Ойуур баһаарын умулларыыга 486 киһи үлэлиир

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, от ыйын 9 күнүнээҕи иһитиннэриинэн, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 13 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 4 130 га) умуруоруллубут. Бу Нерюнгри, Хаҥалас, Уус Маайа, Амма, Мэҥэ Хаҥалас оройуоннарыгар.

Барыта 51 992 га иэннээх сиринэн 77 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Итинтэн 13 га иэннээх сиринэн икки ойуур баһаара ураты харыстанар сиргэ-уокка (Чурапчыга-1, Мэҥэ Хаҥаласка -2, Томпоҕо-2, Мииринэйгэ — 3, Өлөөҥҥө -4, Уус Маайаҕа -16, Алдаҥҥа-20, Нерюнгригэ -27, «Өлүөнэ очуостара» национальнай пааркаҕа — 2) уонна 1 ландшафтнай баһаар (уопсай иэнэ 91 га) Өймөкөөҥҥө буолара ыйыллар. Былырыын бу кэмҥэ 323 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 1 127 228,1 га) бэлиэтэнэн турар.

Билигин 13 ойуур баһаарын (6 258 уопсай иэнэ) Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нерюнгри, Өймөкөөн, Өлөөн, Томпо, Чурапчы, Уус Маайа оройуоннарыгар уонна «Өлүөнэ очуостара» НП сиригэр-уотугар умуруорууга үлэлэһэллэр.

Түөрт ойуур баһаара (уопсай иэнэ 194 га) Мэҥэ Хаҥаласка, Чурапчыга уонна икки «Өлүөнэ очуостара» НП сиригэр-уотугар бохсуллубут.

Биэс ойуур баһаара (уопсай иэнэ 528,5 га) Уус Маайа уонна Алдан оройуоннарыгар булуллубут.

Ойуур баһаарын умулларыыга 486 киһи үлэлии сылдьар. Итинтэн 353 парашютнай-десантнай сулууспа үлэһиттэрэ, 102 ойуур баһаарын утары охсуһар сулууспа сотрудниктара, олохтоох нэһилиэнньэттэн 31 киһи бэйэлэрин баҕаларынан көмөлөһөллөр. 29 тиэхиньикэ үлэлиир.

СӨ Айылҕа харыстабылыгар министиэристибэ Дьокуускай куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын ойуурга баһаартан сэрэхтээх буоларга сүбэлиир. Ойуурга уоту көрдөххүтүнэ эрэгийиэннээҕи диспетчергэ 8-4112-44-74-76, эбэтэр ойуур харыстабылын лиинийэтигэр 8-800-100-94-00 нүөмэрдэргэ эрийиҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0