Быйыл сайын буолан ааспыт ойуур баһаарыгар уоту кытта “биир бииргэ” охсуспут киһи өйүттэн-санаатыттан ол тыҥааһыннаах кэм өссө да өр кэмҥэ сүппэккэ, умнуллубат өйдөбүл буолан хаалара чахчы.
Итинник санааҕа кэллим эдэркээн 19 саастаах Артем Слепцовтуун кэпсэтэн баран. Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта – быйыл сайын Горнай улууһугар ойуур баһаарын баҕа өттүнэн умуоруорууга сылдьыбыт хорсун санаалаах ыччат Артем Слепцов.
“Бэйэбин тургутан көрөөрү тылламмытым…”
Дьокуускай куорат олохтооҕо, 26-с оскуола выпускнига Артем Слепцов нуучча оскуолатын бүтэрбит диэтэххэ, уу сахалыы ыраастык саҥарар. Кэпсэтиибитин “эн, куорат оҕото, хайдах бу сахалыы наһаа ыраастык саҥараҕыный?” диэн ыйытыыттан саҕалаатым. Онуоха Артем төрөппүттэрэ Муоматтан уонна Чурапчыттан төрүттээхтэрин билиһиннэрэн туран, онтон куоракка көһөн кэлбиттэрин кэпсээтэ:
— Аҕам полиция үлэһитэ этэ. Ийэм – урбаанньыт. Биир ыйдаахпар ийэм 8 саастаах уолун кытта икки оҕолоох соҕотоҕун хаалаахтаабыт. Мин бэс ыйыгар 19 сааспын туолбутум. Ийэм биһигини соҕотоҕун иитэн, атахпытыгар туруорда. Билигин Нерюнгритээҕи медицинскэй училище 2-с кууруһугар үөрэнэбин.
Туох санааттан баһаары бохсууга тылламмытын ыйыппыппар сэһэргэһээччим, “баҕар, наһаа күүркэтиилээх курдук иһиллиэ гынан баран, төрөөбүт дойдум хаарыаннаах тыата умайа турдаҕына, мин, эрчимнээх, кыахтаах киһи дьиэбэр бүгэн сытарым кыбыстыылаах курдуга. Биирдэ оннук суобаһым оонньуур түгэнигэр: ”Хайа муҥун, “барбыт киһи…” дии-дии дьиэбэр сытыамый, бэйэбин тургутан көрүөххэ” диэн санаанан салайтаран, интэриниэккэ тахсан, “баһаарынай” диэн “гугллаабытым”. Баһаарынайдар эрэ уоту кытта бохсоллорун курдук саныырым. Онтум маннык идэлээх киһи хамнаһын, үлэлиир эбээһинэһин таһаарбыта. Онно толкуйдуу охсон, “доброволец” диэни көрдөөбүппэр, уопсастыбаннай Добровольческай ыстаап туһунан иһитиннэрии тахсан кэлбитэ. Ыйыллыбыт аадырыска тиийбиппэр, “резерв” диэн испииһэккэ киллэрбиттэрэ.
Сарсыныгар ыҥыран ылан, Горнай Күөрэлээҕэр барарым туһунан эппиттэрэ. Инструктаж биэрбиттэригэр, араас интэриэһиргиир ыйытыыларбын биэрбитим. Онно тута: “Эн олох ымпыгар-чымпыгар диэри толкуйдаан баран эрэҕин, онон эйиигин бөлөх биригэдьииринэн аныыбыт” диэбиттэрэ. Бөлөхпүтүгэр ахсыа этибит”, — диэн кэпсиир Артем Слепцов.
Мантан салгыы сэһэргэһээччим бэйэтин аатыттан кэпсиэҕэ.
Айылҕа кыыллара сэрэппиттэр эбит…
… Горнай улууһун Күөрэлээҕэр 16 чаас айаннаан тиийдибит. Нэһилиэккэ чугаһаан истэхпит аайы буруо хойдон истэ. Суола куһаҕана сүрдээх. Түүн хонук сирбитин нэһиилэ буллубут. Сарсыныгар икки биригээдэҕэ хайытан, нэһилиэктэн тэйиччи ойуур баһаара буола турар сиригэр аҕаллылар. Бастаан утаа ойуур баһаарын умулларыыга үөрүйэҕэ суох буолан, ыарырҕатар курдук этибит. Аһыыр сирбититтэн хойуу буруо быыһынан, күлүмэҥҥэ, бырдахха, кырдаайыга сиэтэ-сиэтэ кэлэр ыарахаттардааҕа. Аны баһаарга үлэлии сылдьан, наһаа аччыктыыр этибит. Эбиэппитигэр сүүрүүнэн кэриэтэ кэлэрбит. Олохтоохтор сибиэһэй килиэп, сүөгэй аҕалан үөрдэллэрэ. Мундунан күндүлүүллэрэ. Тетя Лена диэн асчыттаахпыт. Дьокуускай куорат алын сүһүөх кылааһын учуутала “баһаарга сылдьар дьону аһатыам” диэн кэлсибитэ. Онно сылдьан арааспанньаны иҥин ыйыталаһан кэпсэтэр бокуой суох. Көннөрү “Миша, Вадим, Артем” диэн ыҥырсабыт. Сотору кэминэн күн аайы тушенка сииртэн салҕан барбыппыт. Тетя Ленабыт аһа-үөлэ дэлэгэй буолан, сотору-сотору алаадьынан күндүлүүр этэ.
Бу кэпсиир түбэлтэм буолар түүнүгэр бары дьикти түүллэри түһээбиппит. Мин түүлбэр таба киирбитэ. Арай тыаттан тахсан кэллэ, онтон биһигиттэн үргэн, ханна эрэ сүүрэн хаалла. Мин ол табаны идэһэлээбэтэҕим эрээри, арай биирдэ өйдөөтөхпүнэ, сүрэҕин тутан туран, онтон кып-кыһыл минньигэс утаҕы иһэбин. Сарсыарда туран, “дьэ байар буоллум” дии санаатым. Аһыы олорон, ким тугу түһээбитин кэппсэттибит. Тетя Лена бокуонньук аҕатын түһээбит. Тугу эрэ кэпсии сатыыр үһү. Вадим тыатааҕыны түһээбит. Киниэхэ кэлээри гынан баран, эмиэ “мин табам“ курдук куотан хаалбыт. Бары дьикти түүллэр эбит диэт, тарҕаспыппыт.
Уоттан нэһиилэ быыһаныы
Ол күн мин атахпын аалларан, хаамар кыаҕым суоҕа. Ол иһин тетя Ленаҕа көмөҕө диэн хаалларбыттара. Лааҕырбытыгар иккиэбит эрэ. Уолаттарбын күндүлээри, пирог оҥорбутум. Табыллыбыт аҕай этэ. Аспын астыы сылдьан, арай тыа диэки көрбүтүм, ыраах хоп-хойуу хара буруо көһүннэ. Тулата араҕастыҥы өҥнөөх курдук. “Туох дьикти көстүүтэй?” диэн куттана санаатым. Рациянан “Якутлесресурс” салайааччытыгар эрийдим уонна тугу көрбүппүн кэпсээтим. Онно киһим: “Ити аата уот эһиги туһаайыыгытынан иһэр. РЛО-ҕун уунан толорон бэлэмнээ, лаппааккыгын аттыгар илдьэ сырыт. Биһиги эһигиттэн олох ыраахпыт. Уматыгы күөлгэ киллэр”, — диэн сорудахтаата. Мин тетя Ленаҕа бакыат туттаран баран, “сыаналаах маллары, төлөпүөннэри, кумааһынньыктары барытын манна ук уонна күөлгэ тиийэн тур” диэн эттим. Бэйэм алта ранецпар толору уу кутан бэлэмнээтим. Эмискэ күүстээх баҕайы тыал уһууран кэллэ. Арай көрбүтүм, үөһэнэн тииттэри сиэн сүүнэ улахан уот тигинэтэн иһэр эбит ээ. Мин тетя Ленаттан “базабыт умайыыһы, сатаан харбыыгын дуо?” диэн хаһыытаатым. Ыксал буоллаҕына, күөлгэ киирэн быыһанаары. Киһим сатаан харбаабат буолан биэрдэ. Мин тимирбэт гына, онтон тутуһарга бэрэбинэ булан биэрдим. Дьолго, чугас сытар эбит. Быһааран биэрдим. Ол быыһыгар ранецтарбын күөлгэ чугаһатар аакка бардым. Сөтөллө-сөтөллө соһо сатыыбын. Ханнык эрэ түгэҥҥэ төбөм эргийэн, өйбүн сүтэрэн ылбыт курдук буоллум. Итиитэ диибин диэн. Киһи тыына хаайтарар. Бүтэһик ранецпын ыла бараары гыммытым, 11 лиитэрэ толору уулаах РЛО көрөн турдахпына ууллан хаалла! Арай тыа диэкиттэн Мишалаах Вадим сүүрэн кэллилэр. Кинилэри көрөн наһаа үөрдүм. Ол быыһыгар тетя Ленабыт “балаакканы соһон аҕалыҥ!” диэн хаһыытыыр. Мин ыксалга, тыыннаах эрэ хаалларбын диэн санаалаах киһи, балаакка туһунан санаа олох да суох. Уолаттар сүүрэн кэлэн балаакканы соһон бардылар. Мин куотан хаалыам дуо, кинилэргэ көмө буолан, нэһиилэ соһон күөлгэ аҕаллыбыт. Көрөн турдахпытына, хоно сылдьыбыт үүтээммит умайан хаалла, дьиэ иһигэр эстии бөҕө буолла. Кэлин билбиппит, биһигини кытта сылдьыбыт сирдьит оҕонньор онно саатын хаалларбыт эбит. Биһиги саа баарын хантан билиэхпитий? Кэлин тетя Ленабытыгар балаакканы соһон аҕалыҥ диэбитигэр махтанныбыт аҕай. Ыксал буолбутугар туох баар наадалаах диэбитин, иһити-хомуоһу кытта барытын балааккаҕа быраҕахпыт эбит. Инньэ гынан төлөпүөммүтүн иитэр зарядкаларбыт, уруһаахтарбытыгар сылдьар дьиэлэрбит күлүүстэрэ курдук сыаналаах малларбыт “тыыннаах” ордубуттар. Ол иһин балааккабыт соһорго ыарахан баҕайы эбит. Саамай кылаабынайа, “МЧС-тар” биэрбит 350 тыһыынча солкуобайдаах спутниковай төлөпүөннэрэ быыһаммыт!
“Тыыннаах диэн күндү да эбит!”
Бу түбэлтэ кэнниттэн мин олохпор сыһыаным тосту уларыйбыта. “Тыыннаах диэн күндү да эбит!” диэн санааттан, бэйэм хас биирдии ылынар сорукпар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар буолбутум.
Кылаабынайа, бэйэбэр эрэлим улааппыта. Ити түбэлтэ кэнниттэн үгүспүт дьиэбитигэр төннүбүппүт. Доруобуйам айгыраан, “таах сибиэ кэлэн…” диэн санаа кылам гынан ылбыта. Даачабар кэлээт, сылайбыппын дьэ билбитим уонна тугу да билбэккэ утуйан хаалбытым. Уон хонуохтаах дьон биэс хоммуппут. Икки нэдиэлэттэн ордук буолан баран, уоту кытта охсуһа барар санаа эмиэ киирбитэ. Ити биэс хонугум аны олох атыннык көстүбүтэ. “Уоту кытта бохсорго итиччэ уопутуран баран, таах сытыам дуо, мин курдук улахан уоту көрбүт дьон хайаан да наадалар” диэн санааттан эмиэ ыстаапка тиийбитим…
… Ити курдук, волонтер Артем Слепцов баҕа өттүнэн баһаарга сылдьыбытын кэпсээбитэ киинэ хартыынатын курдук көстөн ааста. Кини Горнай Солоҕонугар иккис сырыыта – ол туспа кэпсээн.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.