Былырыын биллиилээх нуучча драматура Александр Островскай 200 сылын Арассыыйа үрдүнэн киэҥник бэлиэтээбиттэрэ. Саха тыйаатыра РФ Култууратын министиэристибэтэ уонна Театральнай диэйэтэллэрин сойууһа олохтообут Граннарын кыайыылааҕа буолан, “Лес” пьесанан «Ойуур» испэктээги режиссер Сергей Потапов туруорбута.
Сүрүн оруолларга Гурмыжская – Ильяна Павлова, Сордоохоп – Айсен Лугинов, Дьоллоохоп – Иннокентий Луковцев оонньууллар. Пьесаны СӨ үтүөлээх артыыһа Кирилл Семенов тылбаастаабыт. Бүгүн кэпсэтэр киһим — Алексей Буланов оруолун толорбут Эдуард Захаров.
— Эдуард, кэпсэтиибитин саҕалыах иннинэ, ааҕааччыларга бэйэҥ туһунан кылгастык билиһиннэриэҥ…
— Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан төрүттээхпин. Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтун 2020 сыллаахха бүтэрбитим. Саха тыйаатырыгар ананан 2021 сыллаахтан үлэлиибин.
— Оччоҕо Саха тыйаатырыгар бастакы улахан оруолуҥ буоллаҕа…
— Оннук. Көрөөччү артыыс үлэтин сыаналыыра, түмүк оҥосторо үчүгэй буоллаҕа. Бу испэктээккэ олус талааннаах артыыстар оонньууллар. Мин оонньуур дьоруойум Гурмыжская баайыттан-дуолуттан кыраҕа да тиксээри, ылаары албыннаһар.
— Сыанаҕа туттууҥ-хамсаныыҥ уратытынан көрөөччү болҕомтотун сүүйэҕин. Хайдах бэлэмнэммиккиний?
— Испэктээккэ пластика режиссерунан Татьяна Павлова үлэлээбитэ. Оттон устудьуоннуур кэммэр сценическэй хамнаныыга уһуйааччыбыт Мария Маркеловна Михайлова этэ. Онно элбэхтик үөрэммитим.
— Алексей Буланов – омсолоох дьоруой дуу, олох атаҕастаабыт киһитэ дуу? Кинини аһыныахха сөп дуо?
— Кини икки сирэйдээх киһи. Дьадаҥы олоххо улааппыт буолан, ис туруга олох атын. Баай Гурмыжскаяҕа кэлбитин кэннэ туох баар хара дьайа өтөн тахсар. Сыыһа-халты тутуннахпына ийэбэр үүрүөҕэ диэн куттанар. Ол эрээри, итинник дьүһүн кубулуйар киһи куһаҕана диэн — “оруолун” мааскатын уһулла даҕаны, бу олоххо истиҥник олорор, таптыыр кыаҕа суох.
— Ильяна Павлова, Роман Дорофеев, Иннокентий Луковцев уо.д.а. курдук биллэр-көстөр артыыстары кытта биир сыанаҕа оонньуур хайдаҕый?
— Үлэ саҕаланыыта сүрэх күүскэ тэппитэ диэххэ наада (күлэр). Бастакы партнердарым буолаллар. Оҕо сылдьан күөх экран нөҥүө көрөр дьоммун кытта бииргэ үлэлиирбиттэн дьоллоохпун.
—Бэйэ-бэйэҕитин хайдах ситэрсэн биэрэҕит?
— Персонажтар икки ардыларын сыһыанынан. Сценическай реплика диэн баар. Ол репликалар көмөлөрүнэн саҥарабыт, сыһыаннаһабыт. Арай сыанаҕа тылгын да умнар түгэҥҥэр, ол балаһыанньаттан тахсар араас албастар бааллар.
—Киинэ уонна тыйаатыр төһө атыттарый?
— Иккиэн тус-туспа куйаар кэриэтэлэр. Иккиэн даҕаны боростуой буолбатахтар, кэккэ уустуктардаахтар. Тыйаатыр диэн «билигин, бүгүн” диэн өйдөбүл буоллаҕа, дубль эҥин суох.
— Щепкинецтэр уонна Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтун выпускниктарын «оскуолалара” төһө атыный?
— Биир диэм этэ. Тоҕо диэтэххэ, Аркитика институтун тыйаатырга хаапыдыратын уһуйааччылара, маастардара – бары араас көлүөнэ щепкинецтэр: Ефим Степанов, Александра Мучина уо.д.а. Островскай — классическай тыйаатыр маастара. Оттон биһиги «Ойуурбут» саха көрөөччүтүгэр чугас буоларын туһугар, сахаҕа уостан түспэт ылланар ырыа-тойук киирбит, үҥкүүлээх-битиилээх буолбут.
Режиссер Сергей Потапов бастаан классиканы туруорарыгар, «Үс аҕас-балыс» («Три сестры») пьесаны бэйэтинэн туруорбутун көрөөччү соччо өйдөөбөтөх эбит. Онтон эмиэ Антон Чехов «Вишнялаах саадын» («Вишневый сад») Казахстаҥҥа туруоруутугар аныгылыы ырыаны-тойугу киллэрбит. Сергей Потапов кимиэхэ да майгыннаабат ураты буочардаах режиссер. Режиссер “Ойуур” испэктээгэ Александр Островскай пьесаларыттан иккиһэ.
Саха тыйаатыра тэриллиэҕиттэн А.И. Софронов-Алампа тутуспут хайысхатынан А. Островскай сүүрбэччэ айымньытын туруорбут эбит. Онон Арассыыйа тыйаатырын ускуустубата сайдарыгар олук уурбут улуу драматург тыынын Саха тыйаатыра илдьэ сылдьар.
Тыйаатыр олох-дьаһах кистэлэҥин көрдөрөн үөрэтэр, өйү-санааны кэҥэтэр, дириҥэтэр. Ол үрдүк аналын Саха тыйаатыра үгүс сыллар тухары чиэстээхтик толорор.