Ойуур баһаарыттан сэрэнии быраабылалара

02.05.2021
Бөлөххө киир:

2021 сылга баһаартан кутталлаах кэмҥэ СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ ыытар үлэлэрин өссө күүһүрдэр.

edersaas.ru

Биллэрин курдук, ойуур баһаарын сүрүн буруйдааҕынан киһи – кини   ойуурга үлэлиир уонна сынньанар кэмигэр  уоту сэрэҕэ суох туттара буолар. Баһаар үксэ  куорат таһыгар сынньанар, тэллэйдиир, отоннуур сирдэртэн уонна быраҕыллыбыт умайа сылдьар испиискэттэн, ситэ умулларыллыбатах табахтан тахсар. Булчут саанан ытар кэмигэр саа быыһа оту уматан, ойуур уоттуйан барар.  Ойуур бытыылкаларынан уонна өстүөкүлэ үлтүркэйдэринэн туолбутун үгүстүк көрүөххэ сөп. Бу үлтүркэйдэр итии күннээх кэмҥэ  күн сардаҥатын  уматар линза курдук пуокустууллар. Ойуурга ситэ умуруоруллубатах кутаа  улахан алдьархай төрүөтүнэн буолар.

Ойуурга ордук элбэхтик тэлгэх оту, ойуур тэллэҕин, от-сэппэрээк бүрүөтүн, сытынньаҥ маһы, мас умнаһын уо.д.а. сиир алларааҥы  баһаардар тахсаллар. Кураан кэмҥэ, тыаллаах күн үөһээҥҥи баһаардар кутталы үөскэтэллэр, маныаха уот мастар сабарайдарыгар, чуолаан мутукчалаах мастарга, эмиэ тарҕанар. Алларааҥҥы баһаар тэтимэ – 0,1-3  м/мүнүүтэ, үөһээҥи  –  тыал хайысхатынан  100 м/мүнүүтэҕэ диэри буолар.

Ойуурга баһаар турарын сэрэтэр туһугар, хаар ууллуоҕуттан  күһүҥҥү ардахтаах күннэргэ диэри эбэтэр ойуурга хаар бүрүөһүнэ үөскүүр кэмигэр КӨҤҮЛЛЭММЭТ:

1. Мутукчалаах эдэр мастарга, куруҥҥа,  кутаҕа, мас кэрдиллибит, кэрдиллибит мас тобохторо ыраастамматах, куура хаппыт  мастаах сирдэргэ, ону сэргэ мастар лабааларын анныгар  кутааны уматыы.   Кутааны анаан бэлэмнэммит аһаҕас сирдэргэ, 0,5 миэтэрэттэн итэҕэһэ суох  минерализованнай балаһанан тулалаан уматыллар. Кутааны туһанан бүттэххэ, күл анныгар уот бүтүөр диэри уу кутуллуохтаах  эбэтэр буорунан көмүллүөхтээх. 
2. Умайа сылдьар испиискэни, бөппүрүөскэ тобоҕун уонна табах туруупкаларыттан тахсар сылаас күлү, өстүөкүлэни (өстүөкүлэ бытыылкалары, бааҥкалары уо.д.а.) быраҕыы.
3. Булт кэмигэр умайар эбэтэр уоттуйар матырыйаалтан саа быыһын туһаныы.
4. Бэнсиининэн, кэрэһиининэн эбэтэр атын умайар матырыйаалларынан сотуллубут уонна оборторуллубут  матырыйааллары хаалларыы.
5. Массыына двигателэ үлэлиир кэмигэр оттук баахтарын оттугунан сапыраапкалааһын, двигателэ алдьаммыт систиэмэлээх массыыналары туһаныы, оттугунан сапыраапкаланар массыына таһыгар табахтааһын эбэтэр аһаҕас уотунан туһаныы. Ону сэргэ, ойууру олоххо-дьаһахха туттуллар, тутуу, бырамыысыланнай уонна атын бөҕүнэн-саҕынан киртитии эмиэ көҥүллэммэт. Нэһилиэнньэлээх пууннартан аҕалыллыбыт бөх-сыыс ойуур таһыгар анаан бэриллибит сирдэргэ эрэ уматыллыан сөп. Баһаартан кутталлаах кэмҥэ бөҕү-сыыһы уматыы күн-дьыл туругунан ойуурга баһаар турар куттала суох эрэ буоллаҕына уонна эппиэтинэстээх дьон хонтуруолунан көҥүллэнэр. Ойуурга сыста сытар сир учаастактарыгар, күөх олордууларга  тиһигин быспакка  кэтээн көрүүтэ суох  оту быһа сиэтии көҥүллэммэт.
6.          Тыа хаһаайыстыбатыгар өртөөһүнү ыытыы.
Нэһилиэнньэ ойуурга сылдьан тутуһар ЭБЭЭҺИНЭСТЭЭХ:
а) Ойуурга баһаартан куттал суох буолуутугар ирдэбиллэри тутуһар;
б) Ойуур баһаара баарын биллэххэ, судаарыстыбаннай былаас эбэтэр олохтоох салайыныы уорганнарыгар түргэнник биллэрэр;
в) Ойуур баһаарын умулларар күүстэр кэлиэхтэригэр диэри баһаары бэйэ күүһүнэн умуллара сатыыр;
г) Ойуур баһаарын умулларарга судаарыстыбаннай былаас уонна олохтоох салайыныы уорганнарыгар көмөлөһөр.
РФ Сокуонун быһыытынан ойуурга баһаартан куттал суох буолуутун хааччыйар туһугар   дьон ойуурга сылдьара  хааччахтаныан сөп.
Ойуурга баһаартан куттал суох буолуутун быраабыларын кэһии иһин ЭППИЭТИНЭС:
1. Баһаартан куттал суох буолуутун быраабылаларын кэһии иһинсэрэтии бэриллэр эбэтэр ыстараап түһэриллэр (гражданнарга – 1 500-2 500 солкуобайга, дуоһунастаах дьоҥҥо – 5-10 тыһыынча солкуобайга, юридическай сирэйдэргэ  30-100 тыһыынча солкуобайга тиийэ).
2.  Ойуурга сыста сытар сир учаастактарыгар, көмүскүүр уонна күөх олордууларга 0,5 миэтэрэттэн итэҕэһэ суох  балаһанан араарыллыбатах  сирдэргэ баһаартан куттал суох быраабылатын кэһэн туран, хаппыт лабааны, ойуур тэллэҕин, кураанах оту уо.д.а.уматыы иһин администристративнай ыстараапка тардыллыахха сөп (гражданнарга – 2-3 тыһыынча солкуобайга, дуоһунастаах дьоҥҥо – 7-12 тыһыынча солкуобайга, юридическай сирэйдэргэ – 50-120 тыһыынча солкуобайга тиийэ).
3. Киһи доруобуйатыгар ыарахан дьайыыта суох ойуур баһаара тахсарыгар баһаартан куттал суох буолуутун быраабылатын кэһии иһин административнай ыстараапка тардыллар (гражданнарга – 5 тыһыынча солкуобайга, дуоһунастаах дьоҥҥо – 50 тыһыынча солкуобайга, юридическай сирэйдэргэ 500-1 000 мөлүйүөҥҥэ тиийэ).
Ону таһынан, ойуур баһаарын буруйдаахтара баай-дуол эппиэтинэһин, ол иһигэр ойуур баһаарын умулларыы ороскуотун толуйуу, сүгэллэр.
Ойуур баһаарын сэрэтэргэ эһиги дьайыыларгытыттан биһиги айылҕабыт уонна фаунабыт эрэ буолбакка, дьоҥҥо куттал суох буолуута, кинилэр доруобуйалара уонна олохторо тутулуктааҕын умнумаҥ!
«Саха сирэ», edersaas.ru сайтка анаан Наталья КОЛОДЕЗНИКОВА
Хаартыска — интэриниэттэн.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0