Саха сирин баай хара тыата Арассыыйа ойуурун саппааһын биэс гыммыт биирин ылар итиэннэ билиҥҥи килиимэт сылыйыытын кэмигэр бэйэтин күөх маассатынан дойдуга эрэ буолбакка, бүтүн Аан дойду килиимэтин, экологиятын туруктаах оҥорууга улахан оруоллаах.
Судаарыстыбаннай суолталаах салаа
Учуонайдар дэлэҕэ, “Саха сирэ — Аан дойду тыҥата” диэхтэрэ дуо? Айылҕабыт чөл туруктаах буоларын туһугар сыралаһан үлэлиир дьоннор, ойууру көрөөччүлэр, дьэ, маннык улахан эппиэтинэскэ сылдьаллар. Арассыыйа судаарыстыбата ойуурга, ойуур пуондатыгар сыһыаннаан ыытар бэлиитикэтин «Рослесинфорг» федеральнай судаарыстыбаннай тэрилтэ сүрүннүүр. Дойду үрдүнэн 37 филиаллааҕыттан биирэ — биһиги буолабыт.
Тирэх буолар чахчылар түмүллэллэр
2014 сыл муус устар 14 күнүттэн олоххо киллэриллибит “Арассыыйа Федерациятыгар ойуур хаһаайыстыбатын 2014-2020 сылларга сайдыыта” судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн, ойууру учуоттааһын үлэтэ түһүмэхтэринэн ыытылла сылдьар. Бу үлэ дойду национальнай баайа, ойуур уонна кини пуондатын, туругун, көрүҥүн, боруодатын, сааһын, туһаныллыытын, саппааһын туһунан чахчыны хомуйар, түмэр, докумуоннуур итиэннэ чахчылар базаларын тэрийэр, хаҥатар сыалтан оҥоһуллар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бу үлэ икки хайысханан ыытыллар. Бастакыта — ойууру инвентаризациялааһын. Үлэ барыта аныгы олох ирдэбилинэн, электроннай цифровой технологиянан ыытыллар. Онуоха сүүс араас көрдөрүүнэн ойуур маһын уопсай саппааһа, хаачыстыбата, хайдах туруктааҕа, эттиктэрин састааба, буорун уонна экологиятын туруга, айылҕа пааркаларыгар олордуллубут мастар төһө олохсуйан үүнэн эрэллэрэ уо.д.а. быһаарыллар. Бу чахчылар ойуур комплексын сайдыытын стратегиятын оҥорорго, маһы олордууну былаанныырга, ойуур хаһаайыстыбатын салайыы ситимин итиэннэ ойууру туһаныыны тэрийиини тупсарыыга тирэх буолуохтара.
Ааспыт 2018 сылга Амма, Бүлүү, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Нерюнгри, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы уонна Дьокуускай куорат лесничестволарыгар 41 мөлүйүөн гектардаах ойууру хабан учуоттуур дьаһаллар ыытылыннылар. Быйыл Алдан, Эдьигээн, Мииринэй, Ньурба, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Таатта лесничестволарынан 119,3 мөлүйүөн гектар тыаны хабар сорук турар. Кыраныыссалар чопчуланаллар
Үлэбит иккис хайысхатынан лесничестволар кыраныыссаларын оҥоруу итиэннэ ойуур пуондатын кадаастыр учуотугар туруоруу буолар. Бу үлэ эмиэ федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, хамсаабат баай-дуол Биир кэлим судаарыстыбаннай реестригэр чахчылары киллэрэр сыаллаах оҥоһуллар. Былырыыҥҥы түмүгүнэн тоҕус лесничествоҕа (Амма, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Ньурба, Нерюнгри, Хаҥалас, Уус Маайа уонна Дьокуускай лесничестволарыгар) холбоон 40 мөлүйүөн гектар иэннээх ойууру докумуоннаатыбыт.
Бу үүммүт сылга Мииринэй, Сунтаар, Бүлүү, Нам, Таатта, Чурапчы уонна Алдан лесничестволарыгар 45 мөлүйүөн гектар ойуур учуокка киллэрдибит. Онуоха үрдүкү тэрилтэбит салааларыттан, биир идэлээхтэрбит, ол иһигэр Амур, Брянскай, Вологда уобалаһыттан, Татарстантан уонна Санкт-Петербуртан исписэлиистэр кэлэн көмөлөһө сылдьаллар. Үлэ барыта Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин кытары ыкса ситимнээхтик тэриллэр.
Онон, чугастааҕы сылларга Арассыыйаҕа баар ойуур биэс гыммыттан биирин ылар Саха Өрөспүүбүлүкэтин ойуурун саппааһын учуокка ыларга, кадаастырдыырга, докумуоннуурга итиэннэ лесничестволар кыраныыссаларын чопчулаан-чуолкайдаан саҥаттан оҥорорго улахан үлэ ыытыллар.
«Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru саайтка анаан
Саргылаана Аммосова,
«Рослесинфорг» ФСТ Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрэ,
Арассыыйа үтүөлээх лесовода.