Ойуур баһаарын умуруорууга олохтоохтор турунан кытталлар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дмитрий Садовников ойуур баһаарын умуруорууга тыа сирин олохтоохторо турунан туран кытталларын бэлиэтээтэ, кинилэргэ махтанна.

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Бүлүү бөлөх улуустарга тыа баһаарын умулларыыга олохтоох нэһилиэнньэ күүскэ турунан кыттыытын эттэ, түүннэри-күнүстэри үлэлии сылдьар дьону бэлиэтээтэ, махтанна диэн СИА суруйар.
«Эрэгийиэн уонна федеральнай салалта бииргэ үлэлээһиннэринэн, Приморьеттан 120 киһи, Хабаровскайтан 60 киһи көмөҕө кэлэрин күүтэбит. Бүгүн бастакы бөлөх Ньурба, иккис бөлөх Үөһээ Бүлүү улуустарыгар үлэлиэхтэрэ диэн ыстаапка быһаарыы ылылынна. Бастакы бөлөх Мииринэйгэ кэлиэҕэ — бүгүн суһаллык аҕалар туһунан быһаарылынна, иккис бөлөх Дьокуускайга кэлэн баран Үөһээ Бүлүүгэ тиийиэҕэ.
«Манна даҕатан эттэххэ, ойуур уотун умуруорууга эрэгийиэн да, олохтоох нэһилиэнньэ да күүскэ үлэлии сылдьаллар. Мин бастатан туран, олохтоох нэһилиэнньэҕэ уонна күнүстэри-түүннэри баһаары умуруорууга сыралаһа сылдьар дьоҥҥо махтал тылбын тиэрдиэхпин баҕарабын» , — диэтэ Дмитрий Садовников.
Кини Бүлүү бөлөх улуустарга ойуур баһаарынан балаһыанньа уустугун эттэ. Бүгүн, бэс ыйын 6 күнүгэр, суһал ыстаап быһаарыытынан, БЕ-200 самолет-амфибия Сунтаар улууһун сиригэр-уотугар үлэлиэ, оттон Ми-8 бөртөлүөт — Ньурба улууһугар.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0