэрээт көрбүтэ, тута-сабаан, тыҥырахтаах көтөр, улардьыт, эккирэтэн кыһыгырайан кэлэн, көхсүгэ тэбэн тип гыннарбытыгар улар муҥнаах, түүтэ бөҕөтө бурҕайбытынан, сиргэ тиийэн өрө тэйиэккэлии түһээхтээтэ.
Тыҥырахтаах көтөр обургу, көтөн кэлбит омуннаах барыытын бытаарда сатаан, кынатын тыаһа улахан холорук курдук өрө куугунуу түстэ да, сүр дохсуннук салгыҥҥа эргиллэ охсоот, булдун ситэри ситэн сиэри төттөрү көтөн кэлэн иһэригэр Ньуккуу, ыһыытыы-ыһыытыы, утары ыстанна. Онтон мэһэйдэппит улардьыт тэйиччи соҕус тиит маска тиийэн хап гына олоро түстэ.
Улар муҥнаах көхсүн хайа тэптэрбит сиринэн хаана бөҕөтө баран, тыҥата тыынарын батыһа, отон уктаах көппөхтөн таска быгыахтыы сытаахтыыр.
Ньуккуу сүүрэн тиийбитигэр куотар да, көтөр да кыаҕын былдьатан сытар эбит.
Кыысчаан бу хап-харанан төгүрүччү көрбүт улар кыылы көтөҕөн, тобугар ууран олорон, түөһүгэр ылан ыксары кууста. Улар муҥнаах сүрэҕин тэбиитэ биир кэм уолугун үүтүнэн тахсыахтыы толугуруу мөхсүбүтүн уоскутуохтуу, кыыс барахсан, хараҕын сабан олорон, бэйэтэ да билбэккэ бааһын оннун таарыйбакка эрэ имэрийэн эрэрдии илбийэ-илбийэ, уоһун иһигэр уларыгар туһаайан ботугуруу олордо. Сотору-сотору, саҥарарын тохтотон, сып-сылааһынан уларын көхсүн оргууй аҕай үрэн сирилэтэр. Ойуур маанылаах көтөрө, ороһуйбута ааһан, утарылаһа да барбакка, харахтарын сабан налыйан хаалаахтаата.
Ойуур Кыыһа айдарыылаах аналын абылаҥар ылларан, төһө-хачча олорбутун да умнан, балачча буолан баран, хараҕын арыйан, тула өттүн дьэ өйдөөн-дьүүллээн көрүннэ.
Күн биллэ арҕаалаабыт, ол аата бэйэтэ да билбэтинэн икки-үс чаас олорбут эбит. Тобугар ууран олорор уларын көрбүтэ, ханан да баас онно баара биллибэт гына бүтэйэ оһон хаалбыт. Онтон улаханнык соһуйбата. Хайдах эрэ буолуохтаах буолбутун курдук ылынна. Хата, уларын тобугуттан түһэрэн сиргэ ыыппытыгар биирдэһэ аргыый аҕай төбөтүн өрө быраҕан баран хааман доодоҥноото. Бастаан ырааҕынан кыыһы тула эргийдэ, онтон утары эргиллэн, кыыска чугаһаан кэлэн утары тохтоон олорон куп-куллугурас саҥалаах буолла.
Онуоха кыысчаан:
— Сөп-сөп, эн аны үтүөрдүҥ, билигин эйиэхэ туох да куттал суоһаабат, бэйэҥ эйгэҕэр төнүн, — диэн баран туран кэллэ.
Тыҥырахтаах көтөр хайа сах суох буолбут этэ. Улар соннук олорон хаалбыта, кыыс дьиэлээбитэ, бу түбэлтэ туһунан эбэтигэр кэпсээбэтэҕэ, арай, ойуурдааҕы түбэлтэтин өйдөбүнньүгэ буолардыы, биир хап-хара обургу соҕус улар куорсуна утуйар оронун үрдүгэр өһүө баһыгар анньыллан турара.
Ньуккуу ити кэннэ кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр быһыыларын, сороҕор саҥаларын даҕаны өйдүүр курдук турукка кииртэлиир буолбутун өйдөөтө. Холобура, сымыыт баттыы олорор чыычаахтары эбэтэр кустары, аргыый аҕай сыбдыйан тиийэн, араастаан ымманыйа-ымманыйа, төбөлөрүттэн, көхсүлэриттэн тарбахтарын төбөтүнэн имэрийдэҕинэ ньыкыһан баран сытан биэрэллэрэ.
Бастаан утаа эбэтэ дьону эмтииригэр соччо-бачча кыһаллыбат этэ. Онтон сыыйа-баайа эмтээх оттору хомуйсууттан саҕалаан, эбэтин дьарыгын улам-улам тартаран көрөр, сэҥээрэр буолбута. Эбэтэ даҕаны ону утарсыбат этэ. Хата, оҕом сэҥээрэр, арааһа, тыыппалаах соҕус буолууһу дуу диэн, иһигэр үөрэ саныыра. Дьэ, бу күнтэн ылата бэйэтэ эрэ билэр атын эйгэтин кытта сиэн оҕотун сыыйа-баайа билиһиннэрэн барбыта.
Итинник эмиэ биир кыһын ааспыта.
УҺУЙТАРЫЫ
Ньуккуу, иллэҥ эрэ буоллар, ойуурунан, сыһыыларынан, алаастарынан күүлэйдиир, сир астыыр, көтөрдөрү-сүүрэрдэри, араас кыылы-сүөлү кэтээн көрөрүн наһаа сөбүлүүр, ол тухары чуҥкуйар диэн тугун билбэт, куруутун оту-маһы, көтөрү-сүүрэри кытта киһилии кэпсэтэ-ипсэтэ, имэрийэ-томоруйа сылдьааччы.
Биир үтүө күн, бэс ыйын саҥатын эргин, Ньуккуу эмиэ үгэһинэн, оччо улахан соруга суох бэс ойуурга дьаарбайа сылдьан, отон угар олорон эрэн, үрдүк мэҥэ халлааны одууласта. Халлааҥҥа уулаах хараҥа былыттар, онтон-мантан хомуллан, уһаты-туора устан сундулустулар. Ньуккуу бу биир олус сөбүлээн-умсугуйан көрөр, саатыыр дьарыга этэ. Эҥин бэйэлээх араас быһыылаах, ат, ынах, киһи курдук, кыыл-сүөл талбыта, көтөр-сүүрэр арааһа барыта халлааҥҥа былыт буолан көтөллөрө.
Арай биир муус маҥан, үүт-үкчү куобах курдук былыты адьас бөрө курдук айаҕын аллаччы аппыт хара былыт саба көтөн эрэрин көрөн, «куобахчааны» куоттара сатыырдыы, санаатынан түргэтэтэ сатыы олордо. Суох, «бөрөтө» ситэрэ буолла. Онуоха кыысчаан икки илиитин өрө уунан олорон, хара былыты туох баар санаатын күүһүн барытын түмэн бытаарда сатаата. Итинник тыҥаан аҕай, төһө өр олорбутун өйдөөбөт, аны «куобахчаанын» куоттара сатаан муҥнанна. Тыый даа! Кырдьык-хордьук, «куобахчаана» куотан, «бөрөттөн» арда атан барда, абарбыт «бөрө» аллаччы аппыт айаҕа кытта сабылынна. Ньуккуу үөрүү бөҕө буолла, сүүһүгэр бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн былаатын уһугунан сотунна уонна олус сылаарҕаабытын, сэниэтэ эстибитин биллэ. Ол оннугар ити былыты кини бэйэтин биллибэт күүһүнэн салайбытын сэрэйдэ, биллэ, улаханнык астынна. Дьэ, мантан ыла бу кини биир сөбүлээн дьарыктанар, оонньоон саатыыр дьарыга буолла. Төһө баҕарар итинэн дьарыктаныаҕын киһи сэниэтин эһэрэ бэрдиттэн тардынар, туттунар.
* * *
Кэлиҥҥи кэмҥэ кыыс барахсан урут үөрэ-көтө сылдьар бэйэтэ биллэ уларыйда. Аанньа аһаабат, астына утуйбат, хайдах эрэ кэтэнэ-манана сылдьар быһыыланна.
Биир күн Ньуккуу, иллэҥсийбиччэ уонна туох эрэ биллибэт ыҥырар күүскэ бэринэн, бэс чагдаҕа таҕыста. Бу кэлиҥҥи кэмҥэ кинини арахсыбакка кэтиир-маныыр туох эрэ биллибэт күүс баарын этинэн-хаанынан билбитэ, сэрэйбитэ балачча буолла. Онно утарсар, буолумматын биллэрэр күүһэ-кыаҕа суоҕун эмиэ сэрэйэр. Сэрэйэр диэн буолуо дуо? Билэр!
Бүгүн ол ыҥырар-угуйар күүс ордук күүһүрбүккэ дылы буолбутун тулуйумуна, солотуйбучча ойуурга барда.
Бэс чагдаҕа тахсан, күп-күөх отон угугар олорон, үгэһинэн оҕолуу оонньоон, кулунчук курдук былыты талан ылан, ыт курдук былытынан эккирэтиннэрэ оонньоото. «Ыт» обургу кулунчук курдук былыты ситээри гыннаҕына, ыт курдук былытын бытаардан биэрэр уонна кулунчук курдук былытын куоттара көтүтэр.
Кыысчаан былыттарынан ити курдук балачча оонньоон сылааргыы быһыытыйан, устунан тиэрэ налыйан сытынан кэбистэ уонна, халлаанын одуулуу сытан, сүр кытаанахтык утуйан хаалла.
Халлаан, устунан тыала күүһүрэн, ыас хара былыттарын оройугар үмүрү тардан, устунан этиҥнээх ардаҕынан сирин-уотун, отун-маһын суккуйардыы оҥоһунна.
Ньуккуу барахсан онно эрэ кыһаллыбакка утуйан буккуруу сытта. Кыыс уҥа өттүгэр, сүүрбэччэ хаамыылаах сиргэ, халлааҥҥа харбаспыт биир аарыма бэс, барыларыттан эрэ үрдээн, хойуу күөх лабааларын уулаах былыкка утаппыттыы утары уунан улуутуйан аҕай турар. Итини эрэ кэтэспиттии бастакы уулаах бөдөҥ таммахтары батыспытынан, уонча уот сарадах салаалаах чаҕылҕаны даҕаспытынан, ааттаах улахан абытайдаах хабараан тыас дэлби ыстанна. Ону кытта били улуутуйан турбут бэс, тырыыҥкалыы тыырыллыбыт алын аҥаара эрэ, хара хоруонан бүрүллүбүтүнэн, уот садаҕа ортотугар туран хаалаахтаата. Онтон ордубут буруолуу сылдьар төргүү лабаалара тула өттүгэр ыһыллан, утуйа сытар кыысчааны сиритэ-хайыта түстүлэр. Итии тыыннаах, тэбэр тымырдаах эрэ тулуйбат бу хабараан тыаһыттан, уот кудулу ортотугар эмискэ үлүгэр баар буолбут, уолуйа соһуйан-куттанан уһуктубут, кута ойбут кыыс муҥнаах уһуутаабытынан ойон туран, киһи да, кыыл да саҥатыгар маарыннаабат ыйын-хайын түһэрэн, сирэйин хоту атах балай сүүрдэ…
Бу кэмҥэ сыгынньах ньилбэгэр сылгы кылынан ынах быатын хата олорбут Хараадай удаҕан, төбөтүн оройугар барчаламмыт этиҥ тыаһыттан өмүрэн, кыламмытынан икки ньилбэгин икки ытыһынан таһыммытынан өрө эккирии түһэн баран, устунан мэнэрийэн киирэн барда. Сирэйэ көрүөхтэн сүөргүтүк сөрүөччү тардан, икки хараҕын икки чанчыктарынан дьиэгэниччи көрөн, үөһүн тартарбытынан, сааһыгар холооно суох чэпчэкитик өрө ыстаҥалаабытынан, бэлиэр ыаҕастаах уунан кута турар тэлгэһэтигэр тэлээрэн таҕыста.
Уонна тоҥ күөс быстыҥа, икки дьабадьытынан үрүҥ күүгэн үллүөр диэри кутурар-мэнэрийэр икки ардынан этинэн баран, дьэ уоскуйан дьиэтигэр киирдэ. Кини күлүккэ күлүгүлдьүһэр көлдьүн үөрдэр, хараҥаҕа харбыалаһар адьарай абааһылар, бытырыыстаах бэртэрэ, арбаҕастаах ааттаахтара күҥҥэ эрэ көрбүт көмүс чыычааҕар, тутан эрэ хаалбыт үрүҥ туллугар харахтарын хатаабыттарын идэлээх киһи буоларын быһыытынан тута сэрэйдэ, сэрэйдэ диэн буолуо дуо, биллэ.
Бу аата, мээнэ киһи тулуйбат унньуктаах уһун, сыа киһи сылайар, эт киһи элэйэр эттэтиитэ саҕаланнаҕа диэн буолар. Онон алдьархай адаҕыйыан, былаҕай былдьыан иннинэ оҕотун буларга, быыһаан ыларга оҥоһунна. Бу суостаах-суодаллаах ынырыктаах идэттэн, айдарыылаах аналтан, аанньанан арахсыбаттарын төһө да биллэр, идэмэрдээх идэни кини бэйэтэ ирдэһэн туран булбутун уонна эттэтиитин санаатаҕына, билигин даҕаны баттаҕа туруох, уҥуоҕа хамсыах айылаах. Ол да иһин кини оҕолоро суох, кураанаҕы кууһан, салгыны харбаан, тулаайах, турар эрэ бэйэтэ хаалыаҕын кэннигэр хаалларара суос-соҕотох субу сиэнэ эрэ буоллаҕа дии.
Дьон-сэргэ этэрэ олохтоох. Маннык идэлээхтэр оҕонон-уруунан чэчирээбиттэрэ биллибэт. Хата, чугас дьоннорун, оҕолорун-урууларын, туора дьон туһугар толук ууран тутталларын идэлэрэ ирдиирин хайдах гынан тумнуохтарын кинилэр истэриттэн билбит баара эмиэ биллибэт. Киниэхэ көмө көрдөөн ааттаһа-көрдөһө кэлээччилэр үксүлэрэ билээхтээбэттэр, кинилэргэ көмөлөһөөрү, удаҕан ханна-ханна тиийтэлиирин, кимниин-туохтуун алтыһарын-быһаарсарын, ити киһилии тылынан эттэххэ итинник, дьиҥ иһигэр киирдэххэ, адьас атын быһыы-майгы, сиэр-туом, сыыһа тутуннаххына, бэйэҕин да былдьаттаххына көҥүлүҥ. Ол былаһын тухары барыта быһаарсыы, манньа, толук, кэрэх. Хараадай удаҕан ону билбэт бэйэлээх буолуо дуо.
Кини эһэтэ, аата ааттаммат кырдьаҕас, талыллан айыллыбыт туспа идэлээхтэр атааннаах-мөҥүөннээх ааттарын-суолларын былдьаһыгар былаҕайга былдьаммыта. Итинник быһаарсыыга тустаахтар, хайалара даҕаны, олорор ыырдарыттан, балаҕаннарын да иһиттэн харыс да сири халбарыйбакка сылдьар буолаллара үһү. Оннук хабараан хапсыһыыны, идэлээхтэр ийэ кыыллара бэйэлэрэ быһаарсаллар дэһэллэр. Дьэ, онно Хараадай эһэтин ийэ кыыла хотторон, оҕонньор оһоҕун иннигэр олорон турбаттыы охтубут.
Дьэ, бу түгэҥҥэ кыайтарбыт ойуун ийэ кыыла эмиэ охтон, кини удьуордарын үс үйэ, эбэтэр этэллэринэн буоллаҕына, тоҕус көлүөнэ тухары көмүскүөхтээх-харыстыахтаах соругун толорор кыаҕын былдьатар дэһэллэр.
Маны таһынан, бу аат-суол былдьаһааччы ойуун атааннаһар утарсааччытын сылдьыа диэбит ыырыгар, кистии-саба, айа тардар буолара үһү.
Онон Хараадай удаҕан оҕолоруттан, сиэннэриттэн көрө маппыта. Эһэтин ийэ кыыла тыыннааҕа буоллар, көмүскэллээх-харысхаллаах курдук сананыа этэ да, ол суох буоллаҕа. Итинник барбыттар, иккистээн орто дойдуга төннөллөрө эмиэ кыаллыбат дэһэллэр, онтон идэлэрэ утумнаан бэриллэрэ, дьэ ол баар суол эбит.
Хараадай, сиэнэ кыыһы эрэйдээх-муҥнаах унньуктаах уһун эттэтииттэн быыһаан ылан, бэйэтэ уһуйан көрдөҕүнэ сатаныыһы. Уһуйтарыы, онтон итэҕэс да буолбатар, бэйэтэ билэринэн, арыый бэтэрээнэн соҕус эрэйин-муҥун син аччатыа эбитэ ини…
Онтон, дьиэтигэр киирэн, оһоҕун оттон, кэҥсик таһааран, туругар киирэн, сотору кэминэн сиэнэ кыыс үрэхтэрин куула тыатын хотугулуу-арҕаа тумулугар кураанах харыйаны кууһан «кукууктуу» олорорун көрөн, ол диэки сүүрэн күөдэллэнэ турда.
Дьэ, бу кэмтэн ылата, Хараадай эмээхсин икки атахтааҕы, иннинэн сирэйдээҕи кими даҕаны дьиэтигэр киллэрбэккэ, отугар-маһыгар да, атын да соругугар тахсарыгар дьиэтин аанын таһыттан баттатан сылдьар идэлэннэ.
,
* * *
“Кыыл кырыыһа” 2017 с. “Бичик” национальнай кинигэ кыһатыгар бэчээттэммит кинигэттэн ылылынна.