Ойуур баһаарыгар биир күн

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
Ийэ айылҕабытын быыһыыр туһуттан эр хоһууттарбыт күннэтэ уоту кытта охсуһаллар. Бэҕэһээ  Кириэстээх — Куокуну икки ардыгар Бэкэй диэн сир баһаарыгар сылдьан, илэ харахпынан туох-ханнык үлэ барарын көрдүм. Эр дьоннорбут оту, дьиэ кэргэни умнан,  үлэлии-хамныы сылдьалларыттан киэн тутуннум.
Сорох дьон алтыс баһаардарыгар сылдьаллара сөхтөрдө. Ону таһынан, бу баһаарга хамаанда бэркэ дьаһанан үлэлиирэ биллэр.  «Сунтаравтодор» (Тимур Ордахов) бульдозер көмөлөһөннөр баһаары алтыс күнүгэр төгүрүттүлэр, ону кытта улуус дьаһалтата күүскэ үлэлээн, көтөр аал кэлэн уу кутан бохсулунна. Билигин манааһын, уот салгыы барбатын кыйыалааһын үлэтэ күүскэ барар. Бэҕэһээҥҥи туругунан Куокунуттан 19, Кириэстээхтэн 20 киһи үлэлии сылдьар, ол иһигэр Кириэстээх, Куокуну, Туойдаах баһылыктара уонна РСДЮСШОР үс үлэһиттэрэ. Баһаар кэмигэр түөлбэ дьахталлара ас астаан, дьуһуурустубанан кэлэн аһатан бараллар эбит, ону кытта Куокуну дьоно харчы кыттыһан 130.000 солк. рация ылыммыттар. Дьэ, ити курдук күүстээх үлэ хас биирдии баһаардаах нэһилиэккэ барар.
Сунтаартан Мария Кобельянова-Тускулаана
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0