Ойуур баһаарын кытта охсуһааччы — Николай Копырин

Ааптар: 
06.04.2021
Бөлөххө киир:

Кырачаан Коля оҕо сылдьан табаарыһын кытта хаһыаттан парашют оҥостон ыстана оонньууллара. Үрдүккэ ыттартан куттаммат уолчаан кыра сааһыттан илиитигэр олус күүстээх эбит. Оннооҕор кыра сылдьан пластилинныырыгар ыскаап үрдүгэр ыттан тахсан оонньуур идэлээх эбит. Түөрт саастааҕар саҥа тутулла турар дьиэ кырыыһата тэлгэнэ илигинэ, кырыыһа туруохтаах атахтарынан хатаастан саамай чыпчаалга тахсан дьонун улаханнык куттаабыттаах.

Хата, дьоно аймаммакка, оҕону соһуппакка, албыннаан нэһиилэ аллараа түһэрбиттэр. Онон кыра сааһыттан үөһэ ытта үөрэммит Коля кэлин хаһыаттан оҥоһуллубут буолбакка, дьиҥнээх парашютунан үгүстүк ыстанан ойуур баһаарын утары охсуһар төһүү үлэһит буола үүммүтэ. Ол курдук, ойуур баһаарын утары үлэлиир «Авиалесоохрана” тэрилтэ Дьокуускайдааҕы авиасалаатыгар кэтээччи-лүөччүгүнэн үлэлиир Николай Копыринныын бүгүн сэһэргэстим. Кини Уус Алдан улууһун Бороҕонуттан төрүттээх.

АЙЫЛҔА МИИГИН ӨРҮҮ УГУЙАРА

Оҕо эрдэхпинэ аҕам саас, күһүн куска хайаан да илдьэ барара. Онон булт абылаҥын кэрэ эйгэтин оҕо эрдэхпиттэн билэбин. Хомойуох иһин, аҕам барахсан эрдэ бу олохтон барбыта. Билигин бэйэм ыал аҕатабын. Бастаан үлэлээн саҕалыырбар кэргэним кыра оҕолорун кытта бэйэтэ хааларын ыарырҕатар этэ, кэлин үөрэнэн, баһаар бириэмэтигэр оҕолорбутун илдьэ дойдутугар Аммаҕа тахсар буолбута. Тыа сиригэр үөскээбит-улааппыт киһи буоламмын, айылҕаҕа сыстаҕас этим. Айылҕаҕа сылдьарбын туохтааҕар да ордоробун. Ол мин эрэ буолбакка, бүтүн саха эр дьоно булка-алка үлүһүйэн айылҕаҕа сылдьалларын сөбүлүүллэриттэн буолара саарбаҕа суох. Айылҕаҕа сылдьыы киһиэхэ күүһү-сэниэни уонна сынньалаҥы биэрэр. Ол да иһин айылҕа барахсан уокка былдьанарын саҕа иэдээн суох дии саныыбын. Билигин мин сайын ахсын айылҕаҕа сынньана буолбакка, айылҕаны өрүһүйэ үлэлиир дьонтон биирдэстэрэ буолабын.

АН-2 CӨМӨЛҮӨККЭ БАСТАКЫБЫН ОЛОРСУБУТУМ

Мин бу эйгэҕэ 2011 сыл­лаахха сыстыбытым. Ол сыл хантараагынан сайыҥҥы кэмҥэ үлэҕэ киирбитим, ити кэмҥэ үгүс улуустарга күүстээх уот турбута. Олортон Алданы уонна Уус Маайаны өйдөөн хаалбыппын. Алдаҥҥа айанныырбытыгар аан бастакыбын АН-2 сөмөлүөккэ олорсубутум. Уот дэриэбинэҕэ чугаһаан эрэрин умулларбыппыт. Дьэ, кытаанах, күүстээх үлэ онно буолбута. Уу-хаар ырааҕа, мы­­рааны түһүү-тахсыы, барытын илиинэн үлэлээбиппит. Ити күһүн Саха сиригэр баһаар тохтообутун кэннэ Читаҕа, Забайкальеҕа дуогабарынан баһаарга үлэлээбитим. 2012 сыллаахха Саҥа дьыл кэнниттэн бастайааннай үлэҕэ ылбыттара. Ол саас парашютист-баһаарынай идэтигэр үөрэммитим. Этэҥҥэ парашютиһынан үлэлээбитим. Ол кэннэ инструктор буоларга үөрэппиттэрэ. 2013 сыллаахха бэйэбэр парашютнай бөлөҕү туттарбыттара. 2016 сыллаахха Москва куорат аннынааҕы Пушкино диэн куоракка кэтээччи-лүөччүккэ үөрэммитим. Онтон ыла күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сылдьабын.

ҮЛЭ ТҮГЭННЭРИТТЭН

Үлэлии сырыттахха, араас быһыы-майгы тахсааччы. Ол курдук, Горнай улууһугар ба­­һаарга үлэлии сырыттахпытына, ыксаллаах түгэн буолан ылбыта. Табор диэн биһиги малбыт-салбыт, аспыт-үөлбүт ууруллар сирин ааттыыбыт. Таборга ха­­йаан да биир киһи хаалар. Ол курдук арай ойуур баһаарын умуллара сырыттахпытына, тыалбыт хайысхата улары­йан, уоппут аны кэтэхпититтэн барда. Ол эрги­йэн кэлэн таборбытын былдьыы сыһан турардаах. Хата, онно кэтээччинэн хаалбыт уолбут сүүрэн кэлэн тыллаан, чугас соҕус сылдьар буоламмыт уонна ол базаламмыт сирбит тула кырыһы хаспыт буоламмыт, былдьаппатахпыт. Туох да көстүбэт гына ыыс-быдаан буруо быыһынан сири сыллаан тыын ыла-ыла өрүһүйэн турардаахпыт.

Биирдэ Кэбээйигэ Сангаарга үлэлээн баран киэһэ аһыы олорон биир уолбут баулларбытыттан килиэп ыла барда. Арай сирэйэ кубарыйан, саҥата иһиттэн тахсыбат буолан кэллэ. Ыйыттахха саҥарбат. Бауллары эрэ ыйар. Өйдөөн көрбүппүт, килиэптээх баулларбыт таһыгар тыатааҕы сылдьар эбит. Ону ыбылы хаһыытаан, иһити-хомуоһу тыаһатан кыйдаабыппыт. Дьэ, итинник араас түгэннэр буолаллар. Ол да буоллар, үлэбит олус умсугутуулаах. Баһаарынай буоларга киһиттэн саамай сүрүнэ, эппиэтинэстээх уонна хоһуун буолуу ирдэнэр. Ыксаллаах быһыыга-майгыга уолуйбакка, холкутук түргэн быһаарыныыны ылыныы уонна дьону кытта уопсай тылы булуу бу идэҕэ ирдэнэр сүрүн хаачыстыба дии саныыбын.

КЭЛЭР САЙЫН БИЛГЭТЭ

Биһиги үлэбит сүрүн сүнньүнэн ойуур баһаарын утары үлэ буолар. Сайыҥҥы өттүгэр ойууру баһаартан харыстааһын уонна кэтээн көрөөһүн буолар. Биһиги үлэлиир салаабытыгар уопсайа 26-быт. Үс кэтээн көрөр лүөччүк, 18 парашютунан түһэр баһаарынай уонна биэс десантник баһаарынай. Сайын ахсын дуогабарынан ханта­раак түһэрсэн эбии байыастары ылан үлэлэтэбит. Кыһыҥҥы өттүгэр ойуур баһаарын утары үлэҕэ бэлэмнэнэбит. Байыастарбыт билиилэрин бөҕөргөтөр сорук­таах үөрэнэн эксээмэн туттараллар. Экзээмэни туттарбыт киһи көҥүл ылар. Барытын этэҥҥэ ааспыт киһи быраактыкаҕа барар. Вышка тренажертан быанан түһэллэр, онтон бөртөлүөттэн оннук түһэллэр, салгыы парашютунан ыстана бараллар, ба­­һаартан сэрэхтээх буолуу кэмэ саҕаланыан аҕай иннинэ ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин уонна ЫБМ-нары кытта муус устар бүтүүтэ анал үөрэххэ ба­­рааччыбыт. Дьэ, онно тиийэн баһаарга туттуллар тэриллэрбитин бэлэмниибит, оҥостобут, үөрэх быһыытынан уматыллыбыт уоту умулларабыт.

Кэлэр сайын эмиэ кураан сайын буолуо диэн сабаҕалыыллар. Ордук ханнык оройуоннарга ойуур баһаара туруон сөбүн киһи сатаан билгэлээбэт. Биһиги тэрилтэбитигэр бөртөлүөт да, сөмөлүөт да суох. “Полярные авиалинии” авиахампаанньаттан бөртөлүөтү арендаҕа ылан Маҕан пуордуттан көтөбүт.

Ульяна Захарова.

Хаартыскалар — дьоруой архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0