Быйыл ойуур баһаарын туруга хаһааҥҥытааҕар да уустугуран, Саха сиригэр элбэх улууска ойуур баһаара туран улахан аймалҕаны таһаарда.
Уопсай балаһыанньа хайдаҕын билсээри, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиири солбуйааччы Сергей Гаврильевич Сивцевтыын кэпсэттибит:
— Кэнники сылларга ойуур баһаардара туох төрүөттэн элбээтилэр?
— Баһаар төрүөтүнэн этиҥ уонна ойуурга баһаар куттала суох буолуутун быраабылаларын кэһии буолаллар. Сөҥүү түспэтэ, олус куйаас күннэр уонна тыал ноҕурууската айылҕа баһаара киэҥ сиринэн биллэ тарҕанарыгар тириэрдэллэр. Кэнники сылларга Саха сиригэр сөҥүү түспэккэ, нуорматтан хадьайар итии күннэр бэлиэтэнэллэр, баһаартан куттал суох буолуутун кэмэ уһаан биэрдэ. Былырыын бу кэм ыам ыйын ортотуттан балаҕан ыйа бүтүөр диэри, 4,5 ый устата барбыта.
— Ханнык сэрэтии үлэлэрин ыытаҕытый?
— Сүрүннээн ойуур уотуттан сэрэхтээх буолуу үлэтин рейдэлэргэ сылдьан ыытабыт. Ол курдук, бу сыл ыам ыйыттан саҕалаан, 5 тыһыынча кэриҥэ рейдэ оҥоһулунна. Ол түмүгэр 58 тыһыынчаттан тахса киһини кытары уоттан сэрэхтээх буолуу кэпсэтиилэрэ ыытылыннылар, 45 тыһыынчаттан тахса памятка туттарылынна. Ону таһынан, сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр көмөлөрүнэн үлэни ыытабыт. Ол курдук, 9 тыһыынчаттан тахса иһитиннэрии оҥоһулунна. Бу тэрээһиннэр түмүктэринэн ойуурга сылдьан уоттан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын кэспит дьоҥҥо 420 административнай боротокуол толорулунна.
— Быйылгы баһаары умулларыыга сүрүн үлэҕит ханныгый?
— Ойуур харыстыбылыгар сүрүн үлэлэрбитинэн ойуурга баһаар кутталыгар мониторины ыытыы уонна салгын итиэннэ сирдээҕи күүстэри туһанан, ойуур баһаардарын умулларыы буолаллар. Судаарыстыбаннай сорудах чэрчитинэн ойуур баһаарын сэрэтэр, баһаар кутталын аҕыйатар дьаһаллар ыытыллаллар. Быйыл баһаартан кутталлаах кэм саҕаланыаҕыттан 498 ойуур баһаарын умулларыыга миэрэлэр ылыллыбыттара, онтон 429 баһаар бохсуллубута.
— Арассыыйа тустаах министиэристибэтэ туох сүбэни-аманы биэрэ олордо, тугунан көмөлөстө?
— Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ судаарыстыбаннай былаас федеральнай уорганнарын, Арассыыйа Рослесхоһун уонна Айылҕа министиэристибэтин кытары хардарыта бииргэ үлэлиир. Киин өйөбүлүнэн Саха сиригэр ойуур баһаарын умулларарга эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы сыҕарытан биэрии (маневрирование) чэрчитинэн атын эрэгийиэннэртэн ойуур баһаарын чаастара (734 киһи) тардылыннылар, РФ бырабыыталыстыбатын саппаас пуондатыттан эбии үп көрүлүннэ.
— Инникитин чөлүгэр түһэрэр үлэлэр хайдах ыытыллыахтарай? Ойуур маһа, үүнээйи төһө өр хаттаан үүнүөй?
— Айылҕабыт, ойуурбут чөлүгэр түһүүтэ ойуур хаһаайыстыбалара ыытар дьаһалларыттан биир сүрүннэрэ. Ол эбэтэр ойуурга баһаар тахсыытын утарсар үлэлэри сэргэ, анал тэрилтэлэр көмөлөрүнэн, ойуур бэйэтэ оһорунарыгар көмөлөһөр миэрэлэринэн чөлүгэр түһэрэр үлэлэр тэриллэллэр. Атыннык эттэххэ, киһи ойуур бэйэтэ үүнэригэр көмөлөһөр – бөҕү-сыыһы хомуйар, эдэр мастары көрөр-харайар, баһаартан харыстыыр туһугар минерализовннай балаһалары оҥорор.
Бэлиэтээн эттэххэ, Саха сирин ойуурдарыгар үүнэр мастар 90-ча бырыһыаннарын пирогеннай төрүттээх боруода мас, тиит ылар. Тиит эргэ куруҥҥа чөлүгэр түһэр. Онон, маннык үлэлэр сүрүннээн чопчу ити учаастактарга ыытыллаллара былааннанар.
Быйыл “Экология” национальнай бырайыак иһинэн “Ойуур харыстабыла” эрэгийиэннээҕи бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн ойууру чөлүгэр түһэрии дьаһалларын ыытарга федеральнай бүддьүөттэн 15,4 мөлүйүөн кээмэйдээх субвенция үбэ көрүлүннэ (2,4 тыһыынча гааҕа).
Ону таһынан, 2020 сылтан саҕалаан, “Закон о компенсационном лесовосстановлении” 212 нүөмэрдээх федеральнай сокуон чэрчитинэн Саха сиригэр ойуур култууратын (ойууру искусственнайдык чөлүгэр түһэрии) тэрийии быраактыката саҕаланна. Ол курдук, былырыын сир баайын хостооччулар 1150 тыһыынчаттан тахса га ойуур учаастагын чөлүгэр түһэрбиттэрэ.
— Ойууру соруйан уоттуулларын туһунан социальнай ситимнэргэ тарҕанар сурахтарга эһиги санааҕыт?
— Соруйан уоттааһын туһунан эттэххэ, итинник иһитиннэрии сыл аайы араас источниктартан кэлэр. Үксүгэр дьон ойуур баһаарын сулууспаларын үлэһиттэрэ буола турар баһаар быһа охсуһуон иннинэ тустаах учаастагы уматар түгэннэрин көрөр. Маннык ньыма ойуур баһаарын умулларыы быраабылаларынан көрүллэр.
— Бу тахсыбыт алдьархайтан туох үөрүйэҕи ыллыгыт? Ханнык үлэ, тустаах тэриллэр, каадырдар тиийбэттэрий?
— Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ ойуур баһаарын сулууспаларын структуратын оҥорууга үлэни салҕыаҕа. Бу, бастатан туран, ойуур баһаарын уонна авиационнай сулууспа үлэһиттэрин ахсаанын элбэтии, саҥа структурнай подразделениелары тэрийии. “Экология” национальнай бырайыак чэрчитинэн ойуур баһаарын биэдэмэстибэлэр анныларынааҕы тэрилтэлэрин материальнай-тиэхиньиичэскэй базалара саҥардыллыаҕа, бөҕөргөтүллүөҕэ.
«Саха сирэ», edersaas.ru сайтка анаан Наталья КОЛОДЕЗНИКОВА, Надежда ЕГОРОВА