Саха сиригэр аҕыс ойуур баһаарын умулларыыга миэрэ ылыллар, онтон иккитэ бохсулунна диэн СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин пресс-слууспата иһитиннэрэр.
Уот ылбыт сирэ 92,20 га иэннээх сиргэ тэҥнэһэр. Ааспыт сууккаҕа Горнай, Кэбээйи, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Чурапчы улуустарыгар уонна Дьокуускайга уот бохсулунна.
Баһаары умулларыыга барыта 180 киһи уонна 20 тиэхиньикэ үлэлиир.
Хонтуруолланар, уустук суоллаах-иистээх сирдэргэ уонна тыа пуондатыгар барыта 53 183,00 га иэннээх 33 термотуочука баар.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1