Ойуур баһаарын умулларыыга 612 киһи үлэлиир

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кэнники хонукка аҕыс ойуур баһаара умуруорулунна.

Сунтаарга, Нерюнгригэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Томпоҕо, Өлөөҥҥө, Өлүөхүмэҕэ, Алдаҥҥа 6 910 га сиринэн тайаабыт аҕыс ойуур баһаарын умуруордулар.

Оттон салгын аалын уонна космостан кэтээн көрүү түмүгүнэн, биир хонук иһигэр Өлүөхүмэ, Нерюнгри, Алдан, Мииринэй, Уус Маайа, Эдьигээн, Өлөөн оройуоннарыгар барыта 27 ойуур баһаарын буллулар. «Өлүөнэ туруук хайалара» национальнай паарка сиригэр-уотугар эмиэ икки баһаар баара бэлиэтэммит.

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 38 568,5 га иэннээх сиринэн уопсайа 77 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. 33 Нерюнгри оройуонугар, 19 – Алдаҥҥа, 6 – Уус Маайаҕа, биэстии – Мииринэйгэ уонна Өлөөҥҥө, 3 – Ленскэй оройуонугар, иккилии – Өлүөхүмэ уонна «Өлүөнэ туруук хайалара» национальнай паарка сиригэр-уотугар, биирдии – Чурапчы уонна Амма оройуоннарыгар.

«Нерюнгри уонна Алдан оройуоннарыгар  этиҥ элбэҕиттэн ыраах уонна уустук суоллаа-иистээх сирдэргэ күннэтэ ойуур баһаардара тахсаллара кутталлаах«, — диэн брифиҥҥэ СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев эттэ.

8 553,5 га иэннээх сиринэн 21 ойуур баһаарын умуруорууга үлэ ыытыллар, ол иһигэр биэс баһаар ыраах уонна уустук суоллаах-иистээх хонтуруолланар сиргэ-уокка баара ыйыллар.

Алдаҥҥа, Ленскэйгэ, Уус Маайаҕа 36 га иэннээх сиргэ биэс ойуур баһаара бохсуллубут. Уоту умуруорууга 612 киһи, 27 тиэхиньикэ үлэлиир. «Циклон» зондировщик үлэтин салгыыр. Күн иккис аҥаарыгар Алдаҥҥа уонна Нерюнгрига ардаҕы ыҥырарга үлэ ыытыллыа.

Сааскыттан ойуур пуондатын сиригэр-уотугар 122 222,1 га иэннээх сиринэн 274 баһаар бэлиэтэммит. Былырыын баччаларга 988 680,37 га иэннээх сиргэ 853 ойуур баһаара бэлиэтэнэн турар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0